Амма 1 №-дээх орто оскуолатыгар 2018 сылтан ALCoB диэн АТЭС дойдуларын үөрэхтээһиҥҥэ бииргэ үлэлээһин уопсастыбатыгар киирсэн, «Робототехника уонна программанан хааччыйыы» бырайыагы ыыталлар. Ону таһынан дистанционнай үөрэхтээһиҥҥэ өссө икки норуоттар икки ардыларынааҕы бырайыактары үлэлэтэ сылдьаллар.
Амма 1 №-дээх орто оскуолатын норуоттар икки ардыларынааҕы бырайыак «Робототехника уонна программанан хааччыйыы» бырайыак чэрчитинэн Аграфена Васильевна Никулина салалтатынан үһүс сылын таһаарыылаахтык үлэлиир.
Ол курдук быйылгы үөрэх дьылыгар биһиги оҕолорбут «ZOOM» платформаны туһанан Соҕуруу Кэриэйэ Чолла-Пукто провинция Бонгдонг оскуола оҕолорун кытта нэдиэлэҕэ биирдэ онлайн-уруоктарга үөрэнэллэр. Бу уруоктарга оҕолор аангылыйа тылынан араас тиэмэлэргэ кэпсэтэллэр. Уруоктары Бонгдонг оскуола аангылыйа тылын учуутала Ким Минджун уонна быйыл саҥа аангылыйа тылын учууталынан үлэлээн саҕалаабыт Айурана Семеновна Габышева ыыталлар. Учууталлар урок иннинэ оҕолору түмэн аангылыйа тылынан сөпкө саҥарарга, ону таһынан информацияны буларга, таларга үөрэтэллэр. Бу бырайыак оҕолору араас өрүтүнэн сайыннарар.
Тихонова Дайаана, 6 кылаас үөрэнээччитэ:
— Биһиги, Амма 1 №-дээх орто оскуолатын 5 уонна 6 кылаас оҕолоро «ZOOM» платформанан кэриэй оҕолорун кытары билсиһэн, аангылыйа тылынан кэпсэтэн, саҥа доҕоттордоммуппут. Кэриэйэ оҕолоро аангылыйа тылынан олус үчүгэйдик кэпсэтэллэр эбит. Кинилэри кытары араас тиэмэлэргэ кэпсэппиппит – Кэриэйэ култууратын, аһын-үөлүн, биллиилээх дьоннорун, ону таһынан Бондонг оскуолатын туһунан элбэҕи билбиппит- истибиппит. Биһиги бэйэбит дойдубут, Сахабыт сирэ хайдахтаах курдук улаханын, баайын-дуолун кинилэргэ сиһилии кэпсээн соһуппуппут. Учууталбыт Айурана Семеновна көмөтүнэн биһиги ыраах Соҕуруу Кэриэйэҕэ доҕоттордоохпутуттан астынабыт, киэн туттабыт. Инникитин саҥа доҕотторбутун кытары ZOOM нөҥүө билсэ туруохпут, Кэриэйэ туһунан өссө да элбэҕи билиэхпит диэн эрэнэбит.
Алёна Ларионова, 7 а кылаас үөрэнээччитэ:
— Биһиги Кэриэйэ Гоянг оскуолатын оҕолорун кытта аангылыйа тылынан кэпсэтэбит, тылбытын сайыннарабыт. Facebook станицалаахпыт, онно араас видеолары ыыталыыбыт. Zoom приложениенан үөрэнэбит. Бастаан почта диэн приложениянан кэпсэтэн саҕалаабыппыт. Бэйэ-бэйэбитигэр посылкалары ыыталаабыппыт, онон Соҕуруу Кэриэйэ минньигэс астарын, кэмпиэттэрин боруобалаатыбыт. Биһиги кэриэй оҕолоругар эмиэ минньигэстэри ыыппыппыт. Мин бу билсэн, элбэҕи биллим уонна үөрэттим. Олус үчүгэй бырайыак.
Чабыкина Валерия, 5 «а» кылаас:
— Мин кэриэй тылын куруһуогар быйылгыттан сылдьан саҕалаатым. 5 «а» кылаас кыргыттара буолан бары сылдьабыт. Билигин учууталбыт Хураганчык Валентина Олеговналыын кэриэй буукубаларын, суругун бичигин үөрэтэ сылдьар. Хайдах дорооболоһорго, ааппытын этэргэ үөрэннибит. Аммаҕа 2019 сыллаахха кэлэ сылдьыбыт «Пёнтэк филмармония» уус уран салйааччыта , Сеул кэнсиэртиир оркестрын кылаабынай режиссера, профессор Но Тхэчоль уонна ыччат социальнай үлэтин киинин дириэктэрэ Чо Инчжин быйыл биһиги куруһуокпутугар сылдьар оҕолорго анаан туран, харыстанар мааска ыыппыттара. Былырыын үөрэтэн саҕалаабыт 6 кылаас оҕолоро бу үөрэх дьыл саҕаланыыта кэриэйдии суруйан, кэпсэтэн онлайн уроктарга сылдьыбыттар, элбэҕи билбиттэр.
Ону таһынан саҥа үөрэтээччилэр «Я рисую Корею» диэн Россиятааҕы онлайн күрэххэ кыттыыны ылбыппыт. Быйыл ол күрэҕи оскуолабыт иһигэр оҥорор былааннаахпыт.
Саамай улахан ыра санаам — кэрийдии саҥарыахпын наһаа баҕарабын. Кэриэйэ культуратын туохтан да ордоробун, муусукатын астынабын, ол сиргэ бара сылдьыахпын баҕарабын. Өссө да үөрэтэр, элбэх тылы баһылаабыт киһи буолуом диэн эрэнэбин.
Прокопьева Сахаяна, 6 а кылаас:
— Биһиги быйыл Кэриэйэҕэ олорор доҕотторбутугар видео устан, бэйэбит туһунан кэпсээн, ыыппыппыт. Иккиһинэн, зум конференцияҕа кыттыбыппыт. Бастаан бары долгуйбуппут. Онтон элбэхтик билсэн-көрсөн баран, кутталбыт, долгуйуубут ааспыта. Кэриэйэ оҕолоро наһаа бэһиэлэйдэр, үөрэллэр-көтөллөр.
Үсүһүнэн, доҕотторбутун кытта фейсбук приложениянан, электроннай почтанан суруйсар буолбуппут. Төрдүһүнэн, бэйэ бэйэбитигэр бэлэх ыыппыппыт. Араас кэмпиэти, сакалааты, бэчиэнньэни баҕараллар этэ. Ахсынньы 2 күнүгэр кинилэртэн посылка туппуппут. Наһаа элбэх муус кэмпиэт, бэчиэнньэ, сакалаат баар этэ. Өссө оскуолаҕа наадалаах тэриллэр: уруучука, папка, блокнот. Саҥа билсиһии — наһаа үчүгэй!
keskil14.ru