Биһиги улууспутугар алмаас хостууллар. Билигин манна олус тымныы уонна хараҥа. Күн тахсыыта ол иһин биһиэхэ улахан бырааһынньык. Саас өссө Табаһыттар сүлүөттэрэ диэн буолар. Онно элбэх киһи кэлэр, күрэхтэһиилэр буолаллар.
Биһиги долган тылын үөрэтэбит. Тоҕо диэтэххэ, Анаабыр – эбэҥкилэр уонна долганнар төрүт дойдулара. Үрүҥ Хайа — улахан бөһүөлэк. 1188 киһи олорор. Оскуолабыт 180 үөрэнээччилээх. Айсен кылааһыгар 16, Айаллаахха 19 оҕо үөрэнэр. Айсен саахымат куруһуогар сылдьар. Айал хотугулуу многоборьенан дьарыктанар.
Манна сыана наһаа ыарахан. Оҕуруот аһа, фрукта киилэлэрэ хастыы эмэ мөһөөх солкуобай. Ол оннугар биһиги сибиэһэй, иҥэмтэлээх аһы сиибит – балык арааһын, таба этин. Ол иһин хоту оҕолоро доруобайдар, айылҕаҕа сылдьа үөрүйэхтэр.
Биһиги дьиэ кэргэн Үрүҥ Хайабытын сөбүлүүбүт. Манна олохсуйардыы дьиэ тутуннубут. Үрүҥ Хайам үүнэ-сайда, ыччата элбии турдун!
Айсен, Айал Спиридоновтар.
Үрүҥ Хайа, Анаабыр.