Саха Өрөспүүбүлүкэтин спордун маастара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үһүс спортивнай оонньууларын муҥутуур кыайыылааҕа, Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу нэһилиэгиттэн төрүттээх Александр Анатольевич Кузнецов сырдык кэриэһигэр Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр «Үс Хоһуун» спортивнай түһүлгэҕэ сэтинньи 12-13 күннэригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи мас тардыһыытын турнира 13 хамаанда, 72 спортсмен күөн көрүстүлэр.
Күрэххэ Ороһулар ситиһиилэрин уонна туруорбут бириистэрин туһунан бүгүн билиһиннэриэхпит. Ол курдук, икки күннээх күрэх түмүгүнэн 2008-2009 сыллардааҕы төрүөх оҕолорго 55 киилэттэн үөһэ Борис Петров 1 миэстэни ылан Ороһу олохтоохторо үөрүүбүт үрдээтэ.
Александр Кузнецов үөрэммит Ороһу орто оскуолатын анал бирииһэ Александр мас тардыспыт 75 киилэтигэр Дмитрий Ноевка туттарылынна.
Ороһуттан аймахтара саа уонна убаһа (Егоров А.П.) бирииһи туруордулар. Убаһаны сэриэбий түмүгүнэн Сардаана Андреева (Горнай) ылан үөрдэ-көттө.
Ороһу дьаһалтатын 25000 солк. бирииһэ 80 киилэттэн үөһэ ыйааһыҥҥа бастаабыт Эрчим Баппаҕайга түбэстэ.
Ороһуттан төрүттээх, саныыр, киэн туттар биир дойдулаахпыт Александр Кузнецов кэриэһигэр ыытыллар күрэҕи табаарыстара Иннокентий Фёдорович Марков, Дыгын оонньуутун 3 төгүллээх кыайыылааҕа, Николай Викторович Дьяконов, Дыгын оонньуутун 6 төгүллээх кыайыылааҕа, Петр Валентинович Колодезников, мас тардыһыытыгар хас да төгүллээх Өрөспүүбүлүкэ хас да таһымнаах кыайыылааҕа, Саха сиригэр мас тардыһыытын сайыннарыыга тутаах үлэһитэ, күрэҕи көҕүлээн ыыталларыгар махталбыт улахан. Этэҥҥэ сылдьан, кэмиттэн кэмигэр Александр Кузнецов аатынан күрэҕи ыыта туруохтара диэн эрэлбит улахан.
«Тымтык» эдкорпост, Ороһу оскуолата.
Куйаар ситимиттэн уонна Н.А.Кривошапкина хаартыскаларын туһанныбыт.