Быйылгы үөрэх дьылыттан бары оскуолаларга «Разговоры о важном»-«Дьоһуннааҕы кэпсэтии» анал чаас үөрэх нэдиэлэтин бастакы күнүгэр ыытыллар буолбута. Бу саҥа хамсааһын оскуола эрэ иһигэр буолбакка нэһилиэк, улуус таһымыгар тахсар буолбута учууталларга көмөлөөх, туһалаах.
“Дэриэбинэ дьылҕата – норуот дьылҕата” бырайыак туһунан кэпсэтии өссө ааспыт сылга биһиги оскуолабыт Дьокууксайга «Сэргэлээх уоттара» култуура киинигэр үбүлүөйдээх кэнсиэрбит күнүгэр тэриллибит «төгүрүк остуолтан» саҕаламмыта. Онно «Тыа сиригэр бэйэ оӊорон таһаарыытын тэрийэр ыччаты иитии» диэн тиэмэҕэ кэпсэтии барбыта, кэскиллээх санаалар этиллибиттэрэ. Билиӊӊи бириэмэ5э нэһилиэктэргэ оҕо ахсаана сыллата кыччаан иһэрэ, тыа хаһаайыстыбатын улууһа буоларбыт быһыытынан, ыччат дойдутугар төннөн кэлэн, аныгы сайдыылаах технологиялары киллэрэн улэ миэстэтин таһаарар, переработканы сайыннарар боппуруоһа турар.
Соторутааҕыта Болугур оскуолатыгар Амма улууһун төрөппүттэригэр аналлаах семинар буолла. Дьокуускайтан суруйааччы, «Дэриэбинэ дьылҕата – норуот дьылҕата» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыак ааптара Гавриил Иннокентьевич Адамов кэлэн ыалдьыттаата.
Бүгүн үгүс-элбэх киһи тоҕуоруһан олорон, мындыр киһибит ыллыктаах тылын болҕойон иһиттэ, этиннэ. Улууспут баһылыга С.Н. Кузьмин, үөрэх управлениетын салайааччыта Ю.Е. Шишигин, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын специалиһа О.О. Егоров, Болугур нэһилиэгин баһылыга А.Н. Петров кыттыылаах киэӊ кэпсэтии таҕыста.
Гавриил Иннокентьевич сааһын тухары араас бырайыактары олоххо киллэрэр, дьарыктанар идэлээх. Амма улууһун төрөппүттэригэр үс бырайыагы кэпсээтэ: «Сахалыы тыыннаах эйгэни тэрийии», «Родословно-исторический образовательный центр «Төрүччү» уонна «Семейная агроусадьба». Бу бырайыактар ис хоһооннорун, чахчы бу бырайыактарынан дьиҥ үлэлиир тэрилтэлэри уонна биирдиилээн хаһаайыстыбалары сырдатта. Гавриил Иннокентьевич «бэйэҕит аскытын оӊостуӊ, үүннэриӊ, тэнитиӊ» диэн санааны иӊэрэр, «бэйэҕитигэр эрэниӊ, ис кыаххытын арыйыӊ, күүскүтүгэр итэҕэйиӊ» диэн олохтоохтук ыӊырда. «Оҕолоргутун кытта кэпсэтиӊ, илдьэ сылдьыӊ, алтыһыӊ, оҕо киһиэхэ саамай сүрүнэ буолар, сатаан табан ииттэххитинэ, дьоллоохтук кырдьыаххыт» диэн тоһоҕолоон эттэ.
Төрөппүттэр, салайааччылар бэркэ болҕойон сэӊээрдилэр. Интэриэһиргиир ыйытыыларыгар киэӊ ис хоһоонноох хоруйдары иһиттилэр.
Күн иккис аӊарыттан Дальневосточнай гектарынан Болугурга куораттан кэлэн олохсуйбут Нелли Протодьяконованы кытта бэрт интэриэһинэй кэпсэтии салҕанна. Нелли – лайф-коуч, оҕону, улахан да дьону тарбаҕын ойуутунан инникитин ырыӊалыыр, уйулҕа үөрэхтээх бэрт сэргэх киһи. Ыраахтан олорон онлайн үлэлиир. Биир да билэр киһитэ суох соҕотоҕун көһөн кэлэн, Амма өрүс үрдүгэр дьиэ туттан олохсуйда. Коза, куурусса, кролик иитэр. Өссө даҕаны хаһаайыстыбатын кэӊэтэр, дириӊэтэр былааннаах. Мустубут төрөппүттэргэ тыа сиригэр олохсуйуу бастыӊ опытын тарҕатта.
Санаа үллэстиитигэр Эмис нэһилиэгиттэн кэлбит 8 оҕолоох, 20 сүөһүлээх ийэ Анастасия Степанова Россия таһымнаах сүүрүк, марафонец уонна норуот маастара бэйэтин дьиэ кэргэнин, оҕолорун тэӊӊэ илдьэ сылдьан үлэнэн иитэллэрин кэпсээтэ.
Кэпсэтии түмүгүнэн улууска агротехнологическай кылаас арыйан, 10-14 оҕону мунньан үөрэтэн, дойдуларыгар төннөн кэлэн, бэйэ оӊорон таһаарыытын, переработканы тэрийэр ыччаты иитэри, хаһаайыстыба тэринэн, үлэ миэстэтэ арыйан дэриэбинэ салгыы сайдарыгар улахан хамсааһын тахсыа этэ диэн түмүккэ кэллилэр. Бу кылааска 4 предмети: биологияны, химияны, физиканы, математиканы дириӊэтэн үөрэтиллэр.
Улуус оскуолалара, кэлбит ыалдьыттар Болугур оскуолата бу маннык тэрээһини оӊорбутугар махтанна, «дьэ, кырдьык актуальнай кыһалҕаны көтөхтүгүт, төрөппүттэр олус астынан бардыбыт» диэн санааларын эттилэр.
Онон, улууспутугар агротехнологическай хайысхалаах кылааста аһыаҕыӊ, үүнэр ыччаппытын сир хаһаайына буолан, икки атаҕар бигэтик турарыгар күүс-көмө, ньыма буолуоҕуӊ.
Татьяна ПЕТРОВА, саха тылын уонна литературатын учуутала,
Е.Е. Пахомов аатынан Болугур орто оскуолата, Амма.