Петр Петрович Тарасов дириэктэрдээх Хадаар орто оскуолатын эр дьоно уонна VII, IX кылаас уолаттара бары күргүөмүнэн тахсан Хадаарбыт нэһилиэгин биэс аҕам саастаах дьонугар уонна оскуолабытыгар биир бырыссыап муус ыллыбыт.
Үрүҥ Күөлбүт барахсан көмүс хатырыктаах балыгынан аһатарын таһынан өссө сыл устата иһэр уубутунан кытта хааччыйар.
Биһиги, уолаттар, төһө да аҕыйах буолларбыт, оскуолабыт эр дьоннорун ыйан-кэрдэн биэриилэринэн алта бырыссыап муус ылан, үлэлээн-хамсаан үөрэн-көтөн, үлэбит быыһыгар сынньалаҥҥа хапсаҕайдаан бэртээхэйдик үлэлээтибит, бэйэбититтэн да астынныбыт.
Тыа сиригэр олорор буолан, бары муус ылыы диэн тугун билэбит, сыл ахсын аҕаларбытын кытта бу үлэҕэ сылдьабыт.
Аристарх ЛУКИН, IX кылаас,
С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы