Күндү бэчээт эйгэтин үлэһиттэрэ, убаастабыллаах бэтэрээннэрбит, айар-тутар доҕотторбут, суруйар оҕолорбут, эдэр кэрэспэдьиэннэрбит, оскуола кэлэктииптэрэ!
Барыгытын идэлээх бырааһынньыкпытынан — Арассыыйаҕа бэчээт күнүнэн итии-истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит! Бу курдук өрүүтүн бииргэ үлэлиэҕиҥ, айыаҕыҥ-тутуоҕуҥ, бииргэ буолуоҕуҥ! Ааҕар көлүөнэни иитэн таһаарарбытыгар улахан болҕомтоҕут, сыраҕыт, бэйэҕит кылааккыт иһин барҕа махтал буолуохтун!
Кэскиллээх олоххо бэлэм буолуоххайыҥ!
Эҕэрдэҕэ Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин айар кэлэктиибэ барыта кыттыһар, сиһилии видеоҕа көрөргүтүгэр ыҥырабыт.