Амма улууһун олохтооҕо Иннокентий Слепцов 3000 пластиковай бытыылкаттан быһыт оҥордо. Бэйэ оҥоһуу быһыта ууга сынньанарга бэрт табыгастаах тэрил буолан таҕыста.
Кыыс Амма — дьон-аймах саамай сөбүлээн, астына-дуоһуйа сынньанар сирэ буолар. Хас сайын аайы үгүс сынньанааччы Амма өрүс кытылыгар тохтоон, хонон-өрөөн умнуллубат үтүө күннэри атаарар. Онтон кэлиҥҥи бириэмэҕэ сынньанааччылар бэйэлэрин кэннэ бөҕү-сыыһы хомуйбат, сири-уоту киртитэр буолбуттарын туһунан сонуннарга дөбөҥнүк да буоллар көстөр буолла. Оонньоон-көрүлээн, сынньанан ааспыт сиргин киртитэр, киһи сиэринэн убаастабыллаахтык сыһыаннаспат буоларыҥ — ханан да баппат мөкү быһыы. Онтон төрөөбүт айылҕаҕа маннык сиэрэ суох куһаҕаннык сыһыаннаһыы олохтоохторго икки бүк хомолтолоох.
Онон олохтоох ыччат Иннокентий икки куобаҕы тэҥҥэ өлөрдө: бөҕү-сыыһы ыраастаата уонна дьон сынньанарыгар табыгастаах быһыты оҥорон таһаарда! Сатабыллаах аҕаҕа оҕолоро, дьиэ кэргэнэ күүс-көмө, илии-атах буолан, быһыты икки нэдиэлэ иһигэр оҥордулар.
Саха сатаабатаҕа суох диэн маны этэн эрдэхтэрэ.
Анна СЛЕПЦОВА.
keskil14.ru