Анал байыаннай дьайыыга сылдьар дьоммут дьиэ кэргэттэригэр өйөбүл, көмө буолуу биир инники турар сорукпут буолар.
Ол курдук, биһиги нэһилиэкпититтэн аҕалара барбыт икки ыалга араас көрүҥнээх көмө кэмигэр оҥоһуллар: муус ылыыта, хаар күрдьүүтэ, от-мас бэлэмнээһинэ о.д.а.
Онтон бу күннэргэ Е.И. Алексеев салайааччылаах Күүкэй орто оскуолатын эр дьоно уонна нэһилиэк ууһа Р.Р. Колесов салайааччылаах ЖКХ улэһиттэрэ анал байыаннай дьайыыларга сылдьар оскуола үлэһитэ А.А. Харитонов дьиэ кэргэнин дьиэтин кыһыҥҥы тымныы күннэри аахсыбакка, кылгас кэм иһинэн киин ититэр систиэмэҕэ холбоотулар.
Бытархан тымныылаах Сахабыт сиригэр олорор дьиэ сылааһа — олохпут ирдэбилэ. Онон ыал кыра оҕолоро Саҥа дьылы бып-бырылас сылаас дьиэҕэ көрсүөхтэрэ диэн тэҥҥэ үөрэбит.
«Кустук» пресс киин эдкордара.
Күүкэй, Сунтаар