От ыйын 15 күнүттэн Камчатка кыраайыгар Бүтүн Арассыыйатааҕы эдэр туристар слёттара буола турар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбититтэн Амма улууһун эдэр туристарын станциятыттан 8 эдэр турист кытта сылдьар.
Саха сирин хамаандатын бэрэстэбиитэлэ Яна Алексеева, бу курдук, биһиэхэ сырдата.
«Слёт чэрчитинэн кыттааччылар 10 күн устата уопсайа 90 килэмиэтири сатыы хамыахтаахтар. Кэскил Нестерев хамандыырдаах, Григорий Дмитриевич Попов уонна Георгий Филиппович Алексеев салайааччылардаах Саха сирин хамаандата, маршруттарын икки хонугунан ситэн, түмүк точкаларыгар кэлбиттэрэ. Маршруттарын тухары хайалаах сирдэринэн балааккаларга хонон, бэйэлэрэ астанан, малларын сүгэ сырыттылар. Сарсын былаан быһыытынан базаҕа кэлиэхтээхтэр. Онтон салҕыы бэстибээл чааһа саҕаланыахтаах. Хамаанда кыттыылаахтара бары тус бэйэлэригэр дуоһунастаахтар, ол дуоһунастарынан күрэхтэһиэхтээхтэр. Сатыы хаамар кэмнэригэр күҥҥэ биирдэ сибээскэ тахсаллара. Сарсын базаҕа кэллэхтэринэ, сырыыларын туһунан сиһилии кэпсиэхтэрэ»
Эдэр туристар слёттарыгар 20 Арассыыйа регионнуттан уопсайа 230 хамаанда, ол эбэтэр, 260 тахса үөрэнээччи кыттыыны ылар. Хамаанда туристар базаларыгар кэллэҕинэ, сибээстэһэн сырыыларын туһунан сырдатыахпыт. Биһигинниин бииргэ буолуҥ.
keskil14.ru