Сэтинньи 14 күнүгэр саха литературатын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, прозаик, поэт, драматург Анемподист Иванович Софронов-Алампа айар үлэтин сэҥээрээччилэр саха балаҕаныгар муһуннулар.
Ол курдук, сүгүрүйэр суруйааччыбыт төрөөбүт күнүгэр сөп түбэһиннэрэн Кэбээйи нэһилиэгин «Күбэйэ» эбээлэр түмсүүлэрэ, «Алаас сэһэнэ» аайр куттаахтар түмсүүлэрэ уонна саха тылын, литературатын учууталларын холбоһуга бэрт сэргэх тэрээһин ыыттылар.
Көрсүһүү Алампа «Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр» кырыымпа доҕуһуоллаах ырыанан саҕаланна.
Дьоро күн иһинэн 2-4, 5-9 кылаас оҕолоругар Алампа хоһооннорун хомоҕойдук ааҕыы күрэҕэ буолла. Күрэххэ барыта 40-тан тахса оҕо араас хоһоону истээччини долгутар гына иэйиилээхтик аахтылар. Кыттааччылар поэт «Ыччат сахаларга», «Төрөөбүт дойду», «Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр», “Саха ырыата» о.д.а. хоһооннорун бэлэмнэнэн кэлбиттэр.
Саха тылын уонна литературатын учуутала Марина Ивановна Егорова суруйааччы олоҕун, поэзиятын алыптаах эйгэтин туһунан кэпсээнин кыттааччылар да, көрөөччүлэр да астына иһиттибит.
Түмүккэ кыайыылаах кылаастар биһирэбил суругунан уонна өйдөбүнньүк бэлэхтэринэн наҕараадаланнылар, дуоһуйан-астынан тарҕастылар. Оҕолорго инникитин да ийэ тылларыгар, уус-уран литератураҕа, саха суруйааччыларыгар болҕомтолоро өссө күүһүрдүн, тапталлара уҕараабатын диэн баҕарабыт!
“Дьоҕур” пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.