Хомус былыр-былыргыттан илдьэ кэлбит саха норуотун музыкальнай инструмена буолар. Былыр хомуһу соҕотохсуйуу кэмигэр ырыа ыллаары, дорҕоон таһаараары, иэйиини, дууһаны арыйаары оонньууллара. Хомус өссө киһини эмтиир күүстээх.
Хомус тутула: тиэрбэс, тыл, биһилэх, сыҥаах, чыычаах, эминньэх.
Хомуһу тарда үөрэнэргэ 5 сатабылы сатыахтааххын:
– Хомуһу сатаан тутуу;
– Чыычааҕын сөпкө охсуу;
– Сөпкө тыыныы;
– Хомус тыаһын сөпкө истэ үөрэнии;
– Хомус тыаһын, дорҕоонун уларытыы.
Ол курдук, Игнатьев Игорь Николаевич, Майатааҕы Ф.Г. Охлопков аатынан эбии үөрэхтээһин «Тэтим» фольклорнай салаа учууталын хомус туһунан тус санаатын ааҕыахха.
– Аан бастаан хаһан хомустаан саҕалаабыккыный?
– Хомуһу оҕо эрдэхпиттэн сөбүлээн истэр этим. 7-8 кылаастан саҕалаан кыралаан хомуска үөрэнэн саҕалаабытым.
– Хомус уустарыттан кими ааттаталыан этэй?
– Сөбүлүүр хомус уустарым диэн Колодезников Иван Кононович – Үрүҥ Уус, бэйэтэ Бүлүү улууһун Хампатыттан төрүттээх. Билигин биһиги кэккэбитигэр хомойуох иһин суох. Кини саамай аатырбыт хомус ууһа буолар. Ону сэргэ, Таатта улууһуттан Эдуард Эдуардович Тарабукин –биллэр хомус ууһа. Мин сүрүннээн кини хомустарынан оонньуубун.
– Оҕолору хомустуурга үөрэтэр төһө уустугуй?
– 2022 сыллаахтан Ф.Г. Охлопков аатынан Майатааҕы эбии үөрэхтээһин оскуолатыгар уһуйаантан саҕалаабытым. 3 кылаастан саҕалаан улахан кылаастарга дылы үөрэтэбин. Хомустуурга үөрэнэр сүрдээх уустук. Хара маҥнайгыттан оҕолору сөпкө тутарга, тыынарга, хас биирдии дорҕооннору тыаһатан оонньуурга, тылларын, уостарын хайдах сөпкө хамсатарга үөрэтэбин. Оҕолорго элбэхтэ урукку биллиилээх хомусчуттар оонньоон хаалларбыт видеоларын, Лука Николаевич Турнин да буоллун, Николай Карлович Шишигин дьүһүйүүлэрин иһитиннэриҥ диэн сүбэлиибин. Хомус тыаһын оҕо элбэхтэ истиэхтээх. Ханнык композицияны оонньууллара барыта чопчу буолуохтаах. Хомус үрдук, орто, намыһах тыастаах диэҥҥэ арахсар. Оҕоҕо хара маҥнайгыттан сымнаҕас тыллаах хомустан үөрэтэн саҕалыахха наада. Хас биирдии түө бэйэ уратылаах. Бэйэтигэр хомус размера улахан буолбакка, 5-7 см. иһинэн көрөҥҥүн сүбэлиигин.
– Хомуһу кытта туох эмит дьикти түгэн буолбута дуо?
– Уус-Алдан улууһугар тиийэн биирбэ дьиэ малааһынын ыыппытым. Барыларын алҕаан, тыл-өс эппитим. Ыҥырыллыбыт дьон бары уол оҕолоро суох этилэр. Сорохторо саҥа холбоспуттар, эбэтэр кыыс оҕолоохтор. Ону мин ис турукка киирэн хомуһунан дьүһүйбүтүм уонна алҕаабытым. Онтон бу икки сыллааҕыта дьоннорум булан суруйан баран: «Эн наһаа үчүгэйдик алҕаабыт эбиккин, бу санаан көрдөххө бары уол оҕолоннубут», — диэн үөрэ олороллор. Киһи хайдах ылынарыттан эмиэ тутулуктаах. Сорох дьон: «Олус бэрткэ алгыс ылынныбыт», — дииллэр. Уонна киһи хомуһу оонньоотоҕуна уйдаран, чэпчээн хаалар. Ыалдьыбыт турук эмиэ ааһар. Хомус бэйэтэ дьикти уонна интэриэһинэй.
– Ансаамбылын туһунан кэпсээ.
– Бу «Дьүрүһүй» диэн Майатааҕы «Сардаана» оҕо уһуйаанын коллективыгар 2022 сыллаахтан үлэлиибин. Нэлиэлэҕэ 1-2 дьарыктанабыт. Таҥас тиктэрэн, сүүрэн-көтөн «Дьүрүһүй» ансаамбыл тэриммиппит. Араас күрэхтэргэ кыттан миэстэлэспиппит. Онтон быйыл эһиилги «Олоҥхо» ыһыаҕар бэлэмнэниэхтээхпит. Оҕолор бары дэгиттэр талааннахтар, олоҕурбут ньымалара: кэҕэлэтии, хаастатыы, күөрэгэйдэтии, табыгыр, көҕүс дорҕооно. Ону сэргэ, Л.Н. Турнин төрүттээбит ньыматынан бэйбэрэлии ньыманы эмиэ туттабыт. Оҕолор араас норуот ырыаларын олус бэрткэ оонньууллар.
– Саҕалаан эрэр хомусчуттарга тугу сүбэлиэҥ этэй?
– Сыыйа тардан, наҕыллык ооонньоон саҕалыахтара этэ. Сүрүнэ диэн сөпкө тыыныы уонна хомуһу сөпкө тутуу буолар. Саҥа оонньуур хомусчуттарга олоҕурбут ньымалары сөргүтэн хас биирдии саҥа холонооччу кэҕэлэтии, күөрэгэйдэтии, хаастатыы, көҥкөлөйдөтүү, норуот ырыаларын матыыбыгар дьүһүйэн оонньуулларыгар баҕарабын. Билиҥҥи оҕолор орто уонна үрдүк тональность тутуһан оонньууллара бэрт буолуо этэ.
Текст: Ольга Халыева