Ороһооспо күнүттэн Кириһиэнньэҕэ дылы Таҥха күнэ саҕаланар. Ол чэрчитинэн кыраайы үөрэтэр түмэл үлэһиттэрэ Таҥха киэһэтин тохсунньу 10 күнүгэр тэрийэн ыыттылар.
Таҥха киэһэтигэр 25 оҕо кэлэн сахалыы таайтарыылаах чааска киириэх иннинэ, З.В. Анисимова Таҥха суолтатын, түҥ былыргы историятын билиһиннэрдэ.
Ол курдук оҕолор чүмэчинэн инникилэрин тымтыктанан көрдүлэр, төгүрүк туойга бүргэһи эргитэн туох күүтэрин билгэлээтилэр, Н. Якутскай «Төлкө» романынан сэрэбиэйдэннилэр, ириис куруппаны ааҕан баҕа санаалара туоларын-туолбатын биллилэр, ону таһынан этэрбэс хаамтардылар, күлүк көрдүлэр.
Хаҥалас нэһилиэгин ытыктанар олохтооҕо, норуот эмчитэ, көрбүөччү, киһи илиитин нөҥүө дьылҕатын, доруобуйатын туругун кэпсиир ураты дьоҕурдааҕынан биллэр Зинаида Кузьминична Маяровская түмэлбитигэр кэлэн ыалдьыттаан, оҕолору кытта кэпсэтэн, сэһэргэһэн барда.
Таҥха киэһэтэ өрүү буоларын курдук оҕолору олус интэриэһиргэтиэ, умсугутта. Кинилэр барытыгар көхтөөхтүк кыттан олус астынан, дуоһуйан тарҕастылар.
Арылхан Семенов, 6 кылаас үөрэнээччитэ, «Ыллык» пост, Ньурба Хаҥалаһа.