Александр Самсонов Саха сирин биллиилээх ырыаһыта, кинини Айыы Уола диэн псевдонимынан үгүс саха дьоно билэр. Кини бэйэтин кэнниттэн 2 альбому, 30-тан тахса ырыаны суруйан хаалларбыта.
Билигин биһиги нэһилиэкпитигэр Улахан Ааҥҥа Айыы Уолугар анаммыт олус кыраһыабай сквер турар. Онно былырыын 11 кылаас үөрэнээччилэрэ 14 хатыҥы олордубуттара. Онтон быйыл биһиги 8, 10 уонна 11 кылаас үөрэнээччилэрэ Александр Самсонов 45 сааһыгар анаан эбии 31 маһы олортубут.
Үлэбитин 2 күҥҥэ араарбыппыт. Бастакы күммүтүгэр мастарбыт турар сирдэрин бэлиэтээн баран, бары кыра дьаама хаспыппыт. Сарсыныгар уолаттар ойууртан кыра хатыҥнары түөрэн аҕалан олордубуппут, кыргыттар чернозём уонна уу куппуттара.
Үлэлээн бүтэн баран, Айыы Уолун ийэтэ Марфа Иннокентьевна суруйбут сылаас махтал тылларын ааҕан олуһун да үөрбүппүт. Санатан этэр эбит буоллахха, алтынньы 16 күнүгэр киэһэ 17:00 чаастан “Сэргэлээх уоттара” култуура киинигэр Ийэ сылыгар уонна Ийэ күнүгэр аналлаах Айыы Уолун ырыаларынан “Ийэҕэ махтал” диэн күн күбэй ийэлэри уруйдуур дьоро киэһэ буолар. Барыгытын ыҥырабыт!
Сережа ПАВЛОВ,
М.Е. Васильева аатынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолатын
10-с кылааһын үөрэнээччитэ.