Убаастабыллаах учууталлар, эбии үөрэхтээһин педагогтара,
педагогическай үлэ бэтэрээннэрэ!
Хас биирдиибит олоҕор, дьылҕатыгар Учуутал олус улахан оруолу ылар. Учуутал киһи дууһатыгар, өйүгэр-санаатыгар, үлэтигэр-хамнаһыгар олоҕун усталаах туоратын тухары үтүө сирдьит буолан хаалар.
Учуутал — бу көннөрү идэ эрэ буолбакка, олох бэлэҕэ, олох анала. Эһиги оҕоҕо билиини биэрэри, толкуйдуурга үөрэтэри таһынан, үтүөҕэ, кэрэҕэ, кырдьыкка уһуйаҕыт, хас биирдии үөрэнээччигэ куккут-сүргүт сылааһын иҥэрэҕит.
Оскуолаҕа хас биирдии оҕоҕо сиэр-майгы, билии-көрүү бигэ акылаата ууруллар буолан, биир эрэ киһи дьылҕата буолбакка, улуус, өрөспүүбүлүкэ, бүтүн дойду кэскилэ эмиэ түстэнэр.
Ис сүрэхпититтэн дьолу, доруобуйаны, саҥа ситиһиилэри, махталлаах үөрэнээччилэри баҕарабыт. Үтүө үлэҕит иһин эһиэхэ барҕа махтал буоллун!
Өрүү бу курдук «Кэскиллиин» айымньылаахтык айа-тута, кэнчээри ыччаты үрдүккэ-сырдыкка угуйа туруҥ!