Анаабыр долган-эбэҥки национальнай улууһа таба иитиитинэн дьарыктанар. Үрүҥ Хайа орто оскуолата агро хайысхалаах буолан, таба иитиитин ымпыгын-чымпыгын оҕолор кыра кылаастан саҕалаан билэ-көрө улааталлар.
Анаабыр Герой табаһыта
Илья Константинович Спиридонов 1913 сыллаахха Анаабыр туундаратыгар төрөөбүтэ. Кини кыратыттан табалары таптыы улааппыта.
1946 сыллаахха 2 №-дээх ыстаада биригэдьииринэн анаабыттара. Кини биригэдьиирдээн саҕалаабытын кэннэ 2 №-дээх ыстаада табалара элбээбиттэрэ. Кини хоту дойду маанылдаах кыыла үксүүрүгэр улахан кылааттаах. Ону үрдүкүт сыаналаан, Илья Константиновичка 1957 с. алтынньы 1 күнүгэр Сэбиэскэй Союзка табаһыттартан маҥнайгынан Социалистическай Үлэ Геройун аатын иҥэрбиттэрэ. Геройбутунан киэн туттабыт.
Айаана Туприна, VIII кылаас,
Үрүҥ Хайа орто оскуолата, Анаабыр.
Табабыт элбии турдун!
Биһиэхэ, Анаабырга Үрүҥ Хайаҕа, сылын аайы табаһыттар күүтүүлээх бырааһынньыктара – «Сүлүөт» буолар. Онно сыарҕалаах, табалаах хайыһарынан, уучаҕынан сүүрдүү, спортивнай күрэхтэһиилэр, араас оонньуулар ыытыллаллар. Улахан дьон, оҕолор бары кыттабыт.
Мин кыра эрдэхпиттэн эбээлээх эһээбин кытта ыстаадаҕа сылдьар буоламмын, уучахха миинэ үөрүйэхпин. Сүлүөккэ уучаҕынан сүүрдүүгэ куруук кыттабын, бириистээх миэстэлэргэ тиксэбин.
Биһиги оскуолабыт агро хайысхалаах буоларын быһыытынан, хаһыс да сылын улахан кылаас оҕолоругар туспа күрэхтэһиилэр буолаллар. Онно маамыкта быраҕыыта, наартаны ыстаныы, сүүрүү, сыарҕанан, уучаҕынан сүүрдүүлэр буолаллар. Оҕолор тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталлар.
Иннкитин даҕаны бу көрүҥҥэ кыттар санаалаахпын. Таба сүүрдүүтэ, Сүлүөт буолар туралларыгар табабыт элбии турарыгар баҕарабын.
Сахая Заровняева, VIII кылаас,
Үрүҥ Хайа орто оскуолата, Анаабыр.
Таптыыр тугутум Кустук
Биһиги таба иитэр тэрилтэбит Үлэ Геройа Илья Константинович Спиридонов – Герой Ылдьаа аатын сүгэр. Мин кини хос-хос сиэнэ буолабын. Сайыҥҥы сынньалаҥмын төрөппүттэрбин кытта ыстаадаҕа атаарарбын туохтааҕар да сөбүлүүбүн.
Саас ыам ыйын бүтүүтэ «Буранынан» тыаҕа тахсабыт. Бастаан кыһыҥҥы болохторго олоробут. Онтон саһыырга көһөн киирдэхпитинэ, улахан болохторбутугар көһөбүт. Саһыыр диэн саас олорор сирбитин ааттыыбыт. Манна биир ый курдук олоробут. Бу кэмҥэ эр дьоннор сайын көһөр сыарҕаларын, харкаастарын, табаларын сэбиргэлин, кыһыҥҥы болохторун өрөмүөннүүллэр. Харкаас диэн сайыҥҥы муостата суох көһөр дьиэ. Ийэлэрбит, эдьиийдэрбит сайыҥҥы, кыһыҥҥы дьиэлэрин бүрүөһүнүн тигэллэр, иистэнэллэр.
Табалар төрөөн, тугуттара улааппытын кэннэ, от ыйын саҕана түөрт, биэс ыал буолан саһыырбытыттан харкааспытынан көһөбүт. Сайыҥҥы һуурпутугар үс күн өрүү-өрүү көһөн иһэбит. Оннук көһөн Лаптев муоратыгар тиийээччибит. Манна үрүҥ эһэ, овцебык, кырса, нерпа балык курдук сэдэх кыыллар, балыктар бааллар.
Аҕам сайын таба оҕотун – тугуту тутан биэрэр. Ону быанан сиэтэн, сымнатабын, киһи илиитигэр үөрэтэбин. Саамай улахан тугутум Кустук диэн ааттаах. Кини абылахаан таба. Ол аата быйыл үс сааһын туолар. Кустукпун наһаа таптыыбын, ахтабын. Ыстаадабар тахсаарыбын сайын буоларын олус күүтэбин.
Андриана Спиридонова, I «А» кылаас,
Үрүҥ Хайа орто оскуолата, Анаабыр.
Тыа оҕотун оонньуута
Мин төрөппүттэрим оҕо сылдьан сынньалаҥнарын кэмигэр тыаҕа тахсаллара. Туундараҕа оскуола оҕолоро төрөппүттэрин, таба ыстаадатын кытта көһө сылдьан таба муоһунан, туйаҕын уҥуоҕунан лаптаалыы оонньууллара. Биир кэрэхсэбиллээх аралдьыйар оонньуулара – кырса (тыа кутуйаҕын) тутан ылан, таба курдук көлүйэ оонньууллара.
Сайын болоһо, самыыр кэмигэр харкаас иһигэр мустан, кумааҕынан кырыллыбыт фигураларынан оонньууллара. Таба, сыарҕа, болох, каркаас оҥоһуктарын төрөппүттэр, улахан оҕолор кумааҕыттан кырыйан биэрэллэрэ. Кыра оҕолор күннээҕи тыа олоҕун үтүктэн оонньууллара: көһүү, сыарҕаланыы, таба тутуу, уучахтаныы. Хас баҕар оҕо оонньуур. Билигин кумааҕынан кырыллыбыт оҥоһуктарынан бөһүөлэккэ олорор оҕолор дьиэлэригэр, кылааска, куруһуокка оонньуохтарын, табаһыт көс олоҕун туһунан өйдөбүлү иҥэриниэхтэрин сөп.
Гриша Чуприн, I «А» кылааc,
Үрүҥ Хайа орто оскуолата, Анаабыр.
Боскуой таба
Табам бараксан,
Эн мин һирбэр күндүгүн.
Табам бараксан,
Эн миэкэ чугаскын.
Кап-кара туньактардаак,
Кап-кара карактардаак,
Боскуой да муостардаак,
Уһун һинньигэс атактардаак,
Араас өҥнөөк көп түүлээк,
Быһый да быһый
Эрэллээк көлөгүн.
Эньигин таптыыбын
Боскуойкаан табабын.
Куруутун актабын, һаныыбын
Канна да бардарбын.
Алена Арьянова, VI кылаас,
Үрүҥ Хайа орто оскуолата, Анаабыр.
Табачаан
Кып-кыра табачаан
Хап-хара харачаан,
Чэрэгэр кулгаахчаан
Тымныыттан чаҕыйбат,
Тоҥ хаартан толлубат,
Чоочугур туйахчаан,
Хотугу хоһуунчаан.
Туундара сиригэр
Үрүҥ түү мээчиктии
Көтүөлүүр, көрүлүүр,
Көҥүллүк көччүйэр.
София Туприна, VI «Б»,
Үрүҥ Хайа орто оскуолата, Анаабыр.
Таба
Туундара устун сүүрэр-көтөр
Туус маҥан табачаан.
Тулата үрүҥ хаарынан киэркэйэ
Тэнийэн сытар күлүмүрдүү.
Адаархай муостаах
Анаабырбыт маанылаах кыыла
Аанньал кэриэтэ эриэккэс,
Атас курдук эрэллээх.
Тыа сирин дьонугар-сэргэтигэр
Табабыт туһата элбэх.
Сиртэн сиргэ көһүүгэ
Техниканы барытын солбуйар .
Дарина Кипреева, VI кылаас,
Үрүҥ Хайа орто оскуолата, Анаабыр.
Бэлэмнээтэ Сардаана МАТВЕЕВА.