Омук омук быһыытынан бэлиэтэ – сирэ уонна тыла. Онтон атын бэлиэлэр эмиэ бааллар – дьүһүнэ-бодото, таҥаһа-саба, аһа-үөлэ…
Ити уонна итинтэн да атын бэлиэлэр сир уонна тыл кэнниттэн суолталаахтар. Сир туһунан эттэххэ, биһиги инники дьоммут саха омуга бэйэтэ бас билэр сирдээх-уоттаах буолуохтаах диэн туруорсан, судаарыстыбаннаһы ситиспиттэрэ быйыл 100 сылын туолар, үйэ буолла. Уонна кинилэр эмиэ тыл омукка суолтатын өйдөөн, саха олоҥхотун чочуйан хаалларбыттара – инники өттүгэр төрөөбүт тылларын сүтэрбэтиннэр, мөлтөппөтүннэр, онуоха көмө, тирэх буоллун диэн.
Онон, сахалар инники дьоммутуттан сирбитигэр да, тылбытыгар-өспүтүгэр да, дьоһуннаах нэһилиэстибэни тутан хаалбыт дьоммут. Ону сүтэриэ-ыһыа суохтаахпыт.
Бүгүн – Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ. Онон чопчу тыл туһунан этэр буоллахха, саха бэйэтэ сахалыы хаһыаттаах-сурунааллаах, бэчээттээх омук ахсааныгар киирбитэ 115 сыл буолла. Бу иннинэ саха ийэлээх, сахалыы билэр А.Я. Уваровскай 170-тан тахса сыллааҕыта суруйууларыгар олоҕуран, лингвист учуонай О.Н. Бетлингк «Сахалар тылларын туһунан” диэн кинигэни ньиэмэс тылынан таһаарбыта. Ити этиллибит кэмнэртэн саҕалаан, чуолаан 1907 сылтан ыла, саха тыла киэҥ эйгэҕэ тахсан барбыта. Сахалыы литература тыла төрүттэммитэ. 1917 с. сахаттан бастакы лингвист учуонай С.А. Новгородов сахалыы алпаабыты айбыта. Ол кэнниттэн латыын (1929-1939), онтон нуучча алпаабытыгар (1939 сылтан) көһүү кэмнэригэр саха тыла, литературата мөлтөөбөтөҕө, тыл үөскээһинин, тылы туттуу сүрүн оҥкуллара оҥоһуллан, үөрэтиллэр, туттулллар даҕаны эйгэтэ кэҥээн, сайдан испитэ. Саха литературата, искусствота ХХ үйэ саҕаланыаҕыттан 70-с-80-с сылларга диэри ордук күүскэ сайдыбыта.
Итини сэргэ, Саха Сиригэр 50-с-60-с сылларга бырамыысыланнас сайдыытын тэтимэ күүһүрүөҕүттэн, төрүт тыл туттуллар эйгэтэ дьайҕаран барбыта. Ити ордук 80-с сыллар бүтүүлэригэр биллэр буолбута. Дойду ыһыллыбытын кэннэ үөскээбит Саха Өрөспүүбүлүкэтин саҥа салалтата төрөөбүт тылы харыстааһыҥҥа улахан дьаһаллары, уталыппакка, кэмигэр ылыммыта. Өрөспүүбүлүкэ Бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев анал Ыйааҕынан Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн олохтообута, тылы харыстыыр үлэни судаарыстыба таһымыгар таһаарбыта. Саха Сиригэр Национальнай оскуола кэнсиэпсийэтэ бигэргэммитэ. Саха олоҥхото аан дойдуга киһи аймах тылынан айымньытын сөҕүмэр көстүүтүн быһыытынан билиниллибитэ.
Салгыы Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев судаарыстыбаннай уонна официальнай тыллары харыстааһын анал бырагырааматын оҥотторон бигэргэппитэ, итиниэхэ аналлаах үбү-харчыны көрдөрөр буолбута.
Бу үөһэ этиллибит дьаһаллартан хайалара да анал дьаһалынан, ыйааҕынан тохтотулла илик, үлэлиир дьаһаллар.
Ол гынан баран, кэнники кэмҥэ сахаҕа даҕаны, аҕыйах ахсааннаах омуктарга даҕаны төрөөбүт тыл эйгэтин сүтэрии тэтимэ күүһүрэн иһэр.
Итиниэхэ бу билиҥҥи көлүөнэ дьон, биһиги, кими да буруйдуур кыахпыт суох. Бэйэбититтэн ити тутулуктаах. Хас биирдии киһиттэн.
Тыл эйгэтин харыстыырга төрөппүттэр даҕаны уонна, сүрүннээн, оскуола үлэтэ бииргэ түмүллүөхтээх. Төрөппүттэр уонна наука өттүлэриттэн кыһаллыы кэнники кэмҥэ ордук бэлиэ курдук. Ол оннугар “анаан дьарыктан” диэн судаарыстыбаттан дьаһал ылбыт сирэй тэрилтэлэр, чуолаан Үөрэх министиэристибэтэ төрөөбүт тылтан, ону харыстыыртан, тарҕатыыттан салгыбыт, сылайбыт курдук туттар, бэйэтин сүрүн соругун тэйитинэ сатыыр курдук буолла. Былыр-былыргыттан быйылга диэри бу үлэни туһааннаах тэрилтэ – Үөрэх министиэристибэтэ иилиэхтээх-саҕалыахтаах, дьон-сэргэ, Ил Дархан иннигэр сирэй соругу кини сүгүөхтээх.
Тыл туттуллар эйгэтэ сыыйа үөскүүр уонна түргэнник, баҕа хоту уларыйа охсубат. Биһиги төрөөбүт тылбыт эйгэтин харыстаһар түгэннэри мүччү тутуо суохтаахпыт.
Холобур, ХХI үйэҕэ, куйаар ситимин үйэтигэр, төрөөбүт тыл эйгэтэ лаппа кыарыыр (наука, технология, IT индустрия өттүгэр биһиги тылбыт сайдыбатах тыллар ахсааннарыгар киирсэр) кэмигэр өлбөт мэҥэ уутун курдук утахтанар, күүс, сэниэ ылар тылбыт – олоҥхо тыла. Ким да алдьаппатах, үрэйбэтэх, мөлтөппөтөх бүтүн тылбыт. Олоҥхо тыла сахаҕа – өлбөт мэҥэ уута. Олоҥхо тыла төһө кыалларынан тарҕаныах, эйгэтэ кэҥиэх, онуоха көмөлөөх бары дьаһал кэмигэр ылыллыах тустаах.
Аны, тыла мөлтөөн эрэр омук тылын көмүскүүргэ, омос көрдөххө, быһымах да соҕус дьаһаллары ылынара ордук. Саха кириллицанан (нууччалыы) алпаабыта уонна орфографията 1939 с. бигэргэммитэ. Тыл уларыйар, онон хас да төгүл уларытыллан, тиһэҕин 2015 с. бигэргэтиллибитэ. А.Г. Нелунов салайааччылаах бөлөх ити сыл “Сахалыы таба суруйуу» 32 тыһ. тыллаах тылдьытын оҥорон таһаарбыта. Академик П.А. Слепцов салалтатынан 15 томнаах, 80-тан тахса тыһ. тыллаах саха быһаарыылаах улахан тылдьыта бэчээттэнэн таҕыста.
Ол гынан баран, чааһынай хаһыаттары эҥин этэ да барбакка туран, оннооҕор официальнай (дьиҥ таһымнаах) таһаарыылар тылга көҥүл сыһыаннара эбии сытайан иһэр. Итини тохтотор биир суол быһыытынан официальнай таһаарыылар сокуону тутуһалларын ирдиэххэ, оттон чааһынай таһаарыыларга судаарыстыбаттан сыллата көрүллэр көмө харчыны тыл сокуонун киһилии тутуһар буоллахтарына биэриэххэ сөп. Аймалҕан улахан буолуо да, барыларыгар бэрт буола сылдьан, тыла суох хаалыахпыт. Ити кинигэлэри, официальнай докумуоннары эҥин оҥорууга барытыгар сыһыаннаах.
Мөлтөх тыл буккуллуулаах буолар, хайа баҕарар омукка. Тыһыынча ахсааннаах дьүкээгир омук тыла туундара уонна тыа дьүкээгирдэрин тылыгар икки аҥы хайдар. Эбээннэргэ, эбэҥкилэргэ, чукчаларга эмиэ оннук. Итинник көстүү туспа судаарыстыбалаах сорох омуктарга кытта баар, ону дойду салалтата анал дьаһалларынан эрэ түмэр.
Биир туһалаах дьаһалынан, өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын иһинэн олохтоох тыллары харыстыыр, эйгэтин кэҥэтэргэ көмөлөһөр аналлаах төрөөбүт тыл (саха, аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар) пуондатын тэрийэн үлэлэтии буолуох этэ. Бу пуонда төрөөбүт тылы харыстыырга сүрүн уонна саҥа киирэр ньымалары, биирдиилээн уонна бөлөх дьон дьоһуннаах этиилэрин, о.д.а. тылга сыһыаннаах сүгүн үбүлэммэт хайысхалары өйүүргэ ананыахтаах.
Түмүккэ саха тылын учууталларын уонна сахалыы уһуйааннар иитээччилэрин сийиэстэрин туһунан. Саха тылын учууталларын өр сыллаах туруорсууларынан бастакы сийиэс 2017 с. ыҥырыллыбыта уонна төрөөбүт тыл эйгэтигэр үлэлиир дьон түмсүүлэригэр сүрүн төһүү буолбута. Онтон ыла биэс сыл ааста. Иккис сийиэс бу 2022 с. туох да эгилэ суох ыытыллыах тустаах. Маннык сугулаан инники өттүгэр иккилии сыл буола-буола ыытылларын дьаһаныахтаахпыт. Тыл хамсааһына түргэн, биэс сыл диэн – уһун.
Билиҥҥи кэмҥэ ким да таһыттан кэлэн тылбытын көмүскүө, хараанныа суоҕа. Федеральнай сокуоннарга саҥаттан саҥа харгыс үөскүү туруоҕа. Төрөөбүт тылбытын кэнэҕэски ыччаппытыгар чөл тириэрдии – билиҥҥи дьон барыбыт соруга.
Ытыктабыллаах сахам дьоно! Эһигини барыгытын Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн эҕэрдэлиибин. Төрөөбүт төрүт тылбыт тылла, силигилии турдун.
Александр Жирков,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин
Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы.