Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Николаевич Жирков – Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ. Эдэр сааһыгар өрөспүүбүлүкэ ыччатын “Эдэр коммунист” хаһыатыгар эрэдээктэри солбуйааччынан үлэлээбитэ.
Онон суруналыыстыканы иһиттэн билэр, тылы кытта үлэлэһэн кэлбит киһи. Сахалыы да, нууччалыы да хомоҕойдук суруйарынан, ыраастык саҥарарынан, баай тыллааҕынан, дириҥ билиилээҕинэн өрөспүүбүлүкэбит тарбахха баттанар, ойуччу тутуллар бөдөҥ салайааччыта.
Кини саха бэчээтин устуоруйатын үөрэтэн-чинчийэн, саха бастакы хаһыаттарын уонна сурунаалын матырыйаалларын хомуйан, ону барытын түмэн, дьоһун кинигэ гына таһаартарбыта. Онно этиллибит чахчыларга тирэҕирэн, киним туруулаһан, ыйын 1 күнүгэр Национальнай бэчээт күнүн 2020 сылтан бэлиэтиир буолбуппут. Ити күн 1907 сыллаахха “Саха дойдута” диэн сахалыы тыллаах бастакы хаһыат тахсыбыт. Онон Александр Николаевич саха духуобунаһын, ол иһигэр бэчээтин, араҥаччыһыта буолар.
Александр Николаевич тыл, бэчээт эйгэтин кыһалҕаларын бэркэ билэр, ол туһугар ыалдьар, кыһаллар. Арассыыйа Бэчээтин күнүгэр Ил Түмэн саалатыгар суруналыыстары кытта көрсүһүүгэ айар идэлээхтэри бырааһынньыктарынан эҕэрдэлээтэ. Сылын аайы ыытыллар Бэчээт күнэ, итиэннэ Ил Дархан А.С. Николаев дьаһалынан олохтоммут Национальнай бэчээт күнэ – бу икки бэлиэ түгэннэр — түмсэргэ, инникини торумнуурга туһаайылларын бэлиэтээтэ.
Хас биирдии судаарыстыба, хас биирдии дойду, хас биирдии норуот бэчээт дьыалата сайдыытыгар интэриэстээҕин, биһиги өрөспүүбүлүкэбит онтон эмиэ туора турбатын этэн туран, национальнай бэчээт эйгэтэ түргэн тэтиминэн кыараан, ааҕар дьон ахсаана аҕыйаан иһэрин, ол хаһыаттар, сурунааллар эрэ туруулаһар соруктара буолбатаҕын, барыбыт уопсай ыалдьар кыһалҕабыт буоларын туһунан саха куттааҕы долгутар гына кэпсээтэ. Кэҥэтэр кыаллыбат буоллаҕына, баары харыстыыр наадатын ыйда. “Былаас тутула биир сиргэ тэпсэҥнии туруута – кэннинэн кэхтиигэ тэҥнээх”, — диэтэ.
Тылга харыстабыллаах сыһыан хаһааҥҥытааҕар да күүстээхтик эрэйиллэр кэмэ тирээтэ. Александр Жирков тыа сирин хаһыаттарыгар улахан эрэли сүктэрдэ. “Улуус хаһыаттара – тылбыт сүрүн тирэҕэ, бүтэһик модьоҕобут”, — диэтэ кини. Онон оройуон хаһыаттара тыл амтаннааҕын, өй-санаа чөллөөҕүн тутан хаалаллара — эппиэттиир сэкирэтээртэн, эрэдээктэртэн, хас биирдии кэрэспэдьиэнтэн улахан тутулуктааҕын бэлиэтээтэ. Тылы үчүгэйдик билэр хомоҕой тыллаах киһи үлэлиирэ — норуот эйгэтин үөскэтиигэ, иитиигэ дьоһун оруоллааҕын тоһоҕолоото. “Сыыппаранан сайдыы, куйаар ситимэ – кэм ирдэбилэ. Аныгы технологияларынан араас өрүттээх информация тиийиитэ төһө да түргэтээбитин иһин, толкуйдатар, иитэр, өйү-санааны байытар дириҥ ис хоһоонноох дьоһун матырыйааллардаах хаһыаты, сурунаалы олор син биир сатаан солбуйбаттар. Илиигэр тутан олорор ааҕар хаһыаттарыҥ, сурунаалларыҥ үйэлээхтэр – “суруллубут суоруллубат”. Оттон куйаар ситимин суруйууларын хаачыстыбата да, ууруллан хаалара да араастаах – салгыҥҥа сылдьар бүгүн баар, сарсын суох”, — диэтэ вице-спикер.
“Элбэх сурутааччылаах икки сүрүн хаһыаппыт сахалыы тылы туттуута тус-туһунан. Бу боппуруоһу көтөҕөн, үрдүкү салалта таһымыгар сүбэлэһэрбит уолдьаста. Национальнай суруналыыстыка тылы сыппатар, мөлтөтөр түгэннэрэ баар. Сыыс тыллары туттуу, -ааһын, -ооһун сыһыарыыларынан үлүһүйүү көстөр. Урукку кэмнэргэ орфография быраабылаларыгар Миниистирдэр сэбиэттэрэ уураах таһаарара. Биир сомоҕо тыла суох норуоту элбэх тылы соҥноон бытарытар судургу”, — диэн баар кыһалҕаны ырылхайдык быһаарда.
Вице-спикер аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар балаһыанньалара уустугун бэлиэтээтэ. Биир омук, биир уус эрээри, өйдөспөт түгэннэрэ баарын эттэ. Холобур, чукчалар азбукаларын алпаабыттара тус-туһунан буолан, Чукотка автономнай уокуругун уонна Саха Сирин чукчалара сатаан төрүт тылларынан кэпсэппэттэр эбит.
Александр Николаевич Жирков саха бастакы хаһыатын устуоруйатын чахчыларын сэһэргээтэ. Соторутааҕыта 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээбит “Саха Сирэ” хаһыат кэлэктиибигэр национальнай хаһыат тэриллиитин төрдүн-төбөтүн үчүгэйдик билэллэригэр, үүнэр көлүөнэҕэ дьиҥ чахчыны салгыы тиэрдэн иһэллэригэр этэн туран, бэйэтэ салайан таһаартарбыт “Саха бастакы хаһыаттара, сурунааллара” диэн кинигэтин хаһыат кэрэспэдьиэнэ Людмила Поповаҕа туттарда.
Бу күн СӨ Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы А.Н. Жирков Махтал суругунан “Чуораанчык” –“Колокольчик” оҕо өрөспүүбүлүкэтээҕи сурунаалларын эппиэттиир сэкирэтээрэ Сардана Матвеева, “Саха” НКИХ эрэдээктэрэ Сардана Плотникова, бэчээт бэтэрээнэ, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ бэчээтин туйгуна Александр Васильев-Көрдүгэн наҕараадаланнылар.
Сергей Васильев, Ил Түмэн пресс-сулууспата.