Уопсастыба доруобуйатын уонна медицинскэй профилактика өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрилтэтин 11 бырааһа, 3 медицинскэй персонала “Арктикатааҕы мобильнай медицина” бырайыагынан Анаабыр улууһугар үлэлии кэллилэр.
Мобильнай биригээдэни үрдүк категориялаах терапевт-быраас Изольда Васильевна Алексеева салайар.
– Быраастар ыам ыйын 14-20 күннэригэр Сааскылаахха, ыам ыйын 21-23 күннэригэр Үрүҥ Хайаҕа үлэлиэхтэрэ. Мобильнай биригээдэ састаабыгар терапевт, кардиолог, акушер, гинеколог, офтальмолог, УЗИ, эндокринолог, невролог, лор, ортопед, окулист, уролог, пульманолог быраастар бааллар. Олохтоохтор миэстэтигэр ИХА, гепатит, СПИД, ВИЧ, туберкулез, гормон, онкомаркер, биохимия курдук анализтар көрүҥнэрин туттарыахтарын сөп, – диэн кэпсиир биригээдэ медицинскэй статистига Степанида Владимировна Трофимова.
“Өрөспүүбүлүкэтээҕи мобильнай биригээдэ киинэ” бырайыак 2023 сыл олунньу ый 2 күнүттэн Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев көҕүлээһининэн тэриллэн үлэлиир.
Биһиги Анаабырбыт улууһугар мобильнай биригээдэ иккис сырыытын кэллэ. Онон улууспут олохтоохторо доруобуйаларын толору көрдөрүнэр кыахтаахтар.
Алена КОРКИНА, VIII кылаас, «Алмаас» медиа киин юнкора,
Сааскылаах орто оскуолата, Анаабыр