Биһиги куораппытыгар олус сырдык, ураты кэрэ эйгэлээх дьоннор бааллар. Кинилэр ким буолуой? Онтон мин кинилэри кытары билсэн турабын.
Балаҕан ыйын 28 күнүгэр «Харысхал» аһымал пуондата «Алгыс» инклюзивнай тыйаатыр артыыстарын кытары көрсүһүүнү тэрийдэ. Бу биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр доруобуйаларынан хааччаахтаах оҕолор уонна эдэр ыччат саҥа тахсан эрэр, ол гынан баран номнуо көрөөччү биһирэбилин ылбыт, биир дьоҕус тыйаатыра буолар.
Балаҕан ыйын 17-27 күннэригэр Хабаровскай куоракка Уһук Илин эрэгийиэннэр тыйаатырдарын бэстибээлэ иккис төгүлүн ыытылынна. Манна Саха сириттэн түөрт айар кэлэктиип кыттыыны ылла: «Алгыс» инклюзивнай тыйаатыр, Ньурба көһө сылдьар драмтеатра, Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра уонна Мирнэй куорат театра. Саҥа үрдүк сыанаҕа бастакы хардыыларын оҥорон эрэр «Алгыс» айар кэлэктиип тыйаатырдар бэстибээллэригэр аан бастакынан кыттыбыт инклюзивнай тыйаатыр буолла уонна номнуо уопуттаах улахан тыйаатырдар истэригэр кыайыылаахтар ахсааннарыгар киирдэ!
Ол курдук, режиссер Лена Иванова-Гримм «Алеф. Начало» туруорбут импульс-испиктээкилэ дьүүллүүр сүбэ, көрөөччү биһирэбилин ылла уонна үрдүктүк сыаналанна. Испиктээкил биллиилээх суруйааччылар Х.Л. Борхес уонна Р. Тагор айымньыларыгар олоҕуран, атын тыыннанан, саха култууратыгар тирэҕирэн туруорулунна. Онтон пандемия иннинэ бу испиктээкилининэн «Алгыс» инклюзивнай театр сүрэхтэниитэ буолбута.
«Алгыс» доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор уонна эдэр ыччат театра 2019 сыллаахха тэриллибитэ. Манна «Харысхал» аһымал пуондата иһинэн 2013 сыллаахха тэриллибит «Маленький принц» театр-студия уопута төһүү күүс буолбута. Театр режиссерунан Лена Иванова-Гримм буолар. Дириэктэринэн Анна Панова үлэлиир.
Лена Иванова-Гримм кэпсиир:
— «Маленький принц» студияҕа кыра саастарыттан сылдьыбыт оҕолор улаатаннар, салгыы сайдалларыгар, айар үлэ өттүгэр үүнэллэригэр, дьарыктаах буолалларыгар «Алгыс» театр тэриллибитэ. Оҕолор бэйэ-бэйэлэрин кытары наһаа доҕордуу истиҥ сыһыаннаахтар, сыанаҕа наһаа оонньуохтарын баҕараллар, ырыаны-үҥкүүнү, театры олус сөбүлүүллэр. Биһиги театрбыт баҕалаах дьону барытын түмэр: эн идэҕин толору баһылаабыт профессионал да буол, саҥа дьарыктанан эрэр артыыс да буол, инбэлиит, инбэлиитэ суох, театрга бары баҕа өттүнэн кэлэллэр, сааһынан эмиэ хааччаҕа суох. Бу доруобай, доруобуйаларынан хааччаахтаах дьону барыларын бииргэ түмэр социальнай бырайыак буолар. Махталбытын биллэриэ этибит өрүү биһигини өйүүр «Харысхал» аһымал пуондатын кэлэктиибигэр.
Оҕолор, төрөппүттэр бу бастакы үрдүк ситиһиилэриттэн олуһун диэн үөрэн-көтөн, кынаттанан сылдьаллар. Көрсүһүүгэ Данил Кондратьев ийэтиниин Олесялыын уонна эдьиийин Диананы, эмиэ театр артыыһын кытары, Милена Яковлева ийэтинээн Анна Сергеевналыын, Вася Борисов, Валерия Малых, Мария Егорова ийэтинээн Агафья Михайловналыын кэлбиттэр. Маны таһынан «Алгыс» театр артыыһа, доҕоро, СР үтүөлээх артыыһа Ирина Никифорова кыттыыны ылла.
Эдэр артыыстар толорбут оруолларын билиһиннэрдилэр, санааларын үллэһиннилэр. Холобур, 16 саастаах Милена Яковлева Девушка-Песнь оруолун толорбут. Ол туһунан кини маннык диэн кэпсиир:
— Бэйэм оруолбун наһаа сөбүлээтим. Мин уобараһым сырдык киһи, кини үтүө аһыныгас сүрэхтээх. Киһи олоҕор сыыһаны оҥоруон сөп, ону кини бэйэтэ эрэ туоруон, көннөрүөн сөп. Онно эбэһээт өйөбүл баар буолуохтаах.
Валерия Малых 19 саастаах. Бу испиктээкилгэ кини Девушка-Танец уобараһын толору арыйбыт. Үҥкүү партиятын бэйэтэ туруорбут, маны таһынан испиктээкилгэ үҥкүү хамсаныыларын барытын Валерия бэйэтэ туруорар эбит. Муусуканы наһаа чугастык ылынар. Көрсүһүүгэ Валерия хомуска оонньоон көрдөрдө.
Бүлүү кыыһа Мария Егорова сааһа 26-та. Театрга кинини дьүөгэтэ Валерия Малых аҕалбыт эбит. Ол иннинэ кини театр туһунан истибэккэ сылдьыбыт. Бүлүүттэн көһөн кэлбиттэрэ аҕыйах сыл буолбут. Испиктээкилгэ Мария куйаарга баары ситимниир, сомоҕолуур Девушка-Шар оруолун толорбут.
Саха драматическай тыйаатырын артыыһа Ирина Никифорова эдэр артыыстары кытары номнуо бодоруһан доҕордоспут, инклюзивнай тыйаатыр биир тутаах киһитэ буолар.
«Алгыс» инклюзивнай тыйаатырын дьоҕус кэлэктиибэ баҕа санаата биир — бэйэлэрэ бас билэр дьиэлэниэхпит диэн. Билиҥҥитэ кинилэр биир сиртэн биир сиргэ көһө сылдьан дьарыктаналлар, ол оҕолорго эмиэ сылаалаах. Кэлээскэҕэ олорор инбэлииттэргэ сөптөөх, театр дьоҕус дьиэтэ баара буоллар бу оҕолор төһө абыраныа этилэрий? Кинилэргэ кыра да наада — истиҥ сыһыан, дьон үтүө болҕомтото, сөбүлүүр дьарыктара — инклюзивнай тыйаатыр өрүү баар буолара. Ол, ама, кыаллыбат дуо?
Биир бэйэбэр бу сырдык дьону кытары билсэн, олус ураты иэйии киирдэ… Ол аата кинилэр санааҕар күүс эбэн олоххо дьулууру күүһүрдэллэр, олоҕу таптыырга, саҥаттан-саҥаны арыйарга, айарга-тутарга, олоҕу сыаналыырга үөрэтэллэр. Бу манна «Алгыс» инклюзивнай тыйаатыр оруола улахан.
Суруйда Анна СЛЕПЦОВА.
Ааптар хаартыската уонна видеота.