Амма улууһун Чапчылҕан оскуолатын дириэктэрэ Дмитрий Давыдов «Костёр на ветру» киинэтэ соһуччу көһүппэтэх өттүттэн дьоллоох дьылҕаламмыта. Ол курдук, биир сыл иһигэр Чебоксарыга уонна тас дойдулар араас фестивалларыгар ситиһиилээхтик кыттыбыта, Дьокуускайга норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ фестивалыгар 2017 сыллаахха эмиэ билиниини ылбыта, «Кыһыл көмүс хаар ачыкыны» дьоһуннук туппута. Соторутааҕыта «Нет бога кроме меня»-«Ийэкээм» диэн режиссер Дмитрий Давыдов иккис киинэтэ көрөөччү дьүүлүгэр таҕыста.
Атырдьах ыйын 2-8 күннэригэр Выборг куоракка ыытыллыбыт «Окно в Европу» диэн ХХVII Россиятааҕы фестивальга «За лучшую мужскую роль» анал бирииһи ылбыт киинэни Саха гимназиятын Х-ХI кылааһын үөрэнээччилэрэ күргүөмүнэн көрөн, биир күн ону ырыттылар, санааларын этиннилэр. Маныаха учууталлар, төрөппүттэр эмиэ кытыннылар. Тэрээһиҥҥэ «Үрдүбэр күн хаһан да киирбэт» киинэ режиссера Любовь Борисова, продюсер Сардаана Саввина ыалдьыттаатылар.
Толкуйдатар киинэ
Арина Докторова, Вика Третьякова, Х «А» кылаастар:
– Биһиги санаабытыгар, Руслан дьиэ кэргэниттэн ордорон, ийэтин талбыта сөп. Кэргэнин, оҕолорун кытары олоруон баҕарар эрээри, кини бэйэтин дьоһуунун үрдүктүк тутар киһи эбит. Оттон кэргэнэ? Дьикти кэргэн: Руслан аҕалбыт бэлэхтэрин ылаат, куотан, баран хаалла… Оҕолорун нууччалыы иитэр. Аҕатын көрөөт, уола: «Да пошел ты», – диир… Уола: «Аҕабыт биһигини таҥнарбыта диэн», – баҕар, хом санаалаах буолуон сөп. Киһи бу киинэттэн элбэҕи толкуйдуур, бэйэтин олоҕор чугаһатан, тэҥнээн көрөр. Руслан дьиҥэр, үчүгэй киһи. Арай, ийэтин балыыһаҕа туттаран, сыыста… Ийэ оҕолорун иитэ сатаабыт эрээри, иитиилэригэр туох эрэ ситэ кыаллыбатах. Кырдьар сааска хайдах буолары ким да билбэт. Ол иһин оҕолору үчүгэйдик иитиэххэ диэн санааны бу киинэ үөскэтэр. Киинэ үчүгэй түгэнинэн түмүктэммитэ эбитэ буоллар.
Айна Никифорова, Х «Б» кылаас:
– Мин санаабар, Руслан ийэтигэр кыыһырар, кыйаханар курдук. Быраас кэлбитигэр, ийэтин көрдөрбүтэ үчүгэй. Ийэтин баҕа санаата – куораты көрүү, пааркаҕа «Колесо обозрения» карусельга олорсон, хатааһылаан ылыы этэ. Ол баҕа санаата сороҕо син биир туолбата.
Слава Иванов, Х «В» кылаас:
– Киинэ аата интэриэһинэй. Киһи бастаан төрүүрүгэр, киниэхэ ийэтэ таҥара тэҥэ. Онтон улааттаҕына, ситтэҕинэ, бу оҕо бэйэтэ таҥара тэҥэ буолар. Руслан ийэтэ кыһалҕаламмытыгар, таҥара буола сатаата. Бу киинэ эдэр дьону «инники олоххутун, төрөппүттэргитин санааҥ» диэн сүрүн санааны этэр, көрдөрөр. Режиссер көрөөччүгэ тугу да «ыстаан» биэрбэтэ. Көрөөччү бэйэтэ толкуйдуурун режиссер ситистэ дии саныыбын.
Гаврил Попов, XI «Б» кылаас:
– Киһи дууһатын таарыйар киинэлэр олус наадалар: сайыннараллар, толкуйдаталлар. Мэлдьи көр-нар, фантастика киинэ салгымтыалаах.
М.В. Ордахова, төрөппүт, учуутал:
– Киинэҕэ дэриэбинэ, куорат дьонун уратылара көһүннэ. Быраас көмөлөһө сатаан баран, кэлин тиһэҕэр, буруйдаах курдук буолла. Ийэ уолун кытары өйдөспөтө көстөр. Оҕолорун кини сөптөөхтүк ииппэтэх. Сүрүн герой кэргэнин кытары сыһыана эмиэ уустук. Ити курдук, манна хас да кыһалҕа таарыллар.
Көрбүтү, аахпыты ырытар ордук
Гимназия дириэктэрэ В.В. Софронеева үөрэнээччилэрин саҥаттан саҥа ньымаҕа көҕүлүүрэ хайҕаллаах. Бу кыһаҕа тэрээһиннэр аатыгар эрэ буолбакка, хас биирдии үөрэнээччигэ, төрөппүккэ көдьүүстээхтик уонна туһалаахтык ааһаллар.
– Тус бэйэм «Ийэкээм» киинэни көрөөт, улахан толкуйга түспүтүм. Киһини оннук толкуйдатар, саҥата суох ыытар күүстээх киинэ. Үлэбэр кэлэн, бииргэ үлэлиир дьоммутун кытары ырытыспыппыт, санаабытын этиммиппит. Онтон саха тылын, литературатын учуутала А.Ф. Саввинова оҕолор ырытыы оҥороллоругар сорудахтаабыта. Инньэ гынан, үс онус, икки уон биирис кылаас үөрэнээччилэрэ төрөппүттэрин уонна кылаас салайааччыларын кытары сылдьан көрдүлэр. Оҕо көрбүтүн, аахпытын ырытара олус наадалаах. Салгыы Айыы Кыһата киинэ ырытыытын көҕүлүүрэ буоллар диэн санаалаахпыт, – диир Валентина Васильевна. – Бүгүн манна ыҥырыллан ыалдьыттаабыт режиссер Любовь Борисова мин үөрэнээччим. Кини оскуолаҕа омук тылларын үчүгэйдик үөрэппитэ. Оччоттон сценарий суруйара, үчүгэйдик уруһуйдуура.
Продюсер Сардаана Саввина:
– Саха гимназиятыгар киинэни ырытыыга сылдьан, олус диэн сөхтүм, үөрдүм. Киинэни көрбүккүтүгэр махтал! Оҕолору кытары аан бастаан маннык ырыттыбыт. Араас толкуй баар буоллаҕына, оччоҕуна үчүгэй. Ырытыы оҕолортон, эдэр дьонтон тахсыахтаах. Билиҥҥи үйэҕэ киһи бары рецензент, блогер курдук эрээри, үрдүнэн саба быраҕан эрэ этээччилэр элбэхтэр. Айар дьон чараас эйгэлээхтэр. Дириҥник, киинэни үчүгэйдик, ымпыгар-чымпыгар тиийэ көрөн-истэн баран ырытар ордук.
Аах уонна көр
Оҕо суруналыыһа буоларым быһыытынан, Киинэ норуоттар икки ардыларынааҕы фестивалыгар 2013 с. сылдьан баран, оҕо киинэтигэр аналлаах тэрээһини көҕүлүөххэ баара диэн санаалаах төннүбүтүм. «Оҕо киинэтин сайдар кэскилэ» Төгүрүк остуолу 2013 уонна 2016 сс. «Кэскил» хаһыат элбэх киһини ыҥыран көҕүлээбитэ. Икки Төгүрүк остуол тула «айымньыны ааҕыахха, киинэтин көрүөххэ», «киинэни оҕолордуун ырытар ордук» диэн санаалары эппиппит. Ол санаа Саха гимназиятыгар сиппитин, илэ туолбутун көрөн үөрдүм.
Ааптар: Жанна Леонтьева