Билэрбит курдук, хомус – саха норуот киэн туттар уонна атын этностан араарар музыкальнай инструмент. Кини баар буолбута 5 тыһыынча сыл курдук ааҕыллар уонна аан бастаан ойууннар туттар тэриллэрэ диэн биллэр.
Олоҥхо ыһыаҕын хомус түһүлгэтигэр бүгүн бэс ыйын 23 күнүгэр, 11 чаастан маастар кылаас уонна кэнсиэр көрөн сэргээтибит.
Көрөөччүлэргэ маннык боппуруос үөскээбитэ: «Хомусчут хас хомустааҕый?», – онуоха Алёна Платонова олус элбэх диэтэ, тоҕо диэтэххэ хас биирдии хомус араас тонаалнастаах үһү. Холобура, намыһах, үрдүк уонна да атыттар…
Алёна бэйэтэ Орто Халыматтан сылдьар, бэйэтэ үксүн хотугулуу истиилинэн хомустуур эбит. Бэйэтин санаатын биһигини кытары үллэһиннэ:«Хомус киһитэ суох тыаһаабат, киһи эрэ тыыны биэрэн үлэлэтэр. Хомус вибрацията олус туһалаах, онон хомусчут иммунитета куустэх буолар. Дьон аҥардас хомус нарын тыаһын истэн, доруобуйалара уонна да ис туруктара көтөҕүллэр. Онон, хомуһу таптаан уонна оонньоон».
Онтон кэнсиэри арыйда Алёна Пинигина — Күн Чөмчүүнэ «Күнү таптыыбын» Христофор Максимов ырыатынан.
Мин көрөөччү быһыытынан олус үөрдүм! Урут хаһан даҕаны дьиҥнээхтии хомустуулларын истибэтэх буолан, дууһам арыллыбыт курдук сананным. Биһиги Саха сирбитигэр итинник талааннах, дьулуурдаах дьон баарын истэн астынным уонна киэн тутуннум!
Алена Федорова, И.Г. Тимофеев аатынан Майа лиссиэйин 10 кылааһын үөрэнээччитэ, Мэҥэ Хаҥалас