«Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы VIII оонньууларын эстафетатын уота Амма олохтоохторугар үгүс үөрүүнү, умнуллубат түгэннэри бэлэхтээтэ.
Оонньуу уотун «Олимп» стадионтан Кыайыы болуоссатыгар диэри Амма улууһун спортсменнара арыаллаан аҕаллылар.
Бу күн спортсмен оҕолорбутугар улуус баһылыга Степан Николаевич Кузьмин алгыс үтүө тылларын анаата. Кини бэйэтэ «Азия оҕолорун» мас тардыһыытыгар 2004 с. чемпиона буолар. Онон бу көрүҥҥэ маастар-кылаас ыытта. Ол туһунан Степан Николаевич санаатын маннык үллэһиннэ:
Оҕолорго маастар-кылаас көрдөрдүбүт. Кыайыыга сирдиир ханнык албастар баалларын туһунан көрдөрдүбүт. Спортсмен ханнык алҕастартан сэрэниэн сөбүн туһунан эмиэ кэпсээтибит. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр оҕолорго аналлаах маннык улахан тэрээһин ыытыллара олус туһалаах. Ситиһиилээх, сыаллаах-соруктаах ыччаттар үүнэн тахсалларыгар «Азия оҕолоро» улахан тирэх буолар.
Онтон «Азия оҕолорун» уота дьоҥҥо-сэргэҕэ туох санааны иҥэрдэ?
Виолетта Сивцева, VIII «Б» кылаас:
Мин бу маннык тэрээһиҥҥэ бастакыбын кыттабын. Волонтер буолар олус интэриэһинэй эбит. Бэйэбиттэн сөхтүм. Уоту көрсүү диэн олус үчүгэй киһи долгуйар түгэнэ эбит. Мин бу күнү олоҕум устата умнуом суоҕа.
Никита Петров, VIII «Б» кылаас:
Күүстээх санаа киирдэ. Мантан инньэ спордунан дьарыктаныам диэн санааны ылынным.
Диана Сергеевна Емельянова:
Маннык тэрээһиннэр буолаллара олус үчүгэй. Оҕолор бэйэ-бэйэлэрин кытта билсиһэллэр. Доҕордуу сыһыаны билэ, дьону кытта сатаан бодоруһа улааталлар. Саамай сүрүнэ манна сытар дии саныыбын. Кыһыҥҥы «Азия оҕолоругар» көхтөөхтүк кыттыбытым.
Нарыйа НИКОНОВА, Айыына ДАВЫДОВА,
Л.В. Киренскэй аатынан Амма лиссиэйэ