Дьокуускайтан сылдьар аҕыс саастаах Амелия Бурцева дуобакка аан дойду бастыыр иһин күрэҕин кыайыылааҕынан буолла. Бу туһунан ТАСС иһитиннэрэр.
«Дьокуускай куорат классическай гимназиятын үөрэнээччитэ, нуучча уонна аан дойду дуобатыгар Россия чемпиона Амелия Бурцева тоҕуһугар диэри саастаахтар бөлөхтөрүгэр үс бырагыраамаҕа кыайыыны ситистэ», — диэн өрөспүүбүлүкэ Москваҕа бэрэстэбиитэлистибэтин пресс-сулууспата тириэрдэр.
Күрэх атырдьах ыйын 20-30 күннэригэр Каппадокияҕа ааста. Аан дойду бастыыр иһин күрэҕэ аан дойдутааҕы дуобат федерациятын көҕүлээһининэн ыытыллар. Кыайыылаахтар бары түһүмэххэ түмүллүбүт очкуоларынан быһаарыллаллар.