Саха сиригэр балет сайдыытыгар сүнкэн кылааты киллэрбит Аксения уонна Наталья Посельскаялар ааттарын сүгэр Дьокуускайдааҕы балет кэллиэһин (оскуолатын) 1 кууруһун устудьуона Алисия Пак элбэх ситиһиилээх, саха балетын инники кэскилэ буолар. Кини «Студент года-2020», Россия национальнай премиятын регионнааҕы түһүмэҕин кыайыылааҕа, «Творческая личность» номинацияҕа Гран При , V аан дойдутааҕы «Щелкунчик приглашает» куонкуруска III степеннээх лауреат, Аксения Васильевна Посельская аатынан стипендиятын стипендиата буолар. Кини Россия Президенин «Россия – страна возможностей» бырайыагын Москваҕа ыытыллыбыт үөрэтэр бырагырааматыгар кыттан кэллэ. Бу матырыйаалга Алисия Пак уонна балет оскуолатын дириэктэрэ Дмитриева Дария Ивановна интервьюларын ааҕыҥ.
АКСЕНИЯ УОННА НАТАЛЬЯ ПОСЕЛЬСКАЙДАР СИЭННЭРЭ — АЛИСИЯ ПАК
— Сахалар кимтэн кииннээх, хантан хааннаах диэн билсэр угэстэринэн бэйэн тускунан кэпсээ, төрүттэрин кимнээхтэрий?
— Мин Дьокуускайга айар куттаах дьиэ кэргэҥҥэ күн сирин көрбүтүм. Бу Дьокуускайдааҕы балет оскуолата мин хос эбэм аатын сүгэр. Мин хос эбэм Аксения Васильевна Посельская сахалартан аан бастакынан пуанты кэппит, идэтийбит балерина буолар. Эбэм Наталья Семеновна Посельская Саха сиригэр балет сайдарын туһугар олоҕун анаабыт киһи буолар. Ийэлээх аҕам – урбаанньыттар. Бииргэ төрөөбүттэр үһүөбүт: Аркадий Дьокуускайдааҕы Опера уонна балет тыйаатырын солииһа, Александр нуучча уонна ангылычаан тылын учуутала буолаары, устудьуоннуу сылдьар.
— Бу идэҕин хас сааскыттан уонна тоҕо талбыккыный?
— Мин училище иһинэн тэриллибит балет студиятыгар 3 сааспыттан дьарыктаммытым. Онтон «бэлэмнэнии» кылааһыгар киирбитим. Алын кылаастарга балеты көннөрү дьарык курдук көрөрүм, көннөрү эрчиллэрим, үөрэнэрим. Улаатан истэҕим аайы, мин убайбын Аркадийдыын Посельскайдар династияларын салҕааччы буоларбын өйдөөбүтүм. Мин төрүттэрим маннык дьылҕа бэлэҕин оҥорбуттарыгар билигин муҥура суох махтанабын. Мин балеты ис сүрэхпиттэн таптыыбын!
В 2016 году нас с одноклассницами отправили на 1й конкурс в город Тойота, Япония, где я вылетела с финала. После этого поняла, что надо работать больше. В 2018м году, после плодотворной работы, как раз проходил республиканский конкурс «Дивертисмент» среди учащихся колледжа, где я стала Гран-при. Мои труды провели мне дальнейший путь на следующий конкурс «Орлеу» в городе Алматы, Казахстан. Мне было не страшно, я поистине дружелюбный и общительный человек, я легко подружилась с другими участниками конкурса и мы поддерживали друг друга. Я победила. Я победила себя в прошлом, забрав степень лауреата 1 премии в номинации «Современная хореография», 3 премии в номинациях «Народный танец» и «Классический танец». Я была счастлива! В этом же году, я побывала в столице Монголии Улан-Баторе на 1 Монгольском международном конкурсе, с одноклассниками стали дипломантами. В 2019 году в Сеуле, Корея, заваевала диплом. В том же году был очень сложный конкурс мэтра танца Юрия Николаевича Григоровича. Наши соперники были студенты 1,2,3 курсов, а мы учащимися 5-9 классов, но мы смогли пройти во 2 тур в столь юном возрасте. В 2020 году мы участвовали во всероссийском конкурсе артистов балета и хореографов в городе Москва. И в прошлом же году на международном конкурсе «Щелкунчик приглашает»(дистанционно) я стала лауреатом 3-й премии. В этом, 2021, году я стала студенткой, и меня отправили на конкурс лучших студентов «Студент года», где я стала лауреатом 2 степени.
— Оннук, эн Посельскайдар династияларын салҕааччы буолаҕын! Ол эрээри, баҕар, өссө ханнык эмэ атын идэҕэ уерэниэҥ этэ дуо?
— Мин преподаватель буоллуохпун сөп. Маны таһынан, урбаанньыт буолуохпун сөп. Кэпсээн-роман суруйарга, муусуканы айарга да холонуом этэ. Бу барыта – миэхэ чугас.
— Эн олоххор балет эрэ баар дуу, атын дьарык, иллэҥ кэмҥэ хобби баар дуу?
— Кыра эрдэхпиттэн эт-хаан өттүнэн күүскэ дьарыктаммыт буолан, дьарыга суох сатаммаппын. Уруһуйдуурбун сөбүлүүбүн. Уонна, эппитим курдук, кэпсээн-роман суруйарга холонон эрэбин. Кинигэ ааҕабын. Муусукаттан «тяжелый» рок хайысхатын истэбин.
— Туох баҕа санаалааххын?
— Олохпун туһалаахтык уонна чаҕылхайдык олоруохпун баҕарабын. Хос эбэм, эбэм курдук, дойдум историятыгар бэйэм суолбун хаалларыахпын баҕарабын. Эбэм- мин соҕотох кумирым. Сценаҕа бары сүрүн оруолларга үҥкүүлүүр, рок-бөлөххө оонньуур, кинигэ суруйан таһаарар ыра санаалаахпын. Ол эрээри мин тапталым – балет!
ДАРИЯ ДМИТРИЕВА: » УРАТЫ ТЫЫННААХ ЭЙГЭҔЭ КЭРЭҔЭ ТАРДЫҺАР ЫЧЧАТЫ ИИТЭН ТАҺААРАРГА ДЬУЛУҺАБЫТ»
Аксения уонна Наталья Посельскайдар ааттарынан Дьокуускайдааҕы хореографическай кэллиэс (оскуола) дириэктэринэн СӨ үтүөлээх артыыската Дария Ивановна Дмитриева буолар. Дария Дмитриева — «Северный танец» дисциплинаҕа үөрэх бырагырааматын ааптара. Аан дойдутааҕы, россиятааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэр кыттыылааҕа. Москваҕа, Санкт-Петербурга куурустарга үөрэнэн, профессиональнай таһымын үрдэтиммитэ. Кини бастыҥ иитиллээччилэрэ Ангелина Сивцева, Зоя Дансарунова, Тупсууна Татаринова, Саная Черова, Октябрина Дьячкова норуоттар икки ардыларынааҕы, россиятааҕы куонкурустар кыайыылаахтарынан буолаллар.
— Дария Ивановна, баһаалыста, бэйэҥ үлэҥ туһунан билиһиннэр.
— 2020 сылга Саха сирин талааннаах ыччатын балет үрдүк искусствотыгар уһуйар кыһа 25 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтибит. Биһиги оскуолабыт Саха сиригэр балет сайдыытыгар сүнкэн кылааты киллэрбит Аксения уонна Наталья Посельскаялар үтүө ааттарын сүгэр. Наталья Посельская дойдубут Уһук Илин өттүгэр профессиональнай үөрэх кыһата аһылларыгар сүдү кылаатын киллэрбит мындыр өйдөөх, кэскиллээҕи, үйэлээҕи олоххо киллэрбит, уһулуччулаах салайааччы, дириҥ билиилээх педагог буолар.
Балетнай оскуола уонна устудьуоннар олорор уопсай дьиэлэрэ Наталья Посельская көҕүлээһининэн, өрөспүүбүлүкэбит Бастакы Президена Михаил Ефимович Николаев өйөбүлүнэн, Саха өрөспүүбүлүкэтин «Барҕарыы» национальнай фондатын бырайыагынан уонна үбүлээһининэн арыллыбыттара.
Өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан талааннаах оҕолор кэлэн үөрэнэллэригэр толору хааччыллыылаах олорор усулуобуйа тэриллэн, бары күүспүтүн, өйбүтүн-санаабытын түмэн үлэлиибит. Үөрэтэр-иитэр, айар кэллэктиип үлэтигэр, сарсыҥҥыбытын саргылыыр, сайыннарар, саҥа саҕахтары арыйар педагогтарбыт РФ, СӨ үтүөлээх артыыската, П.А Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата О.И. Абрамова, СӨ народнай артыыстара Д.Н. Дмитриев, Г.В. Дулова, СӨ үтүөлээх артыыстара Д.И. Дмитриева, Д.Г.Иванова, СӨ культуратын туйгуннара Г.В. Эверстова, А.К. Киргитаун, Т.В. Алексеева, биһиги выпускниктарбыт РФ уонна СӨ үтүөлээх артыыската Е.Л. Тайшина, СӨ үтүөлээх артыыстара А.Д. Попов, Р.И. Хон, СӨ культуратын туйгуна А.С. Скрыбыкин, эдэр кэскиллээх педагогтар Н.Н. Багынанова, А.Т. Сидорова, Ж.Г. Попова, Дьокуускайдааҕы балетнай колледж выпускниктара Америка, Кэриэйэ, Россия куораттарыгар, Д.К.Сивцев -Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет театрыгар, С.Зверев -Кыыл Уола государственнай үҥкүү, Хотугу Норуоттар театрдарыгар, «Гулун» ансамблга ситиһиилээхтик үлэлии сылдьаллар.
— Үөрэнээччилэргиттэн кими ордук бэлиэтиэҥ этэй?
— Биһиги үөрэнээччилэрбит, устудьуоннарбыт Россия, Казахстан, Монголия, Япония, Кэриэйэ, Италия дойдуларыгар ыытыллыбыт үрдүк таһымнаах куонкурустарга ситиһиилээхтик кытталлара биһиги сыралаах үлэбит түмүгэ буолар. Бастыҥ үөрэнээччилэрбит, устудьуоннарбыт Сочи куоракка «Сириус» үөрэҕэрии киинигэр «Талаан уонна Ситиһии» фондатыгар билиилэрин хаҥата, үүнэ-сайда үрдүк категориялаах, балет искусствотын биллиилээх маастардарыгар үөрэнэ бараллара үтүө үгэскэ кубулуйда. Үбүлүөйдээх 2020 сылга Алисия Пак, 1 куурус устудьуона, Россия национальнай премиятын региональнай түһүмэҕэр «Студент года-2020», «Творческая личность» номинацияҕа Гран При, V Аан дойдутааҕы «Щелкунчик приглашает» куонкуруска III степеннээх лауреат аатын, «Студент года 2020» Россиятааҕы бириэмийэ лауреата « Творческая личность» номинацияҕа, А.В.Посельская аатынан стипендияны чиэстээхтик ылары ситиспитэ. Колодезникова Алена, 1 куурус устудьуона, Россияҕа ыытыллар ХIХ Дельфийскай оонньууларга хореография салаатыгар бронза мэтээли, СӨ Ил Дарханын 2020 сыллаах стипендиата буолар үрдүк чиэскэ тиксибитэ. Одинцов Иван, I куурус устудьуона, I өрөспүүбүлүкэтээҕи «Дивертисмент» классическай үҥкүү куонкуруһугар кыһыл көмүс мэтээли ылбыта, Юрий Григорович аатынан VII аан дойдутааҕы «Молодой балет мира» Сочи куоракка ыытыллыбыт куонкуруска ситиһиилээхтик кыттыбыта, Россия национальнай бириэмийэтин регионнааҕы «Студент года — 2020» түһүмэҕэр, «Профессионал года» номинацияҕа 2 степеннаах дипломант. Кини Москва куоракка ыытыллыбыт Россиятааҕы балет артыыстарын уонна хореографтарын куонкуруһугар бронза мэтээли ылбыта, Галина Уланова аатынан фонда стипендиата буолбута чаҕылхай ситиһии буолар.
Биһиги үөрэхпит кыһатыгар араас сылларга Япония Фукуоки, Нагоя, Коби куораттарыттан талааннаах оҕолор кэлэн олорон, үөрэнэн, биһиги педагогтарбытыгар стажировканы барбыттара. Куруми Хориике маҥан хаар үллүктээх, тоһуттар тымныылаах Саха сиригэр 9 саастааҕар кэлбитэ, билигин I кууруска утумнаахтык, дьулуурдаахтык, кыһамньылаахтык үөрэнэ сылдьар. Сахабыт норуота баай культуралаах омук быһыытынан Аан дойдуга биллэр. Суруйааччы Иван Гоголев-Кындыл «Сказочная долина» айымньытынан балеты Балетнай оскуола үөрэнээччилэригэр, устудьуоннарыгар анаан, Опера уонна балет театрын кылаабынай балетмейстра Екатерина Тайшина туруорбутун, биһиги үөрэхпит кыһатын суолун тэлбит, үйэлээҕи олоххо киллэрбит, Саха балетын искусствотын үрдүккэ көтүппүт Наталья Посельская 75 үбүлүөйдээх сааһыгар муус устар ый 12 күнүгэр күүтүүлээх көрөөччүлэрбитигэр бэлэх уунуохпут!
— Балет эйгэтигэр ханнык хаачыстыбалаах киһи үлэлиэн сөбүй?
— Балет профессиональнай искусствотыгар үөрэнэр оҕолор ураты тыыннаах эйгэҕэ, музыка алыптаах дорҕоонугар, үнкүү нарын хамсаныыларыгар уйдаран, кэрэҕэ тардыһыылара күүстээх, дууһалара сырдык, өйдөрө-санаалара ыраас, талан ылбыт идэлэригэр бэриниилээх, олоххо сыаллаах ыччаттары үөрэтэн-иитэн таһаарарга дьулуһабыт. Балетнай оскуола үөрэҕин кыһатыгар туттарсар оҕолор куонкуруска икки көрүүнү ааһан, үһүс сырыыга хамыыһыйа иннигэр көрүүнү ааһан, туттарсан киирэллэр.Оҕо айылҕаттан талаанын, быһыытын-таһаатын, уҥуоҕун-иҥиэҕин, эт-хаан өртүнэн сайдыытын, тас көстүүтүн, муусуканы төһө табатык истэрин көрөбүт уонна саамай улахан ирдэбилбит — оҕо чэгиэн-чэбдик, доруобай буолуохтаах. 1-4 кылааска диэри биһиги оскуолабытыгар үөрэнэн бэлэмнэниини ааһаллар, 5 кылааска сүүмэрдиир хамыыһыйаны ааһан, Балетнай оскуолаҕа үөрэнэ киирэллэригэр суол аһыллар.
— Саха оҕолоро балетка барсаллар дуо? Эт-хаан өттүнэн.
— «Саха — айылҕаттан үҥкүүһүт омук» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Омугуттан тутулуга суох, ханнык да омук буоллун, талааннаах, баҕалаах, тулуурдаах, күүстээх харахтердаах, темпераменнаах, артистичнай, талан ылбыт идэтигэр бэриниилээх, ис-сүрэҕиттэн кыһаллар оҕо син-биир сыалын ситиһэр.
— Балерина буолуон баҕалаах оҕоҕо тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Балет, профессиональнай спорт курдук, эт-хаан өртүнэн сайдыылаах, дьулуурдаах, эппиэтинэстээх, кытаанах дьаныардаах тохтоло суох үлэни эрэйэр. Ситиһии былааннаах, тэрээһиннээх, таһаарыылаах, сыаллаах-соруктаах үлэ кэнниттэн кэлэр. Ситиһии үрдүк чыпчаалларга, чаҕылхай кыайыыларга кынаттыыр! Биһиги Балетнай оскуолабыт иһинэн «Балеринка» балетнай студия үлэлиир. Оҕолор студияҕа нэдиэлэҕэ 2-тэ дьарыктаналлар. Оҕолор кыра эрдэхтэриттэн кэрэ эйгэтигэр сылдьан, классическай үҥкүүгэ үөрэнэллэр, имигэс, грациялаах, көбүс-көнө уҥуохтаах буолаллар, художественнай-эстетическай өртүнэн көрүүлэрэ сайдар, музыкальнай грамотанан дьарыктаналлар. Студияҕа дьарыктанар оҕолору үрдүк категориялаах педагогтар, хас биирдии оҕоҕо болҕомтолорун ууран, үөрэтэллэр. Сезон сабыллыытыгар төрөппүттэригэр отчуоттуур айар кэнсиэр көрдөрөллөр.
Сахабыт сиригэр балет профессиональнай искусствота сайдыытыгар, айылҕаттан талааннаах оҕолору ураты үөрэх кыһатыгар үөрэнэ кэлэргитигэр ынырабыт!