Амматааҕы гражданскай сэрии устуоруйатын музейыгар Саха сирэ тэриллибитэ 100 сылыгар аналлаах XVIII-XIX үйэтинээҕи мастан, туостан оҥоһуллубут былыргы иһит-хомуос быыстапката от ыйын 11–20 күннэригэр «Удьуор утум» национальнай пуонда бырайыагынан норуот оҥоһуктарын оскуолатын көҕүлээһининэн ыытылла турар. Быыстапка туһунан Саха Сирин үөрэҕириитин туйгуна, үлэ бэтэрээнэ, музей үлэһитэ Вера Шилова кэпсээтэ.
– Былыргы балыыһа уһаайбатын саҥа балыыһа тутуллубутун кэннэ музейга биэрбиттэрэ. Биһиги кыһалҕабыт диэн уһаайбабыт ууга турар буолан алдьана турара, сиҥнэрэ, уу барбата, ол иһин дьиэлэрбит акылааттарын уларытар үрдүнэн эмэҕирэ тураллара буолар. Өрөмүөҥҥэ үппүт-харчыбыт суох. Харчы көһүннэҕинэ хос оҥоруохпутун баҕарабыт. Ол да буоллар үлэбит-хамнаспыт тохтообокко бара турар. Култуура салалтата бырайыагынан уустарга маастар кылаастары оҥороллор, маһынан, туоһунан үлэлэри үөрэтэллэр уонна иһиттэри хомуйан биһиэхэ туруордулар. Манна Амма нэһилиэгиттэн чорооннор, кытыйалар, тууйастар, маллаах иһит, Абаҕаттан былыргы тууйастар, иһиттэр, Мээндигиттэн холбука, томторук, араас чорооннор, Бөтүҥтэн эти хоторор улахан кытыйа уонна атын да маллар бааллар.
Маны улууспут олохтоохторо бэйэлэрэ аҕалан көрдөрөллөр. Былыргы сахаларга мас, туос иһит элбэх этэ, онтон нуучча култуурата кэлбитигэр таас иһит элбээн барбыта. Музей бэйэтин экспонаттара былыргы иһиттэр чабычахтар, чорооннор, талахтан оҥоһуктар бааллар. Онон бу быыстапка былыргы иһиккэ аналлаах. Маны Олоҥхо ыһыаҕар быыстапкаҕа туттуохха сөп. Онно биир хайысха уустарга ананар, ол иһин биһиги болҕомтолоохтук уонна сорунан туран бэлэмнэниэхпитин наада. Бу быыстапка хатыланыан наада диэн саныыбын. Күн аайы ыалдьыттар кэлэн көрөн ааһаллар. Холобур, Сунтаартан, Приморьеттан, Ньурбаттан, олохтоох лааҕырдартан, дьиэ кэргэттэр, биирдиилээн дьон кэлэн сырыттылар. Улууспут олохтоохторун бэйэҕитигэр туос, мас, тимир о. д. а оҥоһуктар баар буоллахтарына барытын маннык тэрээһиннэргэ көрдөрө аҕалыҥ диэн ыҥырабын, – диэн этэр Вера Шилова.
Амма олоҕо. Ulusmedia