Үгүс көлүөнэни билии-көрүү аартыгар кынаттаабыт, үйэ кээмэйдээх баай историялаах, өрөспүүүбүлүкэ бастыҥ оскуолаларыттан биирдэстэрэ Майа орто оскуолата техническэй наука доктора, профессор, сахалартан бастакы академик В.П.Ларионов аатын киэн тутта сүгэр. “Мэҥэбил” пресс-киин салайааччыта Изабелла Романова билиһиннэрэр.
Төрөөбүт дойдутун сайдыытын, кэскиллээх инникитин туһугар олоҕун анаабыт, саха норуотун уһулуччулаах учуонайа уонна науканы тэрийээччитэ, норуотун ааттатар чулуу Владимир Петрович Ларионов баараҕай байҕал кэриэтэ дириҥ ис хоһоонноох олоҕор төһүү күүс буолбут кэрдииһинэн үөрэммит оскуолата буолар. Төрөөбүт дойдутун туһугар бэриниилээх олоҕун, научнай, техническэй арыйыыларын, айымньылаах үлэтин кэнчээри ыччат холобур оҥостон үүннүн-сайыннын диэн Майа II–III сүһүөхтээх оскуолатыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин 2004 с. кулун тутар 9 күнүнээҕи 1481 №-дээх Ыйааҕынан академик аата иҥэриллибитэ. Ити дьыл оскуолаҕа В.П.Ларионов аата иҥэриллибитин туоһулуур өйдөбүнньүк дуоска үөрүүлээхтик аһыллыбыта. 2005 с. оскуола 95 сылыгар В.П.Ларионовка анаммыт мемориальнай дуоска туруоруллубута.
Күн-бүгүн В.П.Ларионов аатынан сорох биридимиэттэри дириҥэтэн үөрэтэр Майа уопсай үөрэхтээһин орто оскуолатын коллектива Владимир Петрович: «Биһиги баай кыраайбыт сайдыыта уонна инникитэ физико-техническэй уонна тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэриттэн тутулуктаах», ‒ диэн этиитигэр тирэҕирэн политехническэй уонна агротехнологическай хайысханан үлэлиир. Тыа сиригэр олорон үлэлиир-хамсыыр, сатабыллаах, булугас өйдөөх ыччаты иитэр-үөрэтэр сыаллаах-соруктаах «Бизнес-инкубатор» тэриллибитэ. Үөрэнээччилэр эбии дьарык, куруһуок, лааҕыр чэрчитинэн үүнээйи олордорго, сири-буору оҥорорго, хаһаайыстыбаны тэринэргэ, дьаһанарга үөрэнэллэр. Үөрэх бырагыраамаларыгар агро-компоненнар киллэриллибиттэрэ..
1997 сылтан оскуолаҕа Ларионовскай ааҕыылары ыытыы үгэһэ олохтонно. 2005 с. олунньу 10–11 күннэригэр улууска «Светлая память академику В.П.Ларионову» үөрэнээччилэр бастакы научнай-практическай конференциялара ыытыллыбыта. Билигин конференция кэҥээн Бүтүн дойду таһымнаах ыытыллар буолла. Кэнчээри ыччаты наука эйгэтигэр кынаттыыр Ларионов ааҕыылара бастакы академик В.П.Ларионов сырдык ыра санааларын, научнай идеятын салҕааччылары, туйах хатарааччыларын күн-бүгүнүгэр диэри иитэр-үөрэтэр, билии-көрүү аартыгар кынаттыыр.
Үөрэнээччилэр техническэй наука докторын туйаҕын хатаран куруһуоктарга, эбии дьарыктарга техническэй айар үлэнэн утумнаахтык дьарыктанарга кыһаналлар. Сыллата Ларионов декадатын чэрчитинэн научнай-техническэй айар үлэ быыстапката тэриллэр. Быыстапка техническэй айар үлэҕэ талааннаах, дьоҕурдаах оҕолору өйүүр сыаллаах-соруктаах.
Владимир Петрович Майа орто оскуолатыгар туйгуннук үөрэммитин, эҥкилэ суох бэрээдэктээҕин туһунан учууталларын, бииргэ үөрэммит доҕотторун ахтыылара кэрэһэлииллэр. Академик аатын сүгэр оскуола үөрэнээччилэрэ Володя Ларионов үтүө холобурунан туйгун үөрэхтээх буоларга дьулуһаллар. Научнай дакылааттарынан утумнаахтык дьарыктан Москва, Санкт-Петербург, Верхний-Уфалей, Сочи, Нижний-Новгород куораттарынан дойду, норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэлэргэ ситиһиилээхтик кытталлар. Академик төрөөбүт күнүгэр сөп түбэһиннэрэн, туйгун үөрэнээччилэри «Володя Ларионов дневнигэр» киллэрии, Туоһу сурук туттарыы тэрээһиннэрэ сыллата ыытыллаллар.
Үтүө киһи аата үс үйэ тухары ааттанар диэн өс хоһоонугар этиллэринии, сахаттан бастакы академик В.П.Ларионов аата-суола, дойдутун, норуотун туһугар айбыт-туппут, үлэлээбит олоҕо кэнчээри ыччакка суолдьут сулус буолан, билиигэ-көрүүгэ, сайдыыга күннэтэ салайсар.