«Амма Аччыгыйын ааҕыылара» өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай — практическай кэтэхтэн кэмпириэнсийэтин чэрчитинэн ыытыллыбыт «Амма Аччыгыйа уонна билиҥҥи кэм» учууталлар сиэксийэлэрин үлэтин түмүгүн сиэксийэ салайааччыта,ҮөС уо ИҮИ ыст. преподавателэ В.Р.Шишигина билиһиннэрэр.
Секцияҕа Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйын айымньыларын билиҥҥи кэмҥэ үөрэтиини көрдөрөр видео-уруоктар сыаналаныахтаахтар этэ. Үлэ киириэхтээх кэмэ уһатыллыбытын үрдүнэн аҕыйах үлэ киирдэ. Видео устуулар үксэ кылаас таһынан эбии ааҕар айымньыларга сыһыаннаахтар. Биллэн турар, уруокка эбэтэр кылаас таһынан үлэҕэ туттуохха сөп. Ол эрээри бүгүҥҥү кэмҥэ, бүгүҥҥү балаһыанньаҕа уруок сүрүн суолталааҕын учуоттаан, дьүүллүүр сүбэ онно болҕомтотун уурда. Онон түмүккэ кыайыылааҕынан таҕыстылар:
- Докторова Ирина Петровна, Бүлүү улууһун Бүлүү куорат № 2 -дээх орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала «Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйын «Ийэ» хоһоонун үөрэтии» видео устуута — 1 миэстэ
- Болдовская Фекла Николаевна, Чурапчы улууһун улуустааҕы гимназия саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала, Харлампьева Т.Н., педагог-бибилэтиэкэрэ салайааччылаах айар бөлөх «Амма Аччыгыйын айымньыларынан айан» үлэтэ — 2 миэстэ
3.Николаева Людмила Аркадьевна — салайааччылаах Алампа аатынан Ытык-Күөл 1 №-дээх орто оскуолатын алын кылаас учууталларын, Дедюкина Прасковья Романовна, Кондратьева Ирина Николаевна, Маркова Галина Иннокентьевна, “Тоҕус төгүл тоҕо?” айымньынан оонньуу “Толкуйдаа. Оонньоо. Бэрэбиэркэлэн” үлэлэрэ — 2 миэстэ.
Кыайыылаахтар кэмпириэнсийэ «Добун суругун», кыттааччылар «Туоһу суругун» тутуохтара.