Сахабыт тыла баай, дириҥ ис хоһоонноох тыл. Сылын аайы Ньурба улууһугар саха тылыгар аналлаах «Аман Өс» ааҕыытын күрэхтэһиитэ ыытыллар.
Быйыл оскуолабыт аатын 3-һүс кылаастан Амелия Филиппова уонна 4-с кылаастан мин, Леон Федоров, көмүскээтибит. Амелия үчүгэйдик кыттан 2-с үрдэли ылла. Мин улахан ситиһиилэммэтим эрээри, кыттыыны ыламмын сахам тылын билэрим үксээтэ, элбэҕи саҥаны биллим-көрдүм уонна дуоһуйдум.
Аман өс ааҕыытыгар сорудахпыт учууталлар туһунан кэпсээһин этэ. Мин, эбээм Наумова Марфа Никитична туһунан кэпсээтим. Кини өр сылларга учууталынан, директоры солбуйааччыннан уонна организаторынан Марха орто оскуолатыгар үлэлээбитэ. Элбэх оҕону улуу нуучча тылыгар үөрэппитэ.
Кыттааччы оҕолор бары олус бэлэмнэммиттэр. Мин Хорула уола ааҕарын олус сөбүлээтим, кини эмиэ бэйэтин учууталын туһунан кэпсээбитэ. Сахабыт тыла биһиги саҥарар саҥабыт, кэпсэтэр тылбыт. Ону биһиги оҕолор өйдүөх, сыаналыах уонна харыстыах тустаахпыт.
Леон Федоров, «Ыллык» эдкорпост, Ньурба Хаҥалас