Атырдьах ыйын 24 күнүгэр О.П. Иванова-Сидоркевич аатынан Амматааҕы айар сайдыы киинигэр «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак чэрчитинэн техническай хайысхалаах саҥа үөрэх кабинета үөрүүлээх арыллыыта буолан ааста.
Ол туһунан киин дириэктэрэ Иванна Шестакова кэпсиир:
— Өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыгар эбии техническай хайысхалаах кылаастар арылыннылар. «Хас биирдии оҕо ситиһиитэ» диэн федеральнай бырагыраама чэрчитинэн «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак өйөбүлүнэн эбии үөрэх кылаастара арылыннылар. Биһиги улууска 873 000 солк. суумалаах субсидия көрүллэн, лазернай станок, 3Д принтер, графическай станция, монитор ылылынна. Эбии оройуон дьаһалтатын өйөбүлүнэн 500 000 солк. көрүллэн, саҥа миэбэли уонна өрөмүөн чааһын уйуннубут. Бу маннык ураты хайысхалаах технопааркаҕа оҕолорбут, педагогтар саамай хорсун идиэйэлэрин, бырайыактарын олоххо киллэриэхтэрэ.
Саҥа кабинет арыллыытыгар быһа сибээһинэн холбонон СӨ үөрэҕин уонна билимин миниистирэ Ирина Любимова эҕэрдэлээтэ. Онтон педагог Афанасий Уваров 3Д-моделлааһыҥҥа маастар-кылаас оҥорон билиһиннэрдэ.
keskil14.ru