Алтынньы – кыстык аҕыс ыйыттан бастакыта. Күһүҥҥү иккис ый. Бу ый аата алта сыыппараны кытта ситимнээх. Алта сыыппара алтыһыы суолталаах. Ый үргэллэрдиин, Чолбоннуун алтыһар. Дьон-сэргэ эмиэ алтыһар.
Алтынньы үксүгэр сиппэрэҥнээх, ардахтаах, хаардаах, былыттаах буолар. Онон суол-иис наһаа алдьанар. Бу кэнниттэн сир үрдэ тоҥо быһыытыйар. Ону сойуо кэм эбэтэр добдурҕа дииллэр. Буор иҥэриммит итиитэ сир анныгар түһэр. Онон сир аннынааҕы тоҥ ирэр. Ол иһин алтынньыга булуус хаһарга табыгастаах. Алтынньы бүтүүтэ өксүөннээх, хаара хойуу. Орто дойдуга алтынньы ыйга Хотой Айыы суолтата улахан.
Хотой Айыы төрдүс халлааҥҥа олорор. Кини сэттэ дьүһүннээх. Сэттэ ини-бии буолан көстөр. Дьоҥҥо күүстээх санааны күөдьүтэр. Түмсүүнү төрүттүүр. Тэрээһини ситэрэр. Хотой Айыы сүрүн туома – Или тэрийии.
Ойуута: хотой. Айыы санааҕа хотой диэн ытык көтөр.
Сүрүннүүр тыла: уруй! Айыы санааҕа «уруй» диэн уурууй суолталаах. Айыы халлааныгар алгыһы, үтүө санааны уурдарарга этиллэр.
Алгыһа:
Уруй, уруй, уруй!
Түмсүүнү төрүттээччи,
Хомпоруун
Хотой Айыы,
Бэттэх көрөн
Мичик гын!
Дом.
Хотой Айыы дьону түмэр сэттэ алгыһы аҕалар. Биһиги бастакы алгыһы кытта билсиэхпит. Алгыс аата түмүллүү, түмсүү диэн.
Бүгүн Хотой Айыы бастакы алгыһын көрдүбүт. Түмүллүү, түмсүү диэни өйдөөтүбүт.