XIX үйэ бүтүүтэ Англия үтүө санаалаах сиэстэрэ дьахтара мисс Кэт Марсден, араҥ ыарыылаахтарга көмөлөһө, Саха сирин биир саамай түҥкэтэх сиригэр, бүтэй Бүлүү диэн ааттанар улууһугар, тиийэн кэлбитэ, бэл, аныгы үйэ киһитин сөхтөрөр.
Мисс Марсден ол унньуктаах айанын түмүгэр Бүлүүгэ араҥ ыарыһахтарга анаан лепрозорий тутуллубута.
Онтон ыла үтүмэн сыл ааспыта. Аны пионер, комсомол тэрилтэлэрэ үгэннээн үлэлии турар кэмнэригэр Тимурдуу хамсааһын тиһигин быспакка барара, оҕолор сэрии, тыыл бэтэрээннэригэр күүс-көмө буолаллара.
Онтон 90-сылларга, бу тэрилтэлэр суолталара сүтэ быһыытыйбыт кэмигэр, пионерскай сүүрээни сүтэрбэт, салгыы үлэлэтэр сыалтан, Үөһээ Бүлүү Ороһутугар “Иэйиэхсит” оҕо бөлөҕө тэриллибитэ.
“Иэйэхситтэр” сэрии, тыыл бэтэрээннэригэр, элбэх оҕолоох ыалга, доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо отторугар-мастарыгар көмөлөһөн, кэнсиэртээн сэргэхситэн, кэһиилэнэн, аһымал аахсыйалары тэрийэн, балайда санааларын чэпчэтэллэрэ.
Биһиги эдьиийдэрбит, убайдарбыт саҕалаабыттарын салҕаан, дьиэҕэ олорор кырдьаҕастарга дьыл кэмин үлэтинэн күүс-көмө буолабыт. Холобур, хаар таһабыт, муус киллэрэбит, хортуоппуй хостуубут.
СӨ үөрэҕэриитин туйгуна, педагогическэй үлэ бэтэрээнэ, Ороһу бочуоттаах гражданина Власьева Ксения Самсоновна:
— Ороһу оскуолатыгар өр сылларга нуучча тылын учууталынан үлэлээн баран, бочуоттаах сынньалаҥҥа олоробун. Сааһым сэттэ уон сэттэбин туолан, сэттэ уон ахсыс хаарбар үктэнним. Үһүс сылын Бырдакарова Аурика үөрэнэр кылааһа ыарахан үлэбин чэпчэтэн көмөлөһөллөрүттэн кырдьаҕас киһи астынабын да, үөрэбин да. Ол курдук, кыһыны быһа тиэргэммэр түспүт хаары күрдьэн, таска таһаараллар, улахан бырааһынньыктарга бэлэх биэрэн үөрдэллэр. Оскуола саастаах оҕолор кырдьаҕастарын хаһан да умнубаттара, баалларын биллэрэн, ыллаан-туойан ааһаллара хайҕаллаах.
Биһиги өбүгэлэрбит аһыныгас буолуу сиэрдэрин-туомнарын тутуһуохпут. Кинилэр тыыннаахтарын тухары күүс-көмө буолуохпут.
Аурика Бырдакарова
«Тымтык» эдкорпост,
Ороһу, Үөһээ Бүлүү.