Ньурба оройуонун Хаҥалас орто оскуолатын оҕолоругар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтэ анал байыаннай дьайыыга хорсуннук киирсибит «Алёша» тааҥка ойуулаах тэтэрээтин бэлэх ыытта.
Кырыктаах киирсиигэ Сахабыт сирин туйгун байыастара Алёша танк экипаһыгар бааллара. Кинилэр чаҕыйбакка, куттанан биэрбэтэхтэрэ. Ол түмүгэр бу тааҥка түөрт саллаата Арассыыйа Дьоруойун аатын сүкпүттэрэ. Кинилэр киирсиилэрэ историяҕа хаалар, учебникка суруллар суолталаммыта.
Оҕолор бу бэлиэ тэтэрээти тутаннар үөрдүлэр уонна харыстаан илдьэ сылдьыах буоллулар. «Туйгун» уонна «үчүгэй» эрэ сыаналары ыларга кыһаллыахпыт диэтилэр.
«Ыллык» пост Ньурба, Хаҥалас.