Саҥа дьыл кэмигэр киһи дьикти алыптаах түгэҥҥэ итэҕэйэр, баҕа санаата туоларыгар эрэнэр, элбэх үөрүү-көтүү аҕаларын эрэйэр. Онон бу бырааһынньыгы кыралыын-улаханныын бары күүтэбит, кэтэһэбит. Кэлэн иһэр Саҥа Дьылынан эҕэрдэлээн туран, С.А.Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ саҥа дьыллааҕы остуоруйаларын, кэпсээннэрин бэлэхтииллэр. Саҥа сыл барыбытыгар алыптаах түгэннэри аҕаллын!
Саҥа дьыл түүнэ…
Ыраах хоту дэриэбинэ оскуолатыгар икки доҕордуу уолаттар биир кылааска үөрэммиттэр. Кинилэр ааттара Саша уонна Мища диэннэр. Арай биирдэ, Саша оскуолатыгар үөрэ-көтө баран иһэн, халтарыйан охтон түһэн, өйүн сүтэрбит. Миша оскуолаҕа баран иһэн Саша сытарын көрөн, сүүрэн тиийбит. Кини Сашаны көхсүгэр сүгэн дьиэтигэр илдьибит, оронугар сытыарбыт. Саша биир ыйы быһа сыппыт.
Отут күн ааспыт. Дьэ бүгүн Саҥа дьыл буолуохтаах күнэ. Оҕолор бары үөрүү-көтүү, арай Миша эрэ хомойо сылдьар. Кини табаарыһынаан Сашалыын Саҥа дьылы наһаа кэтэспиттэрэ, хайаан да бииргэ көрсүөх буолбуттара.
Миша хоһугар соҕотоҕун олорон, Сашалыын оонньуу сылдьалларын саныы олордоҕуна, эмискэ Чысхаан оҕонньор Миша иннигэр кэлэн турар эбит.
Чысхаан: Миша бу туохтан санаарҕаатын?
Миша: Дорообо, эһэ Чысхаан. Мин биир баар суох доҕорум Саша өйүн сүтэрэн сытар.Ол иһин наһаа хомойобун. Биһиги Сашалыын Саҥа дьылы бииргэ көрсүөх буолбуппут.
Чысхаан: Оо, Мища эн Сашаҕа чугас табаарыс уонна олус эрэллээх доҕор эбиккин. Эн үтүө санааҥ саҥа хаар курдук ыраас. Онон мин эн биир баҕа санааҕын толоруом.
Миша: Эһээ Чысхаан мин баҕа санаам кыракый. Мин табаарыһым Саша өйдөнөн туруон, үтүөрүөн уонна Саҥа дьылы үөрэ көрсүөн баҕарабын.
«Мища, мин эн баҕа санааҕын толоруом» диэн баран, Чысхаан хайдах кэлбитин курдук, эмискэ сүтэн хаалбыт.
Арай Мища кэннин хайыһан көрбүтэ табаарыһа Саша бу турар үһү. Мища Сашаны тиийэн кууһан ылбыт уонна үөрүүтүттэн долгуйан ытаабыт.
Ити курдук доҕордуулар Саҥа дьылы үөрэ-көтө көрсүбүттэр.
Ким доҕордоох, ол дьоллоох.
Айтал Захаров, 7 «в» кылаас.
Уон үһүс ый уонна Саҥа дьыл.
Арай биирдэ куруҥ тыаҕа олорбута эбитэ үһү куобах. Саҥа дьыл чугаһаан куобах дьиэтин киэргэтэ сылдьар. Кини доҕотторун тииҥи, барабыайы, ежигы уонна эһэни ыҥырбыт. Куобах ежиктыын елканы симииллэр, тииҥ ас астыы сылдьар, онтон эһэ барабыайга көмөлөһөн пригласительнай суруйа олороллор. Арай эмискэ күүстээх тыал кэлэн барабыайы ханна эрэ илдьэ баран хаалла. Доҕордуулар барабыайы сүтэрэннэр аймана түстүлэр.
Тииҥ: барабыайбыт сүттэ, түргэнник кинини көрдүү барыаххайын! Мин доҕотторбут моҕотойдору илдьэ барыам. Тииҥ моҕотойдорун кытта барабыайы көрдүү бардылар. Мастан маска ыстанан баран иһэн, аптаах феяны көрсө түстүлэр.
Тииҥ: Фея, кэлэн иһэр Саҥа дьылынан! Биһиги барабыайы көрдүү сылдьабыт. Эн көрбөтөҕүн дуо?
Фея: Кинини тыал бөрөлөр диэки көтүтэн илдьэ барбыта.
Тииҥ: Фея, баһыыба.
Тииҥ моҕотойдорун кытта бөрөлөр ыырдарын диэки ыстана турдулар.
Моҕотой: Бөрө, кэлэн иһэр саҥа дьылынан. Биһиги доҕорбутун барабыайы сүтэрдибит. Хайа диэки баарын билэҕит дуо?
Бөрө: Кинини тыал аптаах тыа диэки көтүтэн илдьэ барбыта.
Моҕотой: Бэрэ, баһыыба.
Тииҥ моҕотойдорун кытта аптаах тыаҕа бардылар.
Моҕотой уонна тииҥ: Дорооболоруҥ! Биһиги доҕорбутун барабыайы сүтэрдибит. Хайа диэки баарын билэҕит дуо?
Аптаах тыа: Дорооболоруҥ, барабыай хара тыаҕа баар. Иэдээн иһэр. Өскөтүн чаһы 12 чааһы көрдөрдөҕүнэ 13- һүс ый кэлэн Саҥа дьылы буортулуур. Түргэнник хара тыаҕа көтүҥ уонна барабыайы быыһаан.
Аптаах тыа тииҥи уонна моҕотойдору суорҕан былыкка олорто. Кинилэр ити курдук хара тыаҕа көтө турдулар.
Арай иннилэригэр хара дыбарыас көһүннэ. Тииҥ моҕотойдорунаан дыбарыаска киирдилэр. Көрбүттэрэ онно харабыллар тураллар эбит. Моҕотойдор кинилэри кыһыл көмүс эриэхэнэн бырахтылар.
Тииҥ барабыай саҥатын иьиттэ.
Барабыай: чыып-чаап. Быыһаан, абыраан!
Тииҥ аптаах суорҕан былытынан көтөн кэлэн барабыайы килиэккэттээн таһаарда.
Барабыай: Уон үһүс ый дыбарыаска саһан олорор. Кини Саҥа дьылы суох оҥоруон баҕарар. Оҕолор кэһиилэрин барытын уоран ылбыт.
Арай эмискэ Чысхааннаах Хаарчаана тиийэн кэллилэр. Кинилэр саһан олорор уон үһүс ыйы туттулар!
Тииҥ уонна моҕотойдор Чысхааннаах Хаарчааналыын төттөрү кыылларга көттүлэр. Тиийбиттэрэ елка симэммит, пригласительнай тарҕаммыт, ас бөҕөтө астаммыт. Доҕордуулар елка тула хаампыттар. Чысхаан Хаарчааналыын наһаа элбэх кэһии түҥэттилэр. Дьэ итинник доҕордуулар Саҥа дьылы уруйдуу көрсүбүттэр.
Лида Борисова, 7 «в» кылаас.
Саҥа дьыл
Саҥа дьыл оҕо аймах саамай сөбүлүүр уонна күүтэр бырааһынньыга. Саҥа дьыл чугаһаата5ына ас буһарабыт, дьиэбитин хомуйабыт, подарок бэлэмниибит. Дьиэҕэ уонна уулуссаҕа барытыгар бырааһынньыктыы атмосфера, бары күлэ — үөрэ сылдьаллар.
Оҕолорго бу бырааһынньык олох дьиҥнээх аптаах күн. Кинилэр харыйаны киэргэтэллэр, кыраһыабай мишуралары, гирляндалары уонна араас шариктары ыйыыллар. Оччоҕо дьиэ иһэ өссө тупсар уонна кыраһыабай буолар.
Биһиги дьиэ кэргэн эмиэ Саҥа дьылы олус күүтэбит. Ийэбит ас арааһын буһарар, дьиэ иһэ минньигэс сытынан туолар. Онтон остуолга ас кэрэтик тардыллар. Киэһэтин биһиэхэ аймахтарбыт бары кэлэллэр. Оччоҕуна үөрүү-көтүү саҕаланар, ырыа –тойук ылланар, араас көрдөөх –нардаах оонньуулар оонньоноллор. Дьэ онтон 12 чаас саҕана бары харыйаҕа подарок көрө сүүрэбит.
Бу быйылгы Саҥа дьыл эмиэ үчүгэйдик ааһыа дии саныыбын. Онтон кэлэр сыл үөрүүнү уонна дьолу аҕалыа. Саҥа дьылга, тумуу-сөтөл сүтүө, ыарыы уостуо, олохпут өссө тупсуо. Саҥа дьылынан, Саҥа дьолунан!
Нарыйа Захарова, 7 «в» кылаас
Саҥа дьыллааҕы дьикти түгэн …
Бу дьикти түгэн хаһан эрэ биир куоракка буолбут. Куорат олохтоохторо Саҥа дьылы олус кэтэспиттэр. Арай Гринч диэн ааттаах аптаах уол Саҥа дьылы кытта куоракка эпидиэмийэ иһэрин билбит. Кини куорат олохтоохторун ыарыыттан быыһаары, чысхаан тыал буолан үөһэ көтөн тахсыбыт. Куоракка чугаһаабыт вирустары Гринч тыалга сөрөөн ыраах халлааҥҥа ытыйан таһаарбыт. Кини доҕорун дьүкээбили көмөҕө ыҥырбыт. Дьукээбил эмискэ хараҥа халлааҥҥа уот буолан умайан вирустары ыраах үүрбүт. Халлаан ырааһырбыт, ыарыы сүппүт.
Куорат олохтоохторо үөрэ — көтө Саҥа дьылы көрсүбүттэр. Аптаах уолга уонна кини доҕоругар дьүкээбилгэ махтанан, куорат олохтоохторо Саҥа дьылга элбэх гирляндалары уматар уонна халлааҥҥа араас өҥнөөх салюттары ытар буолбуттар.
Ыарыы ыалласпатын, тумуу сыстыбатын. Саҥа дьылынан, оҕолоор.
Христофоров Тимур, 5 «в» кылаас.
Саҥа дьылы күүтэбит…
Бүгүн ахсынньы ый 31 күнэ. Саҥа дьылбыт буолара чугаһаата. Оҕолор уонна улахан дьоннор бары долгуйа кэтэһэллэр. Мин эмиэ Саҥа дьылы наһаа күүтэбин. Бу күн остуолбутугар наһаа элбэх минньигэс ас баар буолар.
Кырдьык Сана дьыл түүнэ саамай аптаах. Холобур, баҕа санааны эттэххинэ барыта туолар. Саҥа дьыл аптаах түүнэ биһиэхэ үөрүүнү аҕалар, эйэлээх уонна түмсүүлээх оҥорор.
Түүн уон икки чаас кэнниттэн киһи барыта салют ыта тахсаллар. Дэриэбинэ барыта сырдыы түһэр, халлаан араас уотунан умайар.
Киһи барыта күлэр — үөрэр, Саҥа дьылы уруйдуу көрсөллөр.
Саҥа сылынан эҕэрдэлиибин. Баҕарабын доруобуйаны, үчүгэй үөрэҕи.
Парникова Каролина, 5 «в» кылаас.
Саҥа дьыл киэһэтэ
Бүгүн Саҥа дьыл киэһэтэ. Ыаллар таһырдьа харыйалары туруорбуттар, олбуордарын киэргэппиттэр. Оҕолор уонна улахан дьоннор бары таһырдьа тахсыбыттар. Оҕолор үөрэллэр, хаарынан оонньуулар. Онтон улахан дьон кэпсэтэллэр. Бары үөрэ — көтө Саҥа дьылы кэтэһэллэр.
Тиийэн кэллэ Тымныы оҕонньор уонна Хаарчаана. Элбэх кэһиилээх кэлбиттэр. Тымныы оҕонньор: «Кутуйах сыла ааста, аны оҕус сыла саҕаланар» диэтэ .
Оҕолоор, кутуйах сылынан! Доруобай буолуҥ!!!
Аржакова Нарыйа, 5 «в» кылаас.
Саҥа дьыл түүнэ суулуу кууспут…
Былыыр былыр тыа кыыллара эйэ- дэмнээхтик халыҥ тыаҕа олорбуттара эбитэ үһү. Сайынын алаас ортотугар турар төп — төгүрүк алаадьы курдук күөллэриттэн уулаан, тыаттан аһыыр отторун-мастарын булунан , күһүнүн уйаларын-хорооннорун оҥостон, бары биир дьиэ кэргэн буолан олорбуттар.
Сотору кырыа кыһын үрүҥ хаарынан үллүктээн тиийэн кэлбит. Уйаҕа да састаллар, хорооҥҥо да олордоллор кинилэр тыа сонунун истэ — билэ олорбуттар.
Кэтэһиилээх Саҥа дьыл бырааһынньыга чугаһаан, тыа кыыллара улахан мунньах оҥорбуттар. Күнү быһа мунньахтаан элбэҕи эппиттэр, үлэлэрин үллэстибиттэр, барытын быһаарсыбыттар.
Аарыма кырдьаҕас улахан да улахан харыйаны булан аҕалбыт. Бөрөлөр харыйаны сүгэн аҕалан тыа ортотугар туруорбуттар. Онтон дьэ харыйаны симээһин саҕаламмыт. Тииҥчээннэр эриэхэнэн — тэллэйинэн, чыычаахтар отонунан-сугунунан, куобахтар отунан-маһынан харыйаны симээбиттэр. Халлаан сулуһа уотуттан уларсыбыт, туолбут ый көмүс дуйунан ыспыт.
Бары да элбэҕи үлэлээбиттэр.
Саҥа дьыл алыптаах түүнэ үүнэрэ чугаһаабыт. Харыйа аттыгар бастакынан тыа аарыма кырдьаҕаһа кэлбит. Онтон бөрөлөр мустубуттар, тайахтар тиийэн кэлбиттэр. Ити курдук, тыа кыыллара бары Саҥа дьыллаары мустубуттар.
Бары мустубуттарын кэннэ, тыатааҕы Харыйа уотун умаппыт. Онтон Саҥа дьыллааҕы кэнсиэр саҕаламмыт.Онно куобахчааннар барабааннарга оонньообуттар, бөрөлөр ыллаабыттар, тииҥнэр үҥкүүлээбиттэр. Ытыс тыаһа элбээбит, үөрүү-көтүү үксээбит.
Арай бу олордохторуна чуораан тыаһаабыт, сыарҕа лыҥкынаабыт. Тыа кыыллара бары чуумпуран иһиллээбиттэр. Арай туйахтар тыастара чугаһаатар чугаһаан бу тиийэн кэлбит. Көрбүттэрэ Тымныы мооруос оҕонньор Хаарчаана сиэнинээн кэлбиттэр. Кинилэр барыларыгар бэлэх арааһын бэлэхтээбиттэр.
Тыа кыыллара наһаа үөрбүттэр. Кинилэр сарсыардааҥҥа диэри ырыа ыллаабыттар, хоһоон аахпыттар уонна оһуохайдаабыттар.
Ити курдук, Саҥа дьыл түүнэ аптаах алыптаах суорҕанынан тыа кыылларын барыларын суулуу кууспут.
Саҥа дьылынан! Саҥа дьолунан!.
Лебедева Сахайаана, 5 «г» кылаас.
Аптаах харыйа
Арай биирдэ Коля уонна Миша диэн атастыы оҕолор таһырдьа оонньуу тахсыбыттар. Миша этэр:
- Коля, сотору Саҥа дьыл буолар дии!
- Аһаа, билэбин – диэн Коля хайдах эрэ санаарҕаабыттыы эппиэттээбит.
- Тоҕо настарыанньаҥ суоҕуй?
- Тоҕо диэтэр, биһиэхэ харыйа да ылар харчыбыт суох!
- Ээ, санаарҕаама. Хата, тыаҕа тахсан харыйата көрдүөххэ – диэн Миша табаарыһыгар этии киллэрбитигэр, биирэ үөрэ түспүт.
Уолаттар тыа иһигэр киирбиттэр, бэйэлэригэр сөптөөх харыйаны көрдөөбүттэр да булбатахтар. Онтон арай 3 харыйа турар эбит. Биирэ аһара улахан, иккиһэ – наһаа кыра, үсүһэ – миигин ылын диэбиттии кыраһыабай бэйэлээх харыйа турар эбит. Уолаттар сэрэнэн илдьэн дьиэлэригэр аҕалбыттар. Дьэрэкээн гына киэргэпппиттэр, симээбиттэр.
Коля дьоно кэлбиттэр, үөрбүттэр аҕай. 31 чыыһыла күн остуолларын тардыбыттар, аһаабыттар уонна утуйбуттар. Нөҥүө күнүгэр уһуктубуттара – харыйаларын анныгар наһаа элбэх бэлэх сытар эбит. Коля Мишаҕа кэһии гына илдьэн биэрэргэ санаммыт. Ити курдук, аптаах харыйа уолаттар баҕа санааларын толорон, дьиэ кэргэҥҥэ дьолу-соругун аҕалбыт. Онтон ыла кинилэр дьоллоохтук олорбуттар!
Сидоров Назар, 5 «г» кылаас.
Бэлэмнээтэ: Лилия Егоровна Попова —
С.А.Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын
саха тылын уонна литературатын учуутала