Айыылана ырыа эйгэтигэр номнуо 5 сааһыттан биллэн-көстөн барбыта. 2017 сыллаахха Рома Винокуровтыын уонна Мичил Моисеевтыын “Мин көрөбүн сүрэхпинэн” диэн ырыалаах клиптэрэ дьон-сэргэ дууһатын уйадыппыта, долгуппута…
Сырдык ыралаах, күүстээх санаалаах ырыаһыт кыысчаан сотору кэминэн Москва куоракка XI-ис төгүлүн ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы “Белая трость” диэн мөлтөхтүк көрөр оҕолору аналлаах аһымал бэстибээлгэ кытта бараары сылдьар. Онно кини Россия үтүөлээх артыыската Анита Цойдуун бииргэ ыллыахтаах.
Бу үөрүүлээх сонунун Айыылана “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатын ааҕааччыларын кытары тэҥҥэ үллэстэр. Ону тэҥэ, ырыа, айылҕа, үөрэх туһунан тус санааларын кэпсиир.
— Айыылана, Анита Цойдуун кэккэлэһэ туран, биир ырыаны толороору бараргыттан долгуйаҕын?
— Олус долгуйабын, бу дьолбор итэҕэйбэккэ да сылдьар курдукпун. Кыра сылдьан кини ырыаларын сөбүлээн истэр этим.Бу бэстибээлгэ кытта барарым атырдьах ыйга биллибитэ. Ольга Валерьевна Балабкина миэхэ сибээскэ тахсан, барытын олус үчүгэйдик быһааран биэрбитэ.
— Анита Цойу кытта дуэттыыргын ким быһаарбытай?
— Бэстибээл тэрийээччилэрэ бэйэлэрэ быһаарбыттара. Онно кыттар ырыаһыттартан ким кимниин барсыан сөбүн көрөн аныыллар.
— Дьэ, ханнык ырыаны ыллаары сылдьаҕыт?
— Биһиги “Неисправимая” диэн ырыаны толоруохтаахпыт.
— Онно хайдах бэлэмнэнэҕитий?
— Миигин “Голос” диэн ырыаҕа дьарыктанар устуудьуйам салайааччылара Татьяна Егоровна уонна Христофор Эдуардович Саввиновтар эрчийбиттэрэ, онтон Егор Неустроев уһулбута. Москваҕа тиийдэхпинэ, Анита Цойдуун көрсөн, билсиһэн, эбии чочуйан бэлэмнэниэхтээхпит.
— Олоххор өссө биирдэ маннык түгэн тохсойдун, Россия ханнык биллэр ырыаһытын кытта ыллаһыаҥ этэй?
— Мин кыра эрдэхпиттэн Диана Гурцкаялыын бииргэ ыллыырбын ыра санаа оҥостобун. Сүрэхпэр өрүү онтубун иитиэхтии сылдьабын. Ити бэстибээлгэ кини “По зову сердца” диэн пуондата эмиэ тэрийээччи састаабыгар киирсэр. Онон, кыттааччылар бары кинини кытта уопсай ырыа ыллыахтаахпыт. Ону эмиэ олус долгуйа күүтэбин.
— Ырыа эйиэхэ тугу биэрэрий?
— Мин ырыа ыллаатахпына, күүспэр күүс эбиллэр, настарыйыанньам тупсар. Ырыа алыба миигин бары өттүнэн кынаттыыр, кэрэҕэ сирдиир.
— Улааттаххына ырыаһыт буолуоҥ этэ дуо?
— Ити мин өссө биир улахан баҕа санаам буолар. Дьонум-сэргэм сүргэтин көтөҕөр ырыаһыт буолуохпун баҕарабын.
— Инстаграмыҥ сирэйин @cyhyykyyha диэн ааттаабыккын. Чахчы да, айылҕаҕа олус чугаһыҥ дьэҥкэтик көстөр.
— Айылҕаҕа сылдьарбын туохтааҕар да ордоробун. Айылҕа ханнык баҕарар кэмин дыргыл сытыгар, дьикти суугунугар курдаттыы тартарабын.
— Ол сылдьан эйигин ким хаартыскаҕа түһэрэрий?
— Аттыбар өрүү эдьиийдэрим бааллар.
— Ааспыт сайыны хайдах атаардыҥ?
— Олус үчүгэйдик, умнуллубаттык атаардым. Сайылыкка олорон, хаптаҕастаан, отонноон астынным-дуоһуйдум. Оҕуруот аһын дэлэйдик үүннэрбиппитин тото-хана сиэтим.
— Үөрэх дьыла саҕаламмыта номнуо биир ый ааста. Дистанционнай ньыманан үөрэҕи хайдах дии санаатыҥ?
— Аан бастаан наһаа ыарырҕаппытым. Онтон киһи тугу барытын ылынар, үөрэнэр дииллэринии баһылаатым дии саныыбын. Билигин судургутук ZOOM-ҥа киирэн үөрэнэбин. Түгэнинэн туһанан, коррекционнай оскуолам учууталларын барыларын кэлэн иһэр бырааһынньыккытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Чэгиэн туругу уонна үлэҕитигэр үрдүк чыпчааллаах ситиһиилэри баҕарабын.
— Айыылана, үгүс үтүө сонуннаах, кэрэ кэпсээн кэһиилээх эргиллэн кэлэргин күүтэбит.
Вера Петрова