Бэрдьигэстээх улуустааҕы гимназиятын 2021 с. бүтэрээччитэ, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ юридическай факультетын устудьуона Марина Семенова “Амма Аччыгыйын ааҕыылара” өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ IX-XI кылаас үөрэнээччилэрин ортотугар 2021 с. «Амма Аччыгыйын кэпсээннэринэн электроннай быһаарыылаах кылгас тылдьыт» диэн үлэтинэн I миэстэни ылбыта. Ол үлэни бүгүн эһиэхэ, күндү ааҕааччыларбытыгар, үөрэнээччилэргэ, учууталларга көмө буоллун диэн таһаарабыт. Научнай үлэ хайдах суруллубутунан тахсар, ааҕабыт, сэргиибит, сыаналыыбыт.
Киириитэ
Бары билэрбит курдук, 2021 сылга улуу суруйааччыбыт Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 115 сыла. Онон сибээстээн, кини кэпсээннэрин ааҕан көрөн баран, элбэх тыл суолтатын чуолкайдык билбэт уонна таба өйдөөбөт эбиппит диэн санааҕа кэллибит. Ол элбэх суолталаах уонна соҕотох да буолбутун иһин, мунаах дуу, умнуллан эрэр дуу суолталаах тыллар буолаллар.
Тылбыт баайын хаҥатарга Амма Аччыгыйа айымньыларын сөпкө өйдүүр буоларга уонна атын да уус-уран, фольклор айымньыларын ааҕарга, тыл суолтатын чуолкайдык өйдүү үөрэнэргэ, элбэх суолталаах тыллар ис хоһооннорун ордук киэҥник өйдүүргэ уонна тус-туһунан суолталарын араара үөрэнэргэ, тыл култууратын үрдэтэргэ анаан үөрэнээччилэргэ электроннай, саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьытын оҥорорго холоннубут.
Үлэ сыала: электроннай быһаарыылаах кылгас тылдьыт оҥоруу.
Соруктар:
1) Саха тылын баайын үөрэтии;
2) Амма Аччыгыйын айымньыларын көрүү;
3) Тыл быһаарыытын биэрии.
Үлэ тоҕооһо: Николай Мординов кэпсээннэрин тылын баайын көрүү.
Үлэ сонуна: сахалыы быһаарыылаах электроннай тылдьыты оҥоруу.
Үлэ объега: Н.Е. Мординов кэпсээннэрэ.
Үлэ предметэ: тыл суолтатын быһаарыы.
Туттуллубут ньыма:
—матырыйаалы булуу;
—хомуллубут матырыйаалы наардааһын;
—тылдьыттары көрүү;
—электроннай тылдьыты оҥоруу.
Николай Мординов кэпсээннэриттэн өйдөммөт тыллары булан, саха тылын быһаарыылаах тылдьыттарын туһанан, тыллар суолталарын, быһаарыыларын суруйдум. Уопсайа 20 кэпсээни туһанным уонна 80 тылы буллум. Онтон «Эмээхситтэр», «Уруок быыһыгар», «Үөхсүү» уонна «Сэбиэскэй оҕолор» диэн кэпсээннэргэ өйдөммөт тыллары булбатым.
Холобур: «Аччыгыйы ааспыт»
- Араллаан— (аат тыл) туох эмэ улахан сүпсүк, айманыы, айдаан.
«…хайа сылга хайа дойдуга ханнык араллаан буолбутун…»
- Тутум— ырааҕынан ордук,үчүгэй.
«Тутум халыҥ кыһыл, араҕас тастаах…»
- Куоҕайбыт— куоҕай (туохт.) уһун- синньигэс туох эмэ туһунан: үөһээ өттүгунэн токуруй, санньылый.
«…куоҕайбыт үрүҥ моойдоох кыыһы кытта сэһэргэһэриттэн ордон истибэт.»
“Power Point” программа көмөтүнэн электроннай тылдьыты оҥоруу хаамыыта
Бу электроннай тылдьыкка тылы тиэмэнэн араарбакка, айымньыларынан сааһылаан киллэрдим. Электроннай тылдьыт тоҕооһо буолар, бу тылдьыкка үөрэнээччи куруутун саҥа тыллары угуон, быһаарыы эбии биэриэн, уларытыан сөп.
Тылдьыкка гипертекстовой ньыманан тутуннубут. Гипертекстовой ньыма тылдьытынан туттары, тыл быһаарыытын көрдүүрү быдан чэпчэтэр, түргэтэтэр.
Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа
Николай Егорович Мординов 1906 сыл тохсунньу 6 күнүгэр Боотур Уус улууһугар (Тааттаҕа) дьадаҥы Дьөгүөрдээн Мординов (Мундунов) ыалыгар төрөөбүтэ. 1928 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педтехникуму бүтэрбитэ. 1931 сыллаахха Москубатааҕы судаарыстыбаннай университет тыл уонна литература салаатын бүтэрбитэ. «Ийэ» диэн ааттаах бастакы хоһооно «Чолбон» сурунаалга 1927 с. бэчээттэммитэ. «Быһах угун кыстыммат» диэн хоһооннорун хомуурунньуга саха литературатын көмүс пуондатыгар киирбитэ.
Сэһэн жанра сайдарыгар улахан үтүөлээх. Итини тэҥэ Амма Аччыгыйа oҕo биллэр суруйааччыта, публицист, очеркист, литература сыанаһыта уонна тылбаасчыт этэ. Л.Н. Толстой “Анна Каренина”, “Сэрии уонна эйэ”, “Тиллии” курдук бөдөҥ айымньыларын сахалыы саҥардыбыта. Tөhө да саас баттаабытын иһин, М.А. Шолохов “Чуумпу Донун” сахалыы тылбаастаабыта.
Түмүк
Тылдьыт оҥорорбор элбэх саҥаны арыйдым, өйдөөбөт, эбэтэр, суолтатын чуолкайдык билбэт тылларбын биллим. Саха тыла баай, кэрэ уонна уус-уран, эгэлгэ кырааскалаах, сиэдэрэй да эбит. Николай Егорович Мординов аймньыларын ордук үчүгэйдик өйдүүр уонна сыаналыыр буоллум.
Марина Семенова,
Бэрдьигэстээх улуустааҕы гимназиятын 2021 с. бүтэрээччитэ, ХИФУ юридическай факультетын устудьуона.
Салайааччы: Н.П. Парфенова,
Бэрдьигэстээх улуустааҕы гимназиятын саха тылын
уонна литературатын үрдүк категориялаах учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ үөрэҕириитин Бочуоттаах үлэһитэ.