Тохсунньу ыйтан Кэбээйи улууһун Мукучу нэһилиэгэр А.Д.Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы култуура кэллиэһин устудьуоннара быраактыканы бара сылдьаллар. Ол курдук, олунньу 4 күнүгэр Раиса Саввина «Айыыһыты атаарыы» диэн тэттик отчуоттуур киэһэтэ олус сэргэхтик буолан ааста.
Туруоруу айыыһыты атаарыы сиэрин-туомун толорууттан саҕаланна. Иэйэхсит оруолун алгысчыт В.Кондакова олус итэҕэтиилээхтик толордо. Атын оруолларга гимназия үөрэнээччитэ Р. Варламова, » Дайан» сынньалаҥ киинин үлэһиттэрэ кытыннылар, устудьуон Р.Саввина «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхоттон быһа тардыыны олус бэркэ толордо.
«Дэриэбинэчээн» норуот тыйаатырын артыыстара уонна Раиса Саввина «Ньургун Боотур» олоҥхо сүрүн дьоруойдарын ырыаларын толордулар. «Талбаана» фольклор бөлөҕө хомуска оонньоото. «Дайан»сынньалаҥ киинин үлэһиттэрин кытта Раиса Саввина хомуска оонньоото, чабырҕаҕы аахта. Фольклор дьоро киэһэтэ нэһилиэкпит бастыҥ оһуохайдьыттарын уонна Раиса Саввина ураты оһуохайынан түмүктэннэ. Онон Чурапчыттан төрүттээх үүнэн эрэр кэрэ кыыспыт дэгиттэр талааннааҕын, уонна өбүгэбит үтүө үгэһин ыччат киһибит толору баһылаан толороруттан олус диэн астынныбыт.
Дьоро киэһэ минньигэс сандалытыттан биһиги эмиэ арыылаах алаадьы, үчэһэлээх балык амсайдыбыт. Саха фольклорун бары көрүҥүн дэгиттэрдик толорор эдэркээн Раиса Саввинаҕа инникитин өссө да ситиһиилэри, айар үлэҕэр сонун арыйыылары баҕарабыт!
» Арылы» — пресс -бөлөх.
Кэбээйи,Мукучу.