Төрүт култуурабыт төрдө, силиһэ илэ бэйэтинэн норуокка, тыаҕа баар диэн дэлэҕэ эппэттэр. Быстан баран салҕанан эрэр өбүгэлэрдиин ситиммит, Ийэ култуурабыт күөх кырсын сиигин иҥэриммит, тыаҕа олорор уустарбыт илиилэригэр баар.
«Тэплииссэ» ТУоБС, Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһуга уонна улуус үөрэхтээһинин салалтата холбоһон балаҕан ыйын 14-16 куннэригэр өрөспүүбүлүкэҕэ мас уустарыгар “Тоҕус төгүл тоҕо?” диэн аһаҕас күрэх ыыттылар. Бу күрэххэ үс улуустан алта мас ууһа кыттыыны ылла.
Күөн күрэспит сүрүн сыала-соруга: биир дойдулаахпыт, сээркээн сэһэнньит, народнай суруйааччы Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа сырдык аатын үйэтитии; оскуола саастаах оҕолорго Амма Аччыгыйа айымньытын нөҥүө сиэрдээх сыһыаҥҥа, төрүт үгэскэ иитии-үөрэтии, суруйааччы айымньыларын ааҕарга интэриэһи көбүтүү.
Бастакы күн, уран тарбахтаах уустарбытын кытта билсиһиинэн, кэлбит ыалдьыттар эҕэрдэлэринэн, кэлэктиип музыкальнай нүөмэринэн күрэспит үөрүүлээх чааһа арылынна. Суруйааччы бюһүн таһыгар кэлбит ыалдьыттар, кыттааччылар, оҕолор уонна учууталлар талах олоттулар.
Бу 3 күн устата көмүс илиилээх уустарбыт «Тоҕус төгүл тоҕо?» диэн Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа кэпсээнинэн мас оҥоһуктары чочуйан, оскуолабыт тэлгэһэтигэр оҥорон туруордулар. Күрэх кыттааччылара ох курдук оҥостон, бэлэмнэнэн кэлбиттэрэ тута харахха быраҕыллар. Сарсыарда эрдэттэн киэһэ хойукка дылы эрбии, араас электрическэй тэриллэр тыастара иһиллэрэ.
Түмүгү ааттаах суоллаах худуоһунньуктар, скульптордар, оскуола учууталлара таһаардылар: И.И. Корякин, РФ худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, култуура туйгуна Валериан Васильев уонна саха литературатын төрүттээччитин А.И. Софронов-Алампа аатынан бириэмийэлэр лауреаттара; Н.Д. Огонеров, скульптор, РФ худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, В.В. Протопопов, РФ профүөрэхтээһинин үтүөлээх маастара, Л.П. Винокурова, Оҕо искусствотын оскуолатын преподавателэ, Р.Д. Антоева, технология учуутала, СР үөрэҕириитин туйгуна, Л.Д. Лотова, СР үөрэҕириитин туйгуна, нуучча тылын уонна литературатын учуутала. Ол курдук, 1 миэстэ (100 тыһ.) Афанасьев Леонид Никифорович (Үөһээ Бүлүү), 2 миэстэ (80 тыһ.) Назаров Василий Александрович, 3 миэстэ (50 тыһ.) Попов Василий Еремеевич буоллулар.
Анал ааттар: «Сатабыл, Саар хоһуун» Варфоломеев Афанасий Афанасьевич-Таатта, «Төрүт үгэһи салҕааччы» Атастыров Алквиад Павлович-Таатта, «Айар талаан» Романов Юрий Владимирович-Хаҥалас.
Бу күрэҕи тэрийэрбитигэр күүс-көмө, өйөбүл буолбут спонсордарбытыгар барҕа Махтал тылларын этэбит, ол курдук, “Төлөн” АО (салайааччы П.Д. Рахлеев), “Монтажник” ПК (салайааччы А.А. Ханин), “Таатта улууһа” МО баһылыгынан үлэлээбит (М.М. Соров), “Орто Амма нэһилиэгэ” ТН (баһылык А.И. Кулачиков), улуустааҕы култуура управленията (салайааччы Г.Г. Вырдылин), Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйын аатын сүгэр “Кэскил” оҕо хаһыата (салайааччы О.И. Семенова), Мординовтар дьиэ кэргэн, Харбалаахтааҕы үөрэх холбоһугун профкома, оскуола саха тылын МХ (салайааччы В.С. Кривошапкина), 1989 с., 1995 с. оскуола выпускниктара, “Харбалаах түмсүү” (салайааччы С.М. Оготоев), “Кэскил” маҕаһыын (салайааччы Е.Р. Халыева), “Аленка” маҕаһыын (салайааччы А.А. Васильева), улууспут депутата А.Д. Рахлеев, учууталлар Д.Е. Соломонова, Л.Д. Лотова, Е.И. Седалищева.
Эһиги, бөһүөлэкпит, улууспут чэчирии сайдарын туһугар саҥаны, үйэлээҕи оҥорууну куруук өйдүүргүтүн-өйүүргүтүн, уҕараабат кыһамньыгытын, көмөҕүтүн үрдүктүк сыаналыыбыт, киэн туттабыт! Инникитин даҕаны таһаарыылаах үлэҕит түмүгэ бар дьоҥҥут үөрүүтүн үрдэттин! Дьиэ кэргэҥҥитигэр ил-эйэ эҥэрдэстин, дьол-соргу тосхойдун!
Дианна Соломонова,
Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйын аатынан Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун
биологияҕа учуутала.
.