Дьокуускай куорат 17 №-дээх орто оскуолатын 7 «в» кылааһын үөрэнээччитэ Анастасия Павлова “Саха өйүн-санаатын барҕа баайа: үгэһи тутуһууну үйэтитии билиҥҥи кэмҥэ уонна инники кэскилэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ кыттан, ситиһиилэннэ. Салайааччыта — саха тылын уонна литературатын учуутала Тарабукина Ирина Егоровна.
Кыhыҥҥы тыа иhиллээбит курдук иhийэн – ньимийэн турар (Н.Е.Мординов – Амма Аччыгыйа «Алдьархай» айымньытыгар туттубут тэҥнээhиннэрэ)
Мин Амма Аччыгыйа «Алдьархай» айымньыларыгар уус – уран тэҥнээhини олус үгүстүк туттарын аа5ан баран, бу тиэмэни ыларга сананным. Барыта 195 уус – уран тэҥнээhини буллум. Амма Аччыгыйа уус – уран тыла баайынан, айылҕа кэрэ көстүүтүн бу баардыы ойуулуурунан, кини кыраҕы хараҕа тулалыыр эйгэтин туохха эрэ тэҥнээн суруйуута киhини олус сөхтөрөр.
Суруйааччы айылҕаҕа чугаhа, көтөр – сүүрэр бары майгытын, тус туспа уратылаахтарын, үүнээйи арааhын, туспатын, тас көстүүлэрин бу баардыы ойуулуур.
Айымньы ис хоhоонуттан ылыллыбыт тэҥнээhиннэри наардааhын
№ | Тэҥнээhин арааhа | Булуллубут тэҥнээhин ахсаана | Холобурдар |
1. | Киhи мэтириэтин ойуулааhын | 19 | Кэтит сирэйигэр сулардыы хара бытыктаах аҕамсыйбыт киhи төгүрүк харахтарынан Тогойкин диэки үүтээбит курдук чэҥэриччи көрөн олорон, аргыый эҥээрийэн барда. (260)
|
2. | Киhи тас көрүҥүн, быhыытын – таhаатын, туругун ойуулааhын | 65 | Хайдах эрэ сайыҥҥы кырынаастыы сэргэхтик туттуммахтаан, тугу – тугу эрэ суулаталаан – баайталаан, аҕалан рюкзакка угуталаан кэбистэ.(276)
|
3. | Айылҕа көстүүтүн ойуулааhын | 39 | Ол уҥа өттүгэр илин диэки нэлэhийэн тахсыбыт киэҥ үрүйэ кытыытынан сайбарыhа үүммүт бэрдьигэс бэстэри кини үнүрүүн колхоз ходуhатыгар үлэлии киирэн иhэр эдэр кыргыттарга дьүөрэлии көрбүтэ. Оттон кини туhунан уҥуор талах кытыылардаах кыараҕас үрүйэни ортотунан намчы титирик мастар силигирэhэн тахсыбыттарын кини сэлиик соноҕос сиэлигэр маарынната көрбүтэ.(187)
|
4. | Көтөрү – сүүрэри ойуулааhын | 15 | Куруппааскылартан соһуйан ѳрѳ чинэристилэр, бочугураһы сыыһа харбаан, эргичиӊнэһэн ыллылар, оҕуруону кэккэлэтэ уурталаан кэбиспит курдук чѳм-чѳмнүк үктээмэхтээн барбыт саһыл суолун батыһа бардылар…(92)
|
5. | Киhи майгытын – сигилитин көрдөрөр ойуулааhын | 38 | Тогойкин, ууну дулҕалаан эрэр курдук, сэрэнэн үктэнитэлээн тиийэн кыргыттар аттыларыгар чымадаанын уран кэбистэ уонна регистрациялана охсон кэллэ.(5) |
6. | Уот умайарын ойуулааhын | 5 | Мастар төбөлөрүн холбооттуу уурталаан биэрдэ, үрэн сирилэттэ, уота соhуйбут кулун кулгааҕын курдук чөрөс гына түстэ. (167)
|
7. | Хайыhар айанын ойуулааhын | 9 | Хайыhардарын төбөлөрө аллаах ат кулгаахтарын курдук чөрөҥнөhөн истилэр.(189)
|
8. | Самолет , туттар мал көстүүтүн ойуулааhын | 5 | Самолет илин ѳттѳ бүтүннүү, быһа эрбэммит курдук, мэлийэн хаалбыт, сүдү хороон түгэҕиттэн кѳрѳр курдук, дьэллэйэн турар.(20)
|
Көрөргүт курдук саамай элбэх тэҥнээhин киhи туругун, тас көрүҥү көрдөрүүгэ тутуллубут, онно 65 –hи буллум. Салгыы айылҕаны ойуулааhыҥҥа 39 – hу, уонна манна тэҥнээhиннэрин кээмэйэ уhуннар. Салгыы булбут тэҥнээhиннэрбиттэн холобурдар.
- Тогойкин, ууну дулҕалаан эрэр курдук, сэрэнэн үктэнитэлээн тиийэн кыргыттар аттыларыгар чымадаанын уран кэбистэ уонна регистрациялана охсон кэллэ.(5)
- — Туох иһин? – т ѳһүгэр комсомольскай значоктаах, кылгас сынтаҕар муруннаах, помидор курдук тэтэркэй тѳгүрүк сирэйдээх кыыс дьиибэргээбиттик саһарчы кѳрѳн олордо.(6)
- Тогойкин соһуйбут курдук ойон турбутун бэйэтэ да билбэккэ хаалла.(9)
- Оттон Силип Лааһарап, ити олорор буулур ѳӊнѳѳх гранит тааһын курдук, кыратык да уларыйбат киһи. Сибилигин туруйа курдук дорҕоонноохтук ордоотообутунан ойон туруоҕа, сѳрүѳстүгэс соҕус томороон муннун мунньах гыннаран ѳрүтэ сыӊсыйбахтаан кэбиһиэ уонна хайа эмэ диэки сүүрэн батыччахтыаҕа. Ѳрүс диэки сүүрдэҕинэ, ол аата, олоӊхо сүдү кѳлѳтүн курдук, итии паарынан сырдырҕаччы тыына турар борокуокка ойдоҕо.Сарсыарда охсуһан дуунайдаһан барыах курдук, омуннаахтык этиһэн кумахтаспыт киһитин кытта киэһэтигэр бэрт эйэлээхтик сиэттиһэн сылдьар буолар.(12)
- Ѳрүс халҕаһатын курдук логлоруттаҕас былыт үрдүнэн кѳтѳн иһэллэр. Хара дьүһүннээх, симмит курдук чиӊ эттээх-сииннээх киһи кэлэн кини санныгар ыга ѳйѳммүтүнэн утуйан хаалбыт эбит.(16)
- Самолет үѳһэ тыына сатыыр курдук, ѳрүтэ мэӊийтэлээн кэбиһэ-кэбиһэ, аллараа түһэн истэ.Мотуор, бѳтѳн ыла-ыла, хаппыт ыарҕаны силэйэ анньан иһэр курдук тарылаамахтаата.Модун дабыдалларын бохсубут түүтүн-ѳӊүн нэӊирийдибит, тыынын-быарын ыкпыт ньалҕарыӊнас кири-хору ньылбырытан тардына, уунаӊнас сидьиӊ ситими быһыта кѳтѳ сатаабыт курдук, ѳрѳ-таӊнары суптурута түһүтэлээн, уӊа-хаӊас туорута силэйтэлээн кѳрдѳ. Онтон үрдүк тииттэр тѳбѳлѳрѳ ирим-дьирим, ирим-дьирим буолуталаан эрдэхтэринэ, элбэх саанан сарастаабыт курдук, хатан тыастар бачыгырыы түстүлэр.(19)
- –Чэ! – диэтэ кини ѳрѳ уһуутаан кэбиһэн баран уонна чаллах тиит хатырыгын курдук халыӊ тириилэмимит сирэйин мырчыһыннаран, мичик гынна.(61)
- Чооруостар уруккуларын курдук соһуйбатылар-дьулайбатылар, хайдах эрэ соруйан оонньуур, эйэргэһэр курдук, арылла охсон, уолаттары аттыларынан хаары кырсынан кѳтѳн аастылар. Онтон соһуйбут курдук ойон туран дьонноругар сырыстылар. Маӊнай, соһуйбучча, кинилэри сэмэлиэх курдук, саӊата суох одуулаһан сыппыт дьон сүрэхтэрэ сылыйан, санаалара сылаанньыйан хаалла.(67)
- Кутуруктарын уонна тумустарын харалара, хаастарын кыһыла суоҕа эбитэ буоллар, мѳчѳкѳ хаардар бырдаӊалаһа түстүлэр дуу диэх курдук эбит. Сылгы тириитэ этэрбэстээх курдук бэспэриспит атахтарынан ыарҕа быыһынан хахыйах тѳрдүн барытын кэспиттэр.Ол соҕуруулуу-илин диэки колхоз ходуһатыгар киирэн иһэр кыргыттар курдук сайбарыспыт бэс мастаах үрүйэ нэлэһийэн бара турда.(73)
- Тус хоту буоллаҕына ыраах тунаарыйан кѳстѳр кыараҕас үрүйэни хаба ортотунан сэлиик соноҕос сиэлин курдук намчы титирик мастар сэгэлдьиһэн барбыттар.(74)
- Тымныы уунан саба ыстарбыт курдук, ѳрѳ дьигиһийбитинэн кини тохтуу түстэ.Тогойкин букатын атын киһиэхэ дьорҕойон кэбиспит курдук сананна. Кэлбит суолунан тѳннүѳх курдук, кэннин диэки кѳрбѳхтѳѳтѳ, онтон били тыаҕа быһа туораан тахсыах курдук гынан баран, эмиэ саараата.(76)
- Сис тыаны ортотунан нэлэһийэн бара турбут талах үрүйэни айхаллаан, атааран эрэр курдук, лиӊкир харыйалар үѳрэн-кѳтѳн үѳмэхтэһэ тураллар.(77)
- Биир бѳрѳ туора хааман ныһырыйан тахсан, тохтоон чугуруӊнуу- чугуруӊнуу, иӊнэри түһэн турар бэс тѳӊүргэһин тула хаампахтаан баран, соһуйбут курдук , тѳттѳрү ойуолаан киирбит. Онтон, ѳрүһүспүт курдук, күѳйэ харбаан ылан, түѳһүгэр ыга кууспутунан, суолугар тѳттѳрү сүүрэн киирэн, бочуонагы олордо охсон кэбиһэн баран, эргиччи кѳрбѳхтѳѳтѳ.(82)
- Сири-дойдуну бүтүннүү хаар ыга түһэн кэбиспит, туох барыта, маӊан баатанан бүрүйэ быраҕыммыт курдук, чуумпурбут.(88)
- Кинини кытта бииргэ улаҕата биллибэт тоӊуу хаары кэһэн, үрэхтэри, үрүйэлэри, тыалары туораталаан сылдьыспыт курдук санаатылар. Куруппааскылартан соһуйан ѳрѳ чинэристилэр, бочугураһы сыыһа харбаан, эргичиӊнэһэн ыллылар, оҕуруону кэккэлэтэ уурталаан кэбиспит курдук чѳм-чѳмнүк үктээмэхтээн барбыт саһыл суолун батыһа бардылар…(92)
- Ити санаалара бииртэн-биир ордук солуута суохтарыттан бэйэтэ бэркиһээн, киэр илгитэлии иһэр курдук санаабытынан, кини улам түргэтээн хааман истэ. Ойуччу соҕус турар, тиэрэ мэтэрийэн үүммүт тиит эбит. Чыначчы тоӊмут улахан балыгы хаарга таӊнары анньан кэбиспит курдук. Сонун, бэргэһэтин устан хаарга уурталаабыт, ийэ-хара кѳлѳһүнэ саба түспүт, оргуйа турар күѳс курдук, үрдүнэн күдэн күдээрийэ кѳппүт.(97)
- Онтон арыыга буспут курупчаакы буулкатын курдук саһардар саһаран иһэн, эмискэччи хараарыс гына түстэ да, омуннаах күѳх буруо ѳрѳ күдээрийэн таҕыста. Семен Ильич, куттаммыт курдук, сулбу тардан ылла. Онтон сүрдээх чараас тымтык курдук инчэҕэй ньалаканы ѳр соҕус астаһан кыста, араӊалаата.(103)
- Оргуйа турар сылабаар хаппаҕын аһа баттаабыт курдук, сылаас күдэн ѳрүкүс гына түспүтүгэр, сирэйин куоттара тутта оҕуста. Хаар анныттан ѳтѳн тахсыталаабыт тааӊ уутун курдук, онон-манан күѳхтүӊү мэӊнэр охсуллубуттар. «Уолаттар оонньууллар» диэх курдук санаан иһэн, сүрдээх эйэҕэстик одууласпытынан, кини тугу этэрин кэтэһэн туралларын кѳрѳн баран, оҕонньор симиттэ түстэ.(108)
- Ол туһунан кини кимиэхэ да муӊатыйбакка, таһыттан кѳрдѳххѳ, туох да кыһалҕата суох киһи курдук, улэлии-хамныы, күлэ-оонньуу сылдьар. Оччоҕо кѳхсүн дьѳлѳ баттаан сылдьар ыар таһаҕаһын түһэриммит курдук, кэӊии, дьэгдьийэ түһэр, эмиэ түмүллэн, мунньуллан кэлиэр диэри… Үчүгэйдик сылдьан кини ѳйүгэр-сүрэҕэр оҕотун, кэргэнин, ийэтин мѳссүѳннэрин биирдии кѳбүтэн таһааран, аргыый сэһэргэһэн, уоскутар, кинилэргэ күүс-күдэх эбэр, кыайыыга эрэмньилэрин бѳҕѳргѳтѳр курдук сананара. Оттон билигин, бу алдьархайга түбэһэн баран, кини дьонун харыстаан, бэйэтиттэн тэйиччи тута, антах халбарыта сатыыр курдук сананар этэ.(117)
- Сааhырбыт ийэ уончалаах уолугар этэринии, эйэҕэстик ботугураата Катя.(129)
- Онтон уот биир сиргэ төгүрүҥнээмэхтээн ылла уонна кыhыл сукуна курдук, өрө субуллан тахсан баран, таҥнары иэҕиллэн, хаары сырдата түhээт, мэлис гынан хаалла. Халлаан илин сиксигинэн, суксуруйа көтөн иhэр кубалар курдук, тараанньыктыы сырдаан тахсан эрэр эбит. (134)
- Эмискэччи сирилии көтөн кэлбит тыал тиит хаппыт мутукчаларын туура хаhыйан ааспытын курдук, хантан кэлбиттэрэ биллибэккэ, хаар үрдүгэр чооруостар ыhылла түстүлэр. (138)
- Өйдөөн иhиллээтэххэ, хаар, чуумпу кэмнээҕи муора курдук, куугунуур, хардаҥ оту тымныы сарсыарда сахсыйар курдук, сыыгыныыр, дьогдьоот күhүн үрэх тумулун баараҕй тииттэрин курдук, дьүрүhүттэн ылыталыы турар буолар эбит дии. Уонна буспут дыняны хайа быспыт курдук, ыылаах ыраас сыттаах буолар эбит. Хаар үрдэ эрэ, турбут сүөгэй курдук, маҥан араҥаланан баран, үөс өттө изумруд таас курдук иhиттэн сардаҥаран, көҕөрүмтүйэн көстөр буолар эбит. Хаар түгэҕр ханна эрэ наҕыл уот умайа турарын курдук…Сис оройо чараас маҥан солко нээлбини бүрүммүтүн арыйа тардына – тардына, саба түhэринэ турар курдук, хараарыҥныы – тураарыҥныы турар. Былыты курдаттыы сардаҥата суох күн таас бүлүүhэ түгэҕин курдук көстүтэлээн ааhар. (143)
- Сир –халлаан киэҥ киэлитин маҥан баатанан бүөлүү анньан кэбиспит курдук, им – ньим буолла. Илиитин – атаҕын босхо ыытынан кэбиспит оҕонньор быhаҕас кумахтаах куул курдук ыгыччы түhэн кэбиспитин Тогойкин бу сырыыга улаханнык ыарырҕатан киллэрэн, биир муннукка сытыаран баран, дьонун эргиччи көрдө. Сибилин ойон туран, киниэхэ ыстанан кэлиэх курдук, бары киниэхэ дьулуhа туттубуттар. (148)
- Уота убаhа сиэлин курдук силигирии түстэ. (159)
- Хаалан испит табалар ол кэмҥэ, үөр курупааскы курдук өрө туманнаан, дьоҥҥо чугаhаан истилэр.(165)
- Мастар төбөлөрүн холбооттуу уурталаан биэрдэ, үрэн сирилэттэ, уота соhуйбут кулун кулгааҕын курдук чөрөс гына түстэ. (167)
- Маннык чуумпуга кыhыҥҥы үрэх сир сыыгыначчы тыына, наҕыллык тыаhыы – ууhуу турар; эмиэ да үөhэнэн ааhан эрэр үөр көтөр кынатыныы сипсигинэйэр, эмиэ да аллаах сыарҕалыы сырылыыр, эмиэ да кытарбыт тимир курдук сырдьыгыныыр.(175)
- Ол уҥа өттүгэр илин диэки нэлэhийэн тахсыбыт киэҥ үрүйэ кытыытынан сайбарыhа үүммүт бэрдьигэс бэстэри кини үнүрүүн колхоз ходуhатыгар үлэлии киирэн иhэр эдэр кыргыттарга дьүөрэлии көрбүтэ. Оттон кини туhунан уҥуор талах кытыылардаах кыараҕас үрүйэни ортотунан намчы титирик мастар силигирэhэн тахсыбыттарын кини сэлиик соноҕос сиэлигэр маарынната көрбүтэ.(187)
- Хайыhардарын төбөлөрө аллаах ат кулгаахтарын курдук чөрөҥнөhөн истилэр.(189)
- Ыччат мунньахтарын быыhыгар киэҥ фойе хоско тахсан чуоҕуhан турар дьоҥҥо маарынната саныы истэ Тогойкин Ньукулай бу мастары. Хатыҥнар – тэтиҥнэр бүрүнэн турар хаардарын чараас солко былаат курдук тарҕата ыhаннар, үҥкүүлээн тайаарыспытынан барыахтара, тииттэр, харыйалар кинилэри тула дьоролдьуйа көтүөхтэрэ. Тогойкин бэйэтин үөлээннээхтэрин, ыччат дьон ортотугар киирбит курдук сананна. Ахтыбыт дьүөгэтин эмискэччи көрсүhэ түспүт кыыс оҕо курдук кэпсээн – ыйытан, күлэн – соhуйан бычыгыраччы саҥарааччы эмиэ баар. Ханнык эрэ кэрэ киэргэли саҥа көрөн сөхпүт, туох эрэ абыраллаах ньыманы саҥа өйдөөн көрбүт курдуктар.(202)
- Сорохторо араас ойуулаах көп түү былааты нээлбилии түhэриммит этиргэн сирэйдээх эйэҕэс дьахталлар курдук мылаhан тураллар. Сорохтор сугун абаҕын, сииксэ угун төбөлөрүгэр абыр – табыр үүннэринэн, илдьирийбит сукуна хортууhу сүүстэригэр умса тардыммыт дьон курдук бүүппэҕирэн тураллар. Улуу муора уонна киэҥ тайҕа айылҕа ийэҕэ аҕас балыс курдук ананан айыллыбыттар эбит. Субу сылдьыбыт киэҥ үрэҕэ, субу ааспыт уhун үрүйэтэ ханан да суохтарын курдук, мэлийэн хаалбыттарын кэннэ, хаhан да харахтаабатах сиригэр туох баара хантан биллиэй! Икки чанчыктарынан баттахтаах тараҕай төбө курдук хайа ыраас хаарынан кылбайан турар, икки эҥэрдэринэн хойуу бэрдьигэс сыста үүнэн тахсыбыт. (206)
- Ыарҕа быыhыттан курупааскылар өрө ыhыллан тахсаннар, хаар сүүмэхтэрин курдук, талбаарыҥнаhа көтөн тиийэн чугас түстүлэр. Биир кэлим тыа ортотуттан быкпыт тулаайах тумул соҕотох хаппыт тиити кымньыы талах курдук өрө уунан турар курдук этэ дии.(212)
- Бөрөлөр эккирэтиhэ да соруммакка, кыбыстыбыт курдук, тыа диэки төннөн экирдэспиттэр. Бар дьон сытыйбыт – эмэҕирбит дьиэлэри, быhыттары, муосталары тутарыгар, муос курдук килэриспит кэрэ сэби – сэбиргэли оҥосторугар, нарын – намчы искусство үлэлэрин айарыгар анаан үүммүппүт диэххэ айылаах, эҥкилэ суох көнө, үрдүк, ыраас лиҥкинэс тиит мастары быыстарынан кини баран истэ. (215)
- Салаалардаах муостарын адаарыҥнатар, икки кулгааҕын даллаҥнатар уонна, тугу эрэ ботугуруур курдук, модороон уоhун боллороҥнотор. Буур тайах маҥнай, саараабыт курдук, аргыый аҕай халбарыйа хаамта. Бөдөҥ үөттэргэ курупааскылар чөмөх хаардар курдук чөмчөрүhэн олороллор.(218)
- Хайдах эрэ сайыҥҥы кырынаастыы сэргэхтик туттуммахтаан, тугу – тугу эрэ суулаталаан – баайталаан, аҕалан рюкзакка угуталаан кэбистэ.(276)
- Бытархай буочардаах киhи тиэтэйэ быдьыгынатан суруйбутун курдук, намчы – сымса суоллаахтар эмиэ бааллар. Кэтит сэбирдэхтэринэн баттаталаан ылбыт курдук, байбалдьыhа хаампыттар да бааллар, сараччы туппут кынаттарынан хаары сабаан дайбыттар да бааллар.(282)
- Кыhыҥҥы тыа иhиллээбит курдук иhийэн – ньимийэн турар. (283)
- Үрдүк тииттэр көтөҕөн турар көмнөх хаардарын төлүтэ тутуталаан кэбиhэллэр, ол аайы чараас солко вуаль былааттары таҥнары сахсыйбыт курдук, тыа иhэ онон – манан наҕыллык күдээрийтэлээн ылар. Арыт хайдах эрэ эрэhэ долгуннары үрдүнэн аллаах тыынан устан долгулдьутан иhэр курдук сананар… Хара баархат быыhы тэниччи тардыбыт курдук, им – ньим хараҥа саба халыйан кэбистэ.(289)
Кыhыҥҥы айылҕаҕа хаары ойуулааhын
1. | Куобах түү курдук көп хаар саба түhэн кэбиспит |
2. | Үрдүк тииттэр көтөҕөн турар көмнөх хаардарын төлүтэ тутуталаан кэбиhэллэр, ол аайы чараас солко вуаль былааттары таҥнары сахсыйбыт курдук, тыа иhэ онон – манан наҕыллык күдээрийтэлээн ылар. |
3. | Хатыҥнар – тэтиҥнэр бүрүнэн турар хаардарын чараас солко былаат курдук тарҕата ыhаннар, үҥкүүлээн тайаарыспытынан барыахтара, тииттэр, харыйалар кинилэри тула дьоролдьуйа көтүөхтэрэ. |
4. | Сир –халлаан киэҥ киэлитин маҥан баатанан бүөлүү анньан кэбиспит курдук, им – ньим буолла. |
Киhи туругун көрдөрөр тэҥнээhин олус элбэхтэ көстөр
1. | Соhуйбут курдук көрө түстэ. |
2. | Оҕонньор туран, туохха эрэ саараабыт, тугу эрэ өйдүү сатаабыт курдук туттан, |
3. | Помидор курдук тэтэркэй тѳгүрүк сирэйдээх кыыс дьиибэргээбиттик саһарчы кѳрѳн олордо. |
4. | Ити кими этэр диэн мунаарбыт курдук, киэӊ харахтарынан эргиччи имэрийтэлии кѳрбѳхтѳѳн баран, |
5. | Тымныы уунан саба ыстарбыт курдук, ѳрѳ дьигиһийбитинэн кини тохтуу түстэ |
6. | Сааhырбыт ийэ уончалаах уолугар этэринии, эйэҕэстик ботугураата Катя. |
Айылҕа араас көстүүтүн ойуулуурга араас таҥаска – сапка тэҥниир
1. | Сорохтор сугун абаҕын, сииксэ угун төбөлөрүгэр абыр – табыр үүннэринэн, илдьирийбит сукуна хортууhу сүүстэригэр умса тардыммыт дьон курдук бүүппэҕирэн тураллар |
2. | Сылгы тириитэ этэрбэстээх курдук бэспэриспит атахтарынан ыарҕа быыһынан хахыйах тѳрдүн барытын кэспиттэр. |
3. | Хатыҥнар – тэтиҥнэр бүрүнэн турар хаардарын чараас солко былаат курдук тарҕата ыhаннар |
4. | Ол аайы чараас солко вуаль былааттары таҥнары сахсыйбыт курдук, тыа иhэ онон – манан наҕыллык күдээрийтэлээн ылар. |
Сылгы сиэлин, кутуругун туттуу элбэхтэ көстөр
1. | Уота убаhа сиэлин курдук силигирии түстэ. |
2. | Мастар төбөлөрүн холбооттуу уурталаан биэрдэ, үрэн сирилэттэ, уота соhуйбут кулун кулгааҕын курдук чөрөс гына түстэ. |
3. | Хайыhардарын төбөлөрө аллаах ат кулгаахтарын курдук чөрөҥнөhөн истилэр |
4. | Айаас ат курдук тула холоруктуу сылдьар болуотуттан тутуhан тоҕус сорунан кытыыны арычча булбут. |
Бу наардааhыннарга хааччахтаах буолан, аҕыйах холобурдар киирдилэр. Өссө да элбэх тэҥнээhин арааhын булуохха сөп. Кыыллар тас көрүҥнэринэн, дьахтар аймах майгытын, киэргэлин, аhылыгын уо. д. а . Кырдьык да Амма Аччыгыйа тэҥнээhиҥнэриттэн саха тыла баайын, кэрэтин олус астына аахтым, көрдүм, биллим. Аҥардас бу биир «Алдьархай» айымньытыттан 195 тэҥнээhини буллум. Олортон манна 39 эрэ киирдэ. Бу тэҥнээhиннэрэ бары бэйэ – бэйэлэригэр майгыннаспаттар, туох эрэ уратылаахтар. Айылҕа кыhыҥҥы кэмигэр да араас кэрэ көстүүнү булан тэҥниир. Холобур: хаары – куобах түүтүгэр, баатаҕа, чараас солко былаакка уонна турбут сүөгэйгэ тэҥниир. Төрөөбүт тылын истиҥник таптыыра, сатаан табатык туhанара , уус – уран ньымалартан тэҥнээhини киэҥник туттарыттан да көстөр. Бу үлэбин салгыы тэнитэн, наардаан, кэҥэтэр былаан ылынным. Бу тэҥнээhиннэри араас этиини, тиэкси оҥорууга, тыл ситимигэр туhаныахха сөп. Тэҥнээhиннэри булан, наардаан , билиибэр билии – көрүү эбиллиннэ, махтал эhиэхэ тэрийээччилэргэ.