Үҥкүү – үөрүү күлүмэ, үҥкүү – үөһээ дайыы үктэлэ… Биһиги оскуолабытыгар хас биирдии үөрэнээччи ханнык баҕар хайысханан талаанын арыйар, толору сайдар кыахтаах. Оскуолабыт олус элбэх куруһуоктардаах. Көмүс куоластаах оҕолор – ырыаҕа, фольклорга сылдьаллар, быһый уолаттар – спортивнай сиэксийэлэргэ, тарбахтарыгар талааннаахтар – муода устуудьуйатыгар, иис куруһуоктарыгар… Онтон биһиги – 2 «а» кылаас үөрэнээччилэрэ «Тускул» ансаамбыл үҥкүүһүттэрэ буолабыт.
Ситиһиигэ кынаттыыр кылааспыт салайааччыта – Марина Эдуардовна Расторгуева, оттон үҥкүү алыптаах түһүлгэтигэр угуйар уус-уран салайааччыбыт – Лидия Ивановна Артемьева.
Маҥнайгы кылааска киирэрбитигэр оскуолабыт киэҥэ-куоҥа, улахан оҕолор элбэхтэрэ биһигини, кырачаан дьону, олус долгутара. Онуоха, учууталбыт бука барыбытын кэчигирэччи сиэппитинэн «Тускул» үҥкүү ансаамбылыгар киллэрбитэ. Оо, онно биһиги олус да үөрбүппүт! Лидия Ивановна бука барыбытын станокка сөпкө турартан саҕалаан араас норуот үҥкүүтүгэр үөрэттэ. Оскуолабыт тэрээһиннэригэр эҕэрдэ үҥкүү бэлэхтээтэхпитинэ көрөөччүлэр дохсун ытыс тыаһынан көрсөллөр. Онтон кынаттанан ситиһиилэрбитигэр күүс ылабыт. Намҥа ыытыллыбыт «Саргылаах саҕахтар», Дьокуускайга буолбут «Танцевальный микс» республикатааҕы куоҥкурустарга «Снежок» уонна «Сапожник» үҥкүүлэрбитинэн лауреат үрдүк аатын ылбыппыт.
Үҥкүүгэ биир сүрүн миэстэни таҥас-сап ылар. Биһиги көстүүмнэрбит быһыытын-таһаатын оскуолабыт «Алаас симэхтэрэ» муода устуудьуйатын салайааччыта Мария Сильвестровна Соловьева дизайынныыр. Онуоха, саамай сүрүн өйөөччүлэрбит – күндү төрөппүттэрбит күүс-көмө буолаллар, күн күбэй ийэлэрбит матырыйаал атыылаһан, тигэн көмөлөһөллөр. Ол түмүгэр, «Кыталыктыын дайыы» республикатааҕы үҥкүү күрэҕэр «Сайылык оҕолоро» репертуарынан кыттан «Бастыҥ көстүүм» анал ааты ылбыппыт.
Дмитрий Федорович Ходулов аатынан Майатааҕы народнай театры кытта ыкса ситимнээхтик дьарыктанабыт. Араас хабааннаах ыытар тэрээһиннэригэр ыҥыран үҥкүүлэтэллэр. «Быйаҥнаах тэлгэһэ», «Саастаахтар күннэрэ», «Көрсүөххэ диэри, кыһыммыт!» курдук нэһилиэк тэрээһиннэригэр эҕэрдэ үҥкүүлэрбитин үөрэ-көтө бэлэх уунабыт.
Үҥкүүнэн дьарыктанан доруобуйабытын тупсарынабыт, сыанаҕа туттарга-хаптарга, кыбыстыбат, бэйэбитигэр эрэллээх буоларга үөрэнэбит.
Алена Кириллина, 2 «а» кылаас үөрэнээччитэ, Мэҥэбил эдкорпост