Киһи олоҕор көрсө түспүт интэриэһинэй киһитин умнубат. Кинини кытта кэпсэппиккин, кини тугу эппитин өйдүү-саныы сылдьаҕын.
Биһиги, «Кэскил» медиа оскуола юнкордара, «Сосновый бор» оҕо сынньанар киинигэр сылдьаммыт, Александр Дмитриевич Васильевы көрсүбүппүтүн умнубаппыт. Кини «Бастакылар хамсааһыннара» Бүтүн Россиятааҕы общественнай-государственнай хамсааһын Саха сиринээҕи салаатын методиһа, педагогтар наставниктара.
Александр Дмитриевич олоҕун устата оҕолору кытта үлэлиир. Ол да иһин олус сырдык, истиҥ санаалаах, холку киһи диэн көрдүбүт. Кини биир уратыта диэн саха норуотун поэта, «Төрөөбүт литература» уруогар үөрэтэр суруйааччыбыт Владимир Михайлович Новиков-Күннүк Уурастыырап күтүөтэ буолар.
ОҔО ДОЙДУТУН ТАПТЫЫ УЛААТАРЫГАР
– Александр Дмитриевич, бастатан туран, бириэмэ булан, биһигини кытта бүгүн интервьюга кэлбиккэр махтанабыт. Мин маннык ыйытыылаахпын. Оҕо-ыччат хамсааһыннара, холобур, РДШ, ЕДД, РДДМ туох уратылаахтарый?
– Саас сааһынан быһааран кэпсир буоллахха, маннык. Бастатан туран, РДШ (Российское движение школьников) оскуола иһинэн буолар хамсааһыннар этэ. Оскуола эрэ иһинэн ыытыллар буолан, үбэ-харчыта көрүллүбэт, анал хамнастаах үлэһитэ суох этэ. Хас биирдии оскуола тэрилтэтэ хайдах кыанарынан үлэлиирэ. Онтон «Бастакылар хамсааһыннара» РДДМ (Российское детское движение детей и молодежи) оскуолаларга сыаллаан-соруктаан, Россияттан көрүллэн, хас биирдии оскуола аайы хамнастаах анал үлэһиттэр баар буолбуттара. Федеральнай бырайыак буолан, улахан болҕомто ууруллар. Россия регионнарыгар бу хамсааһын күүскэ үлэлии турар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит оҕо-ыччат хамсааһыныгар тэҥҥэ киирэн, уруккуттан баар үлэ хайысхаларын өссө чиҥэтэн, сайыннаран иһэр. Бу федеральнай бырайыакка Саха сирин оҕолорун общественнай түмсүүлэрин сойууһа учредитель буолбута.
Биллэн туран, бу барыта оҕо оскуолаттан саҕалаан, төрөөбүт дойдутун, дьонун-сэргэтин ытыктыы, билэ, таптыы улаатарыгар улахан тирэх буолар.
Вадим КОЛЕСОВ, Х кылаас,
А.П. Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолата, Чурапчы
ПИОНЕР. ПОХОД. ТУРИЗМ
– Александр Дмитриевич, биһиги оскуолабыт Владимир Ильич Ленин аатын сүгэр. Сэбиэскэй норуот улуу сирдьитин кытта пионер, комсомол диэн өйдөбүллэр ыкса сибээстээхтэр. Эйиэхэ пионер, комсомол диэн туох өйдөбүллээхтэрий?
– Пионер диэн миэхэ поход, туризм диэн өйдөбүллэри кытта сибээстээх. Мин наар туризм өттүнэн, походтарга сылдьар этим. Саха государственнай университетыгар үөрэнэ сылдьан, университет сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн, Сэбиэскэй Сойуус араас күрэхтэһиилэригэр кыттар, судьуйалыыр да этим. 1986 сыллаахха үөрэхпин бүтэрбиппин кэннэ, эдэр туристар станцияларыгар үлэҕэ ылбыттара. Билигин ол кэмнэри санаатахпына, наһаа үчүгэй өйдөбүллэр хаалбыттар. Оҕолору кытта походка сылдьабыт, сайын лааҕырга мустабыт. Оҕо ханнык кэмҥэ олороруттан тутулуга суох походу, лааҕыры олус сөбүлүүр.
Алёна ТАППЫРОВА, VI класс,
В.И. Ленин аатынан Уолба орто оскуолата, Таатта
ЭҺЭМ «ТУЙАҔЫН ХАТАРАН»
– Александр Дмитриевич, эһиги бэйэҕит хантан төрүттээххитий?
– Ийэм Анастасия Иннокентьевна Васильева идэтинэн учуутал. Чурапчыттан төрүттээх. Онтон аҕам Дмитрий Тимофеевич Васильев – Ньурба. Бэйэм манна Дьокуускайга төрөөбүтүм. Инньэ гынан Чурапчыбын да Ньурбабын дэниэхпин сөп. Билигин Дьокуускайга олохсуйан олоробун.
Биир кэмҥэ эбэлээх эһэбэр, эһиги дойдугутугар Хайахсыкка олорон, төрдүс кылаастан алтыс кылааска диэри үөрэммитим. Эһэм Иннокентий Дмитриевич Егоров сааһын тухары учууталынан үлэлээбитэ. Оҕолору кытта биир тылы булан, наһаа үчүгэйдик үлэлиирэ. Бэйэтэ сэрии кыттыылааҕа буолан, олох ыараханын, дойду көмүскэлэ диэн тугун билбит киһи этэ. Кини оҕолору наар походка илдьэ барарын, ону мин наһаа сайыһарбын өйдүүбүн. Ол да иһин буолуо, эһэм «туйаҕын хатаран» география учууталын идэтин баһылыырга санаммытым.
Света ЗАРОВНЯЕВА, X кылаас,
Вика БОРИСОВА, ХI кылаас,
А.П. Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолата, Чурапчы
«ОГОНЁК» ЛААҔЫРГА
– Александр Дмитриевич, эһиги төрөөбүт литература уруогар үөрэтэр суруйааччыбыт Владимир Михайлович Новиков-Күннүк Уурастыырап күтүөтэ буолаҕыт. Суруйааччы сиэнин Оксананы кытта эһиги хайдах билсибиккитий?
– Биһиги оҕолору кытта походтуу сылдьан билсибиппит. Оксана ол кэмҥэ устудьуон этэ, мин «Кэскил» хаһыакка үлэлиирим. Ол сайын «Огонёк» диэн лааҕырга бииргэ түбэһэн үлэлээбиппит. Онтон ыла Оксаналыын атын тэрээһиннэргэ көрсөр, кэпсэтэр, билсэр буолбуппут. 1991 сыллахха оҕо лааҕырыгар иккиэн бииргэ үлэлээн, бэйэ-бэйэбитин кытта билсэн, 1993 сыллаахха ыал буолбуппут.
Айаан ЛАЗАРЕВ, Х кылаас,
Б.Н. Егоров аатынан Күндэйэ орто оскуолата, Сунтаар
НАДЕЖДА ГАВРИЛЬЕВНА ОЛУС МЫНДЫР КИҺИ ЭТЭ
– Александр Дмитриевич, Күннүк Уурастыырап дьиэ кэргэнэ эһигини хайдах көрсүбүтэй?
– Мин күтүөт буолан тиийбит кэммэр Күннүк Уурастыырап биһиги кэккэбитигэр суоҕа. Кэргэнэ Надежда Гаврильевна Дьокуускай куорат 2 №-дээх оскуолатыгар саха тылын уонна литературатыгар үөрэппит учууталым буоларын билэн, Оксана ийэтэ Нина Дмитриевна наһаа соһуйбута.
Надежда Гаврильевна олус ыалдьытымсах этэ. Учуутал буолан элбэх үөрэнээччилэрдээҕэ, билэр дьоннооҕо. Дьиэтигэр-уотугар дьон бөҕөтө сылдьара. Кинилэри дэлэй астаах-үөллээх көрсөрө. Боростуой баҕайытык астыыр эрээри наһаа минньигэстик буолааччы. Алаадьы, убаһа этин кытта хортуоска буһарар. Дьоннору кытта олус чэпчэкитик кэпсэтэрэ. Оҕо буоллун, кырдьаҕас буоллун, барыларын кытта күө-дьаа истиҥ кэпсэтиини таһаарара. Педагог буолан, оҕолору кытта сатаан кэпсэтэр, биир тылы булар туспа уратылааҕа. Олоҕун тапталын Владимир Михайловиһы наар саныыра, сирэйдиин-харахтыын сырдаан олорон кэпсиирэ. Надежда Гаврильевна олус мындыр киһи этэ.
Карнелия ИСАГАЛИЕВА, IX кылаас,
Б.Н. Егоров аатынан Күндэйэ орто оскуолата, Сунтаар