«Дьөһөгөй» кулууп уолаттара Аммаҕа 26 төгүлүн ыытыллар “Идэһэ” быыстапка-дьаарбаҥкаҕа сырыттыбыт. Оройуон 65 хаһаайыстыбалара, ол иһигэр фермерскэй, кэтэх хаһаайыстыбалар эттэрин, истэри, быары, хааны, кустарын, үүттэрин, мүөттэрин, барыанньаларын удамыр сыанаҕа атыылаатылар. Манна олохтоохтор кыһыҥҥы астарын-үөллэрин атыыластылар. Атыыга эт сыаната убаһа киилэтэ – 550 солк. Ынах этин киилэтэ 600 солк. эбит. Атыылааччылар этэллэринэн атыыга аҕалбыт бородуукталара хамаҕатык барбыт.
Биһиги “быыстапка-дьаарбаҥка” хайдах тэриллэрин көрдүбүт. Идэһэни хайдах, ханна атыылыыры, харайары, төһө барыс аахсары кыттааччыттан идэһэ туһунан ыйытыылары биэрдибит, хоруйдары ыллыбыт. (Эһиги хаһаайыстыбаҕыт тугунан дьарыктанарый? Төһө саастаах сүөһүнү идэһэҕэ тутталларый? Идэһэни анаан бэлэмнээн туттуу диэн хайдах буоларый? Биир миэстэ (ынах. убаһа, сылгы) этэ төһө киилэ буоларый? Сыаналара хайдаҕый? Идэһэни тыыннаахтыы атыылыыр барыстаах дуу, этинэн ду? Идэһэттэн киһи тугун сиэбэтий? Идэһэҕит тириитин, туйаҕын хайдах туһанаҕытый? Идэһэ күнүн дьиэ кэргэҥҥитигэр хайдах ылаҕытый? Эһиги санааҕытыгар маннык ярмарка-выставка тэриллэрэ хайдаҕый? Маннык тэрээһиҥҥэ кэлэн атыыгыт төһө бардай?Биһиги улууспутугар эти-үүту батарыы уонна производство төһө сайынна дии саныыгын? Эти харайыыга тугу сүбэлиэххин сөбүй?). Аммаҕа эти-үүтү атыыга бэлэмниир оҥорон таһаарар сыах «Амма» СХПК үлэлиир. Эт-үүт сылы быһа маҕаһыыннарга атыыланар. Бу дьаарбаҥкаҕа агрооскуолалар кыттыбыттара, оҕолор бэйэлэрэ астаабыт эттээх полуфабрикаттарын, хатаран оҥорбут сухофрукталарын, эмтээх оттон чэйдэрин атыылаабыттара.
«Дьөһөгөй» кулууп уолаттара идэһэ күнүгэр сылдьыбыттарын туһунан Старостин Ньургун НВК Амма филиалга интервью биэрдэ.
Идэһэ күнэ хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ үөрүүлээх күн буоларын биһиги кыра эрдэхпититтэн билэбит, сылгы-ынах сүөһү ииттэн сахалыы эт астары аһаан доруобай буоларга дьулуһуоҕуҥ диэн ыҥырабыт. Үлэһит, тулуурдаах киһи сылгы, ынах ииттэн этин үүтүн атыылаан дьиэ кэргэнэ дохуот аахсарын, барыстаах дьыала буоларын өссө төгүл көрдүбүт, итэҕэйдибит.
Ефремов Елисей,
VIII кылаас,
«Дьөһөгөй» кулууп
Амма.