2020 сылга Tik Tok диэни истибэтэх оҕо суоҕа буолуо. Бу сыһыарыыны элбэх оҕо туһанар. Манна араас интэриэһинэй видео, саҥа тренд, лайфхак тахсар. Эдэр көлүөнэ ыччат ону көрөн үөрэнэр, үтүктэр, бэйэтин дьоҕурун сайыннарар. Биһиги оҕолорбут бу сыһыарыыны эмиэ олус диэн сөбүлээн тутталлар.
Tik Tok туһунан оҕолор туох санаалаахтарын ыйыталастыбыт.
— Тик токка тугу сөбүлээн көрөҕүн? Бэйэҥ видео устан таһаараҕын дуо?
Валерия Прибылых, тиктокер (Val_pribylykh). Аллайыаха улууһун Оленегорскай оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ:
— Мин Тик-токка үҥкүүлүүбүн, ыллыыбын, араас күлүүлээх видеолары устан таһаарабын. Сөбүлээн көрөр тиктокерым Чарли Дамелио буолар. Кини интэриэһинэй баҕайы видеолары таһаарар. Үксүн үҥкүүлүүрүн уһулар, мин ону утуктэн, майгынныыр видеолары устан таһаара сатыыбын.
Күннэй Лебедева, Дьокуускайдааҕы экономика уонна быраап институтун устудьуона:
— Tik Tok мин саамай сөбүлээн көрөр сыһыарыым буолар. Тоҕо диэтэххэ, онно араас тиэмэҕэ интэриэһинэй видеолары уһулан таһаараллар, араас лайфхакка үөрэтэллэр. Мин бэйэм видео эҥин устубаппын, көннөрү атын дьон таһаарбыттарын көрөрбүн сөбүлүүбүн.
Ааптар: Валентина Суздалова