Афанасий Васильевич Чугунов РФ, СӨ наукаларын үтүөлээх деятелэ, СӨ Наукаларын академиятын академига, аграрнай үөрэхтээһин Норуоттар икки ардыларынааҕы академиятын академига, Хотугу форум Академиятын академига, тыа хаһаайыстыбатын наукаларын доктора, профессор, СӨ наука уонна техника салаатыгар Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, РФ үрдүкү профессиональнай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, СӨ Учууталларын учуутала, СӨ үөрэҕин тиһигин Бочуоттаах ветерана, РФ Суруйааччыларын сойууһун, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Саха сирин бочуоттаах олохтооҕо, академик аатын сүгэр Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Мэлдьэхси агрооскуолатын попечителэ, сылын аайы сыл бастыҥ үөрэнээччитигэр бириэмийэ олохтуур.
Кини 1938 сыллаахха тохсунньу 26 күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун Мэлдьэхси нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Учуонай-зоотехник идэлээх, 1966 сылтан СГУ ТХФ, онтон ССТХГА преподавателинэн үлэлиир. 11 монография уонна кинигэ, 230 научнай ыстатыйа, 60 үөрэтэр-методическай үлэ, 180 публицистическай ыстатыйа уонна 17 литературнай-уус-уран кинигэ ааптара. Профессор А.В. Чугунов өрөспүүбүлүкэҕэ агротехнологическай хайысхалаах уопсай үөрэхтээһин оскуолаларын тэрийиини көҕүлээччилэртэн биирдэстэрэ уонна научнай консультана буолар.
Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Мэлдьэхси агрооскуолатыгар академик А.В.Чугунов аата иҥэриллибитэ.
Афанасий Васильевич Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун уонна Мэлдьэхси, Дьаҥхаады нэһилиэктэрин, Саха сирин Бочуоттаах гражданина.
Афанасий Васильевич Чугунов «Доҕордоһуу» уордьан, «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээл кавалера, А.С.Макаренко, академиктар С.И.Вавилов, Н.В.Черскэй ааттарынан бочуоттаах мэтээллэринэн, СӨ Президенин, Бырабыыталыстыбатын, Судаарыстыбаннай Мунньах (Ил Түмэн) Бочуотунай Грамоталарынан наҕараадаламмыта.
Бүтүн Арассыыйатааҕы «Чугунов ааҕыылара» диэн агрохайысхалаах оскуолалар, анал үөрэхтээһин кыһаларын истэригэр ыытыллар научнай-практическай кэмпириэнсийэ тыа сирин үлэтин ис хоһоонун дириҥник чинчийэр, үөрэтэр уонна ону үлэҕэ-дьарыкка, наукаҕа тургутан көрөр үлэлээх ыччаттарбытын хаһыс да төгүлүн түмэр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах олохтооҕо, СӨ уонна Арассыыйа наукаларын Үтүөлээх диэйэтэлэ, академик, профессор Афанасий Васильевич Чугунов аатынан тыа хаһаайыстыбатын бары салааларын хабар уонна тыа сирин олоҕун сиэрин, историятын, кэскилин сырдатар ис хоһоонноох кэмпириэнсийэ 2008 сылтан ыла тэриллэн ыытыллар, сыл ахсын эйгэтэ кэҥээн, кыттааччыта эбиллэн, тупсан-сайдан иһэрэ кэрэхсэнэр.
Билии күнүнэн академик Афанасий Васильевич Чугунов төрөөбүт оскуолатыгар — кини аатын сүгэр Мэлдьэхси орто оскуолатыгар бэйэтин эҕэрдэтин ыыппытын манна таһаарабыт:
Күндү оскуолам учууталлар, үөрэнээччилэр, төрөппүттэр!
Эһигини Билии уонна Cаҥа үөрэх күннэринэн эҕэрдэ! Бүгүн киһи аймах саамай күнду баайа «Билии» бырааһынньыга. Билиилээх киһи хаһан да олох эйгэтин хайа да көрүҥэр кыайыылаах тахсар, кэрэхсэнэр. Билии норуоту иитэр, сайыннарар, көҕүлүүр, быыһыыр, сирдиир күүс буолар. Билиилээх киһи олоҕун уйгутун сатаан оҥостор, үлэлиир-хамсыыр. «Билии» диэн тылтан «Билии» (наука) диэн өйдөбүл үөскүүр.
Оҕолоор! Ити «билии», «билиим» диэн өйдөбүллэр күн бүгүҥҥү оскуола саҥа үөрэҕин күнүттэн – балаҕан ыйын 1 күнүттэн саҕаланар, саҕыллар. Ол курдук билии дыбарыаһыгар – оскуолаҕа аан маҥнай үөрэнэ кэлбит I кылаас оҕолоро, дьэ бүгүҥҥү күнтэн «билиигэ» сыстаҕыт, олоххут сырдык сулуһа чаҕылыйа тыгар. Сороххут аны уонча сылынан оскуоланы бүтэрэн, салгыы үөрэнэн, идэ ылан, өссө аһара үөрэнэн, үрдүккэ талаһа «билии» дириҥ далайыгар умсаахтыа. Барыта бүгүҥҥү күнтэн саҕаланар. Ол барыта силбэһэр ситимнээх, үөрэххэ, үлэҕэ дьулуурунан кэмнэнэр.
Хаһан эрэ үөрэнэн бүтэрбит, Үрүҥ күн диэки үөһээ үтэйбит оскуолам барахсан учууталлара, үөрэнээччилэрэ, мин бүгүннү үөрүүлээх күҥҥүтүгэр эһигини кытта бииргэ буолабын. Кутум сүрүм эһиги ортоҕутугар, ханна эрэ саһан эһигини кытта сэлэһэр, үөрэр-көтөр!
Оҕолоор! Эһигини олус эрэнэбин, кэтэһэбин – эһигиттэн төрөөбүт үөскээбит нэһилиэккит дьиҥ патриоттара, оскуолаҕыт киэҥ туттар үчүгэй үлэһит, үөрэхтээх дьон үүнүөхтэрэ диэн.
Бүгүҥҥү Билии бырааһынньыгын, үөрэх саҥа сылын модун кэрэ күннэригэр биир баҕабын этиим! Бу этэрим оскуола 9-11 кылаастарыгар туһуланар – девиз суолталанар. Ол ис хоһооҥҥо маннык «Оскуола–идэ–тыа сирэ» диэн буоллун. Онуоха кылааһынан тутуспутунан орто, үрдүк үөрэхтэргэ киирии, тутуспутунан төрөөбүт нэһилиэккэ төннүү! Ким учуутал, эмчит, тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ, култуура, олох-дьаһах идэлэрин баһылаан өбүгэлэр өтөхтөрүгэр төннөн кэлэн үлэлээн-хамсаан, олоҕун оҥостон, оҕо-уруу тэнитэн, төрөөбүт түөлбэтин социальнай, культурнай олоҕор, саха омук ахсаанын, тылын, искусствотын сайдыытыгар төһүү күүс буоларгытыгар, онон ытык иэскитин чиэстээхтик толороргутугар ыҥырабын. Онуоха норуокка этиллэринии «ханна төрөөбүккүнүй да онно туһалаах буолаҕын». Маныаха олохтоох администрацияны кытта договор (сөбүлэҥ) түһэрсэн үөрэнэр сылларга стипендия анатыахха сөп.
Саха ыччатын историятын биир кэрэ кэрдиис кэмэ – «оскуола-производство-ВУЗ» диэн хамсааһын этэ. Ыччаты коллективизм (сомоҕолоһуу), сиэр-майгы, улэ-чиэс, инникини удумаҕалаһыы, салгыы үөрэххэ баҕаны иитии илгэтигэр төһөлөөх угуйбута күн бүгүҥҥэ дылы эдэр саас өйдөбүлэ (ностальгия) буола кэпсэнэ сылдьар.
Оҕолоор, айылҕа көтөрө-сүүрэрэ эмиэ бэйэлэрэ тус-туспа уйалаах, ойуурдаах, күөллээх-өрүстээх эбээт. Онно үөскээри сыл аайы төннөр. Онтон дьон аймахха ол «төрөөбүт түөлбэ» аатырар. Хаһан да, ханна да буол, ордук сааһырдах аайы, төрөөбүт дойдуга таттарыы күүһүрэ, көҕүлүү ыҥырар эбит.
«Мин үөрэхтэнним, үлэһит буоллум, айбыттарым аттыгар олоробун, улэлиибин, олоҕу уһансабын» диэн санаанан салайтара сылдьыы, онон патриоппун дэнии – бу киһи киэргэлэ буолар.
Үөрэххэ, үлэҕэ ситиһиилэри, олоххо дуоһуйууну баҕарар биир дойдулааххыт:
Саха Өрөспүүбүлүкэтин билимнэрин
академиятын академига, АГАТУ профессора А.В. Чугунов.