Биһиги аанньалбыт
Ийэ – күн сиригэр саамай күндү киһи. Ийэ баар буолан, биһиги баарбыт. Ийэ диэн тылтан минньигэс тыл суох. Бу биһиги аан маҥнай саҥарар тылбыт буолар.
Мин ийэбин олус күүскэ таптыыбын, убаастыыбын. Бурцева Светлана Михайловна диэн. Кини улуу нуучча тылын үөрэтэр. Биһиги бииргэ төрөөбүт төрдүөбүт: икки уол, икки кыыс. Ийэбит биһиги үтүө дьон буоларбытыгар бары сыратын, кыһамньытын уурар. Кини күн курдук сырдык мичээрдээх, сылааһынан угуттуур сымнаҕас илиилээх. Ийэм ардыгар хомойор, санааргыыр, оччоҕо мин эмиэ хомойобун. Кинини уоскутар туох эрэ үчүгэй тылы этиэхпин баҕарабын. Ийэбит таптала биһигини куруутун арыаллыыр. Кини тапталынан кынаттанан, бэйэбин олус дьоллооҕунан ааҕынабын. Кини куруук эдэр, кыраһыабай, дьоллоох уонна доруобай буолуон баҕарабын.
Ийэҕитин хомотумаҥ,
Олоҕун устатыгар,
Ийэҕитин харыстаан,
Күн сирин үрдүгэр.
Нарыйа Бурцева.
Өрүү көмөлөһөр, атаахтатар
Мин ийэм – саамай үчүгэй киһи. Ийэм биһиэхэ өрүү көмөлөһөр. Онно-манна кыттарбытыгар, учууталлары кытта бииргэ үлэлиир. Уһун баҕайы олонхону үөрэтэбит. Ону ийэбит куруутун ыйыта сылдьар. Ол иһин эдьиийим Светалыын түргэнник нойосуус өйдүүбүт. Аны олоҥхолуур таҥаспытын тигэр.
Ийэм олус минньигэстик астыыр. Доруобуйабыт тубустун диэн, үрүҥ аһынан аһатар. Суораты, күөрчэҕи быспакка сиибит.
Биһиги бииргэ төрөөбүт бэһиэбит. Мин саамай кыраларабын, ол иһин ийэм атаахтатар. Күн аайы мип-минньигэстик сыллыы сылдьар. Биһиги үөрдэхпитинэ — үөрэр, хомойдохпутуна — хомойор. Ийэбит Мария Семеновна соторутааҕыта ийэлэр куонкурустарыгар кыттан, маҥнайгы миэстэни ылла. Биһиги наһаа үөдүбүт, ийэбитинэн киэн тутуннубут.
Снежана Бурцева.
Эйигин хайҕаатахтарына, эйигиннээҕэр ордук үөрэр
Ийэ диэн киһиэхэ саамай күндү киһи. Ийэни убаастыахха, кини тылын истиэххэ наада. Кини эйигин төрөппүтэ, сырдык, ыраас, киэҥ сири көрдөрбүтэ.
Ийэ эйигин элбэххэ үөрэтэр, иитэр-аһатар. Эн үчүгэй киһи буолан тахсаргар көмөлөһөр. Куһаҕан сыананы ыллаххына, кини олус хомойор. Эйигин хайҕаатахтарына, кини эйигиннээҕэр ордук үөрэр. Ол иһин ийэҥ сүрэҕин хаһан да хомотума.
Анита Старостина.
Биһиги туспутугар түбүгүрэр
Ийэ — олоххо бастакы хардыыбытыгар көмөлөспүт киһи. Ыарахан түгэҥҥэ куруутун сүбэ-ама буолар. Ийэ баар буолан, биһиги дьоллоохпут, оҕо саас кэрэ кэмин билэбит. Кини биһиги туспутугар түбүгүрэр. Сүрэҕин сылааһын сыһыаран астаабыт минньигэс аһын сыта дьиэни биир гына дыргыйар. Хомойдоххуна-хоргуттаххына, сылаас түөһүгэр сыһыары тутан сыллаан ылыаҕа. Оччоҕо барыта ааһар, тулан сырдыы түһэр.
Соня Бурцева.
Аттыбар баар буоллун
Мин ийэм аата Анна Васильевна диэн. Кини оскуолаҕа сиэстэрэнэн үлэлиир. Ийэбит олус элбэх үлэлээх. Ол да буоллар, биһиэхэ куруутун көмөлөһөр. Уруокпутун ааҕарбытыгар сүбэлиир, дьон ортотугар хайдах сылдьары үөрэтэр. Мин киниэхэ эмиэ көмөлөһөбүн: мас кыстыыбын, уу киллэрэбин, балтыбын сааратабын. Ийэм куруук аттыбар баар буолуон баҕарабын. Мин ийэбин олус таптыыбын.
Баир Бурцев.
“Саһарҕа” пост эдкордара,
Эҥэ, Дьааҥы.