Мин көрсүбэтэх Герой эһэм
Саха сирэ Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 62 тыһыынчаттан тахса киһини атаарбыта. Уус Алдантан 2187 киһи саа-саадах туппута, онтон 1228 буойуна кыргыһыы толоонугар охтубута, 959 эрэ киһитэ сэрииттэн тыыннаах эргиллибитэ. Олор истэригэр мин көрбөтөх хос эһэм Михаил Михайлович Стрекаловскай баара.
Михаил Михайлович Стрекаловскай 1914 сыл олунньу 4 күнүгэр Уус Алдан оройуонун I Өспөх нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
1942 с. олунньутугар Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллан, 1945 с. алтынньытыгар диэри I Белорусскай фроҥҥа 65-с аармыйа 69 с/д, кэлин 120 с/и сэриилэспитэ.
Сэриигэ сылдьыбыт сирдэрэ манныктар: Орел куорат (Курскай тоҕой), Барановичи, Осиповичи (Белоруссия). Туораабыт өрүстэрэ: Шара, Буг, Нарев.
Барыта 90 суукка кимэн киириигэ сылдьыбыт. Уон аҕыста утары атаакаҕа сылдьыбыт. Сэрии устата 5 төгүл бааһырбыт. Разведкаҕа сылдьан, икки ньиэмэһи тыыннаахтыы тутуспут. Белоруссияҕа Сердюктуун биир ньиэмэс офицерын туппуттар.
Курскай тоҕой кырыктаах кыргыһыытын кыттыылааҕа. Историяҕа киирбит Осиповичи тимир станцияны ылыы иһин Сталинтан Махтал суруктаах.
1944 с. балаҕан ыйын 5 күнүгэр Наревскай плацдармы ылыыга уһулуччу хорсун быһыытын иһин Сэбиэскэй Союз Геройун үрдүк аатыгар түһэриллэ сылдьыбыт. Бу кыргыһыыга эһэм өстөөх өттүттэн көтөн иһэр гранатаны икки төгүллээн бэйэлэригэр төттөрү кыыраппыт. Инньэ гынан бэйэтэ тыыннаах хаалан, дьонун да быыһаан турар.
Сэрииттэн 1945 сыллаахха эргиллэн кэлбитэ. Бороҕоҥҥо сберкасса сэбиэдиссэйинэн, Өнөргө сельсовет бэрэссэдээтэлинэн, партийнай тэрилтэ сэкирэтээринэн үлэлээбитэ.
Быйыл эһэм, Россия Геройа Михаил Михайлович Стрекаловскай олунньу 4 күнүгэр төрөөбүтэ 105 сылын бэлиэтээтибит. Кини албан аатынан билигин төрөөбүт нэһилиэгэ, улууһа, сахатын норуота үйэ-саас тухары киэн туттар, киниэхэ сүгүрүйэр.
М.М. Стрекаловскай туһунан сүрүн матырыйаал Өнөргө «Бойобуой Албан аат» музейыгар хараллан сытар. Салайааччынан кини төрөппүт кыыһа, мин эдьиийим Екатерина Михайловна Стрекаловская үлэлиир. Оройуон киинигэр Бороҕоҥҥо кини аатынан уулусса ааттанна. Геройдар аллеяларыгар бюһа дьэндэйэр, Өнөр орто оскуолата кини аатын сүгэр.
Хос эһэм, Россия Геройа Михаил Михайлович Стрекаловскай, хос эбэм Александра Михайловна олохторун 7 оҕолоро, 22 сиэннэрэ, 25 хос сиэннэрэ, 2 хос- хос сиэннэрэ салгыыллар.
Эһэбит үтүө аата үйэлэргэ умнуллуо cyoҕa, куруутун умайар суолдьут сулус буолуо, кини аатынан киэн тутта сылдьыахпыт.
Михаил Сыроватский,
VII кылааc үөрэнээччитэ.
Саха саарына Мэхээлэ
Улуу Геройбут Мэхээлэ
Уруй-Айхал эйиэхэ этэбин,
Күүстээх модун санааҕынан,
Кыайыыга дьулуургунан
Холобур эрэ буолаҕын.
Сырдык ыраас санааҕынан
Саха дьонун көмүскээбитиҥ,
Саха саарына буолаҥҥын,
Саллаат, буойун аатыран,
Күүскүн уоххун биэрэн туран,
Герой аатын сүкпүтүҥ.
Улуу геройбут Мэхээлэ
Уруй-айхал буоллун,
Айхал-мичил —
Саха чыпчаал Саарыныгар!
Черноградская Жанна
VI кылааc үөрэнээччитэ/
Уус Алдан улууһун Өнөр орто оскуолата.