Эдэр сааска күн-дьыл барыта сырдык, кэрэ. Уолаттар, кыргыттар бириэмэлэрин күлэн-үөрэн атаараллар. Бу иннинээҕи биэрии икки таһаарыыларыгар ньургун уолаттар килбэйбит буоллахтарына, бүгүн эһиэхэ анаан ыллыыр Полина Горохова! Кини Уус-Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгиттэн төрүттээх. Оскуоланы быйыл ситиһиилээхтик бүтэрдэ. Бэйэтэ ырыа суруйан холонор. «BreakOut» бөлөх «Күөх хааллаан» ырыатын толорор. Аккордара: Am, C, G, Em. Көрүҥ, сэргээҥ, үөрэниҥ!