Амма 1 №-дээх орто оскуолата «ALCoB» үөрэхтээһиҥҥэ бииргэ үлэлээһин Аан дойдутааҕы бырайыагар кытынна. Робототехникаҕа уонна английскай тылга интэриэстээх 20 үөрэнээччи Соҕуруу Кэриэйэҕэ биир нэдиэлэ устата сылдьан ыалдьыттаан кэллилэр.
Аҕыйах хонуктааҕыта Амма 1 №-дээх орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Соҕуруу Кэриэйэ Ванджу куоратыгар Бонд Донг сиригэр тиийэн биир нэдиэлэ устата үөрэнэн кэллилэр. Робототехникаҕа уонна английскай тылга интэриэстээх 20 үөрэнээччи «ALCoB» үөрэхтээһиҥҥэ бииргэ үлэлээһин Аан дойдутааҕы бырайыагар кыттар чиэскэ тигистилэр. Оҕолору английскай тыл учууталлара Виктория Шишигина уонна Күннэй Федорова салайан илдьэ сырыттылар. Бырайыак сүбэһитинэн үөрэхтээһини сайыннарар уонна идэни үрдэтэр институт кафедратын доцена Светлана Дедюкина, модераторынан Амма оскуолатын английскай тылга учуутала Аграфена Никулина буолаллар.
Оскуола 5-6 кылаастарын оҕолоро фестивальга сылдьан сайдыылаах дойдуга IT, робототехника киһи сөҕүөн курдук хас эмэ сыл инники хардыылаабытын илэ харахтарынан көрөн итэҕэйдилэр. Араас таһымнаах сорудахтары толорон роботторы оҥордулар, элбэх маастар кылаастарга сылдьан бэйэлэрин кыахтарын холонон көрдүлэр.
Виктория Шишигина, оскуола учуутала, салайааччы:
— Оҕолор үөрэҕи таһынан Ванджу куорат кумааҕы оҥорор дэриэбинэтигэр, «Нолтопия» диэн улахан оонньуу киинигэр сырыттылар. Кэриэйдэр төрүт көстүүмнэрин «хамбогу» кэтэн Джонджу куорат аатырбыт Букчон Ханок дэриэбинэтин кыараҕас уулуссаларынан күүлэйдээтилэр, бамбук мастарын, Тхеджо хоруол мэтириэтин таһыгар, сакура мас аттыгар, кэриэй оҕолорун кытта хаартыскаҕа түстүлэр. Соҕуруу Кэриэйэ дириҥ силистээх баай устуоруйата, үрдүк култуурата уонна наукаҕа, техникаҕа балысхан сайдыылаах билиҥҥи олоҕо, наар мичээрдээн, тоҥхоҥноон көрсөр дьоно-сэргэтэ олохпутугар биир умнуллубат үтүө түгэн буолла.
Афанасий Афанасьев, 6 „а“ кылаас үөрэнээччитэ:
— Мин саамай сөхпүтүм диэн Соҕуруу Кэриэйэ олус ыраас дойду эбит. Кыра да бөх сытарын көрбөтүм. Уопсайынан олус ыраас, үрдүк култууралаах омуктар эбит. Араас дьарыктарга сылдьан робототехника олус сайдыбыт сирэ буоларын итэҕэйдим. Элбэх саҥа доҕордоннум. Оскуолаҕа тапочка кэтэр эбиттэр. Үөрэх кэнниттэн оҕолор оскуоланы бэйэлэрэ сууйалларыттан олус соһуйдум.
Дима Дьячковскай, 6 „а“ кылаас үөрэнээччитэ:
— Кэриэйэни технология уонна көмпүүтэр программированиета олус сайдыбыт сирэ эбит дии санаатым. Араас роботтары хаамтаран, оонньотон көрдүбүт. Олорбут ыалбыт биһигини араас интэриэһинэй сирдэринэн илдьэ сырыттылар. Киэһэлик дьиэбит аттыгар баар футбол хонуутугар оонньооччубут. Хаста даҕаны ткэхвондо дьарыгар сырыттыбыт.
Аны күһүн Соҕуруу Кэриэйэ оҕолоро Аммаҕа кэлэн уһук хоту дойду олоҕун-дьаһаҕын, саха омук төрүт култууратын, үтүө үгэстэрин, тылын-өһүн, дьарыгын билсиэхтэрэ.
Ааптар: Алтана Артемьева