Сэтинньи 9 күнүгэр А.П. Лыткина аатынан «Ырыа» нэһилиэк айымньытын дьиэтигэр “Театр+” бырайыак чэрчитинэн 11 төгүлүн «Үөрэҕи-билиини үйэтитиэххэ, тылбыт баайын, кэрэтин туойуохха» инсценировка күрэҕэ буолан ааста.
Туруоруулар норуот суруйааччыта, прозаик В.С. Яковлев – Далан 95, саха биллиилээх поэта, суруйааччыта Г. Г. Вешников – Баал Хабырыыс 105, норуот суруйааччыта Н. Г. Золотарев – Николай Якутскай 115 үбүлүөйдээх сылларыгар ананнылар.
Г.Д. Протодьяконов аатынан I-X кылаас үөрэнээччилэрэ сэргэх, кэрэхсэнэр нүөмэрдэри туруоран, көрөөччүлэри сэргэхситтилэр.
Ол курдук, алын кылаастар Г. Г. Вешников – Баал Хабырыыс хоһооннорунан литературнай-музыкальнай дьүһүйүү көрдөрдүлэр.
V-VII кылаастар Н. Г. Золотарев – Николай Якутскай айымньыларынан инсценировка, VIII-X кылаастар В.С. Яковлев – Далан «Үбүлүөй иннинэ», «Дьикти саас» айымньылар быһа тардыыларын туруордулар. Бу айымньылар «Учуутал уонна уһуйааччы» уонна «Үлэ» сылларыгар туһуланнылар.
Дьүүллүүр сүбэ Анастасия Николаевна Ефремова, саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала, Елена Николаевна Тотонова, «Ырыа» НАДь дириэктэрэ уонна Анна Николаевна Дорбохова, педагог-бибилэтиэкэр туруоруулары сыаналаатылар.
Түмүккэ алын кылаастарга:
«Чулуу аат» — II кыл. (М.В. Оконешникова)
«Бастыҥ туруоруу» — III кыл. (Д.А. Шеломова)
«Бастыҥ ырыа-тойук» — IV кылаас (С.В. Неустроева)
«Кэскиллээх ааҕаачылар» — I кылаас (Ф.Н. Миронова).
Орто кылаастарга:
«Чулуу аат» — VI кыл. (Н.В. Мохначевская)
«Бастыҥ туруоруу» — VII кыл. (К.М. Борисова)
«Бастыҥ декорация» — V кыл. (А.В. Новгородова)
Улахан кылаастарга:
«Чулуу аат» — X кыл. (А.Е. Прокопьева)
«Бастыҥ туруоруу» — VIII кыл. (В.Я. Яковлев)
Биирдиилээн хоһоон ааҕааччылар, инсценировка дьоруойдара анал ааттары туттулар.
Бары кыттыбыт кылаастарбытыгар, тэрийээччилэргэ уонна «Ырыа» НАДь киинин үлэһиттэригэр махтанабыт.
Александра Чаҕылысова, X кылаас,
«Алаҕар Кэскилэ» медиа киин
Алаҕар орто оскуолата
Чурапчы