Муус устар 9-10 күннэригэр Дьокуускайга “БАСХАН-2024” IV өрөспүүбүлүкэтээҕи (дьыалабыай оонньуу) күрэс үрдүк тэрээһиннээхтик ыытыллыбыта.
Күрэскэ барыта 13 улуустан 15 кыттааччы күөн көрсөн өйдөрүн-санааларын, киэҥ билиилэрин-көрүүлэрин тургутан көрдүлэр. Ол курдук Нам, Сунтаар, Амма, Томпо, Горнай, Кэбээйи, Чурапчы, Муома, Мэҥэ Хаҥалас, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Анаабыр улуустарыттан, Дьокуускай куораттан өрөспүүбүбүкэтээҕи лиссиэй-интэринээттэн кыттыыны ылбыттара.
Күрэс биэс түһүмэҕинэн ыытыллыбыта: «Удьуор утума», «Дойду салайааччылара мин тус бэйэм көрүүбүнэн», «Өркөнөй» – ыйытыктарга хоруй, «Мөккүөр» (дебат) уонна «Айыы умсулҕана» талан ылбыт хоһоону ситэрии.
Биэс түһүмэҕи ситиһиилээхтик ааһан, биһиги гимназиябыт Х кылааһын үөрэнээччитэ Андрей Степанов КЫЛААН кыайыылаах аатын ылбыта.
Андрейы кытта көрсөн, күрэс хайдах ааспытын, хайдах кыттыбытын туһунан ыйыталастыбыт, истиҥник сэһэргэстибит https://t.me/keskil_media2020/10424
Ыытааччы Ярослав Саввин;
оператор Винея Барашкова; ассистент: Ангелина Слепцова
VIII кылаас, С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын медиа-киинэ