Алаас, сайылык диэн өйдөбүллэр саха киһитигэр ураты чугастар. Тоҕо диэтэххэ, бу өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит ситиммит, тыыммыт, салгыммыт буолар. Аныгы саха оҕотугар алаас, сайылык ураты истиҥ өйдөбүллэрин оонньуу көмөтүнэн иҥэриэххэ сөп. Киҥкиниир киэҥ куорат оҕолоругар бу ордук туһалаах.
– Оҕо алааска, сайылыкка сылдьбыт киһи-и-и. Онно туох эрэ ураты үчүгэй баар эбит диэн ымсыыра, ыра санаа оҥосто, саха алааһыгар тардыһа улааталлар, – диэн этэр Дьокуускайдааҕы 82 №-дээх «Мичээр» оҕо саадын физическэй култуураҕа инструктора, «Алаастан алааска» диэн хамсаныылаах оонньуу ааптара Саргылана Александровна Попова.
Оҕолор алаастан алааска баран иһэн араас мэһэйдэри туорууллар.
Үрэҕи далаһанан сыыллан туорууллар. Ыскамыайкаҕа умса сыталлар уонна
илиилэринэн көмөлөһүннэрэн сыыллаллар.
Дулҕалаах сири туорууллар. Миэстэттэн туран, үстэ куобахтыы ыстаналлар.
Күөлгэ кустар уста сылдьаллар эбит. «Кустуубут дуо?» диэн ыйыталлар. Муостаҕа олороллор.
Атахтарын киэҥник уураллар. Мээчиги икки илиилэринэн кэтэхтэригэр туталлар уонна быраҕаллар.
Бырдах да бырдах! Ону үүрэргэ дэйбиир көмөлөһөр. Биир оҕо дэйбиирдээх, атыттар – бырдахтар. Дэйбиирдээх оҕо бырдахтары эккирэтэн таарыйыахтаах. Дэйбииргэ таарыйтарбыт оҕо оонньууттан туоруур.
Ити курдук, оҕолор сүүрэн-көтөн оонньоотулар.
Алааспыт күп-күөх, салгыммыт ып-ыраас.
Тыыммыт уһаата, көхсүбүт кэҥээтэ, харахпыт сырдаата!
С.А. Попова хамсаныылаах оонньуутун сиһилии «Чуораанчык» сурунаал 5№-гэр (ыам ыйа, 2022) көрүөххүтүн сөп.
Худуоһунньук Маргарита Яковлева
Видео Ульяна Павлова
Бэчээккэ бэлэмнээтилэр Сардаана Матвеева, Надежда Сидорова.